#дьиэкэргэнсыла
Улууспут киэн туттар эдэр ыала, аҕыс оҕолоох Анна Викторовна, Александр Саввич Дмитриевтар -- атах тэпсэн олорон кэпсэтии биир күүтүүлээх ыалдьыттара.
Александр Саввич кыра эрдэҕиттэн тапталлаах эһэтэ, Аҕа дойду улуу сэриитин ветерана, үйэтин тухары математика учуутала Савва Васильевич Дмитриев кинини хайдах ииппитин, үйэтин тухары чиэһинэй буоларга уһуйбутун олус истиҥник, ис киирбэхтик кэпсээтэ. Аныгы үйэҕэ оҕону иитии тула санаатын үллэһиннэ, билиҥҥи үйэҕэ төрөппүт биир үксүн оҕотуттан үөрэнэр кэмэ кэлбитин бэлиэтээн эттэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас, улууска түмсүү сылларын чэрчилэринэн итиэннэ республика Ийэлэрин күннэригэр сыһыары тутан, Олоҥхо дьиэтигэр "Кыыс ийэтинээн" улуустааҕы күрэх саҕаланна.
Тэрээһин өрөгөйдөөх чааһа улуус элбэх оҕолоох, көхтөөх олоҕу тутуһар дьоһун-мааны ийэлэригэр "Ийэҕэ махтал" бочуоттаах бэлиэни туттарыыттан саҕаланна. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова күн-күбэй ийэлэргэ киэн туттуутун, дириҥ махталын, сылаас алгыһын тиэрдэн туран, ытык бэлиэлэри туттартаата.
Далбар Хотун ийэлэри истиҥник эҕэрдэлээтэхпит буоллун!

#ааҕардьиэкэргэн #дьиэкэргэнсыла #годсемьи
«Ааҕар дьиэ кэргэн» улуустааҕы күрэх түмүгэ таҕыста. Ол курдук, барыта 8 дьиэ кэргэн кыттыыны ылбытыттан “Кэрэни кэрэхсиир дьиэ кэргэн” – Тойтоновтар (П.Н. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолата), “Сахалыы куттаах дьиэ кэргэн” – Федоровтар (Тамалакаан орто оскуолата), “Көлүөнэнэн ааҕар дьиэ кэргэн” – Федотовтар (Кэнтик орто оскуолата), “Тобуллаҕас толкуйдаах дьиэ кэргэн” - Николаевтар (В.Г. Чиряев аатынан Хоро орто оскуолата), “Ааҕыы аргыстаах дьиэ кэргэн” - Чагылысовтар, (Үөһээ Бүлүү, Д.С. Спиридонов аатынан улуус гимназията) номинациялар хаһаайыннарынан буоллулар.
Онтон 1 миэстэни Васильевтар (Дүллүкү орто оскуолата) ылан Лазаревтар бириистэринэн -- 10000 солк., 2 миэстэни Николаевтар (И. Н. Барахов аатынан 1 №-дээх орто оскуола) ылан 5000 солк. уонна 3 миэстэни Михайловтар (М.А. Алексеев аатынан лицей-интернат) ылан 3000 солк. наҕараадаланнылар.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат

Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, Олоҥхо дьиэтигэр "Ыал - олох төрдө" дьиэ кэргэн форума саҕаланна.
Пленарнай чааска сүрүн дакылааты улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна дьиэ кэргэн политикатыгар солбуйааччыта Анна Уларова оҥордо. Ол курдук, "Семейные ценности и традиции в мировоззрении поколений" диэн теманан дакылаакка Анна Михайловна дьиэ кэргэн государственнай политикатын уонна социальнай өйөбүл миэрэлэрин олоххо киллэрии сүрүн позицияларыгар сиһилии тохтоото. Бу хайысхаларынан далааһыннаах, аадырыстаах үлэ дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ, элбэх оҕолонууну өйөөһүҥҥэ, олоҕурбут сыаннастары харааннааһыҥҥа уонна сайыннарыыга туһуланар.
Дойду үрдүнэн ыытыллар дьиэ кэргэн демографическай политиката дойдубут Президенэ Владимир Путин "Об утверждении основ государственной политики по сохранению и укреплению традиционных российских духовно-нравственных ценностей" Ыйааҕар олоҕуруохтаах.

Форум пленарнай чааһыгар дакылааттары истии сүрүн болҕомтону тарта. Ол курдук, улуустааҕы ЗАГС управлениетын салайааччыта Татьяна Кардашевская улуус демографическай көрдөрүүлэрин, форум ытык мааны ыалдьыттара: медицинскэй наука кандидата, СР доруобуйатын харыстабылын сүрүн диетолога Ульяна Лебедева уонна Башкирскай медицинскэй институт доцена Лилиана Даутова ийэ үүтэ оҕо доруобуйатыгар оруолларын, К. С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын түмэлин старшай методиһа Федора Васильева норуот педагогикатын олоххо сыһыаран туһаныы тула санааларын үллэһиннилэр.

Үөрэх салалтатын психолого-педагогическай отделын сэбиэдиссэйэ Мария Спиридонова оҕо иитиитэ дьиэ кэргэн олоҕуттан тутулугун, О.Д.Федорова аатынан киин библиотека директора Тамара Саввинова "Оптуорунньук -доруобуйа күнэ" бырайыак, Тамалакаан нэһилиэгиттэн Марианна Саввинова өбүгэ дьарыгар оҕону сыһыарыыга аҕа оруолун, улуустааҕы дьахталлар сэбиэттэрин салайааччыта Ольга Тумусова үлэлэрин-хамнастарын, дьахталлар сэбиэттэрин чилиэнэ Изабелла Саввинова үтүө дьыала чэрчитинэн бастыҥ бырайыактар дьахталлар сэбиэттэрин чилиэнэ Изабелла Саввинова үтүө дьыала чэрчитинэн бастыҥ бырайыактар, Ороһутааҕы сынньалаҥ киинин директора Анна Иванова оҕолорун иитии уопутун, стоматолог быраас Анна Кардашевская эдэр ийэлэр түмсүүлэрин, онтон да атын темаларга киэҥ хабааннаах, ырытыылаах кэпсэтиилэр таҕыстылар.

"Ыал - олох төрдө" форум үлэтин салгыыр.
Барыта 4 трегынан: "Здоровое питание - здоровая семья", "Мы вместе - семьи с особенными детьми", "Формирование семейных ценностей" - "Иитии үтүө үгэстэрин ситимэ - олоххо" уонна "Плечом к плечу" анал байыаннай дьайыыга информационнай, психологическай көмөнү оҥорууга туһуламмыт хайысхаларынан кэпсэтиилэр, санаа атастаһыылара ыытылыннылар.
Тэрээһиҥҥэ улууспутугар дьиэ кэргэн уонна демография политикатын олоххо киллэриигэ эппиэтинэһи сүгэр тэрилтэлэр уонна түмсүүлэр кыттыыны ылаллар.

Исидор Барахов аатынан оскуола директора Семен Михалев алта уоллаах дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ төрөппүттэрэ туохха ураты болҕомтону уурбуттарын туһунан киһи болҕомтотун тардар, элбэххэ үөрэтэр кэпсээнин болҕойон иһиттибит.
Ол курдук, аҕа уол оҕону иитиигэ оруола, үлэнэн иитии, кырдьаҕаска убаастабыл, аймаҕы өрө тутуу, үөрэххэ ирдэбил, эти-сиини эрчийии уонна кинигэни ааҕыы Михалевтар дьиэ кэргэттэригэр ордук өрө тутуллар.
Түмүккэ Семен Анатольевич аан дойдуга соҕотох К.С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын музейыгар саҥа дьиэни туттарыы, сөптөөх усулуобуйаны тэрийии барыбыт ытык иэспит буоларын бэлиэтээн туран, бу этиини резолюцияҕа киллэрэргэ этии киллэрдэ.

Ытык педагог, үгүс көлүөнэ үөрэнээччилэрин тапталын ылбыт учуутал Григорий Степанович Золотарев дьиэ кэргэҥҥэ уонна оскуолаҕа оҕону иитии тула санааларын үллэһиннэ. Обществоҕа эр дьон оруола намтааһына оҕону иитиигэ улахан охсуулааҕын, ыһыллыыны таһаарарын бэлиэтээн эттэ.

Ксения Илларионовна Жиркова, Дмитрий Спиридонович Спиридонов төрөппүт кыыстара Раиса Дмитриевна Спиридонова ийэлээх аҕатын икки ардыларыгар сөҕүрүйбэт тапталлара уон оҕону иитиигэ сүрүн төһүү буолбутун кэпсээтэ: "Десять детей - дети большой любви Спиридоновых. Их союз, действительно, на редкость был гармоничным и крепким, и, как шутливо говорил глава семьи, "единством противоположностей". Любовь родителей, взаимные бережные отношения - один из главных ценностей семейного счастья".

Үөрэх управлениетын үлэһитэ Сардаана Жендринская "Күн тэҥэ күндү киһибит" иһитиннэриитигэр аҕыс оҕону эбээ, эһээ көмөтө суох соҕотоҕун ииппит ийэтэ Мария Макаровна Николаева барахсан хайдахтаах ыарахаттары көрсөн оҕолорун атахтарыгар туруорбутун туһунан иһирэхтик аҕынна.

Ороһу нэһилиэгиттэн Галина Котоконова, Андрей Иванов - приемнай дьиэ кэргэн. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тыа сирин ытык ыала сэттэ оҕону иитэн, улаатыннаран, барыларын киһи эрэ сэргиир, кэрэхсиир, үөрэхтээх, үлэһит дьон гына улаатыннарбыттар. Бу оҕолор бары хас биирдиилэрэ ийэлээх аҕаларын көмөлөрүнэн киһи буолан, дьон кэккэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр бары видео-слайд нөҥүө бэйэлэрин тустарынан кэпсээн туран, күндү төрөппүттэригэр ис сүрэхтэриттэн тахсар барҕа махталларын, тапталларын тиэртилэр ❤️.

"Ыал-олох төрдө" дьиэ кэргэн форума түмүктэннэ. Барыта 4 трегынан барбыт үлэ кыттыылаахтара түмсэн, сүрүн түгэннэргэ тохтоон түмүктэри таһаардылар, резолюция ылыннылар.
Кэнчээри кэскилбит доруобуйатын, инникитин санаан, "Төрүт ас" диэн пилотнай бырайыак олоххо киириитин биир сүрүн этии быһыытынан көрөн, площадканан Ю.Н. Прокопьев аатынан 3 нүөмэрдээх оскуоланы таллылар.
К.С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын музейа хаарбах туруктааҕын учуоттаан, саҥа дьиэ тутуутун республика бюджетыгар киллэрэр кыаҕы дьүүллэстибит.
Улуустааҕы дьахталлар сэбиэттэрин кытта төрөппүттэр кыттыылаах "Школа ответственного родителя" бырайыагынан былааннаах үлэ ыытыллыаҕа.
Нэһилиэктэр дьаһалталарыгар, үөрэх салалтатыгар, улуустааҕы социальнай харалта управлениетыгар, культура уонна духуобунай сайдыы департаменыгар, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар туһааннаах этиилэр резолюцияҕа киирэннэр, далааһыннаах үлэ тиһигин быспакка барыаҕа.