#уһуйаан #кыһа #күрэх #всейсемьей
⭐️ Уһуйааннар төрөппүттэригэр аналлаах күрэх аҕалары түмтэ
Бүгүн 3-с нүөмэрдээх оҕо сайдар киинин "Үрүйэчээн" уһуйаан иитээччилэрин көҕүлээһининэн, Аҕа күнүн көрсө, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо уһуйааннарын иитиллээччилэрин аҕаларын икки ардыларыгар улууспутугар үһүс төгүлүн "Квест-оонньуу 2024" буолан ааста.
Күрэххэ уопсайа 5 хамаанда кытынна. Биирдии уһуйаантан 4-түү төрөппүт кыттара ирдэниллибитэ.
Күрэхтэһээччилэр 6 станциянан сылдьан сорудахтары толордулар.
Бүлүү эбэҕэ сыал ытыыта, тоҥуу хаарынан сүүрэн тиийэн мууһу буурдааһын, хапсаҕайдааһын, канат тардыһыыта курдук күрэхтэргэ аҕалар күөн көрүстүлэр.
Кыайыылааҕынан Нам нэһилиэгин «Кэнчээри» уһуйааһын аҕаларын хамаандата буолла.
Иккис миэстэни Дүллүкү уһуйаанын "Молния" хамаандата ылла.
Үһүс миэстэ - "Теремок" уһуйаан "Крепкие парни" хамаандата буолла.
Маны таһынан үс көрүҥҥэ аҕаларга анал аат олохтонно. Ол курдук, хапсаҕайга Саввинов Гаврил, "Теремок" уһуйаан, сыалы ытыыга - Петров Сергей , Дүллүкү "Кустук" уһуйаан уонна мууһу буурдааһыҥҥа Романятов Константин, Дүллүкү "Кустук" уһуйаан, муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар.
Түгэнинэн туһанан, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтатыгар, үөрэх салалтатын профсойууһун бэрэссэдээтэлигэр Лазарев Леонид Гаврильевичка, Үөһээ Бүлүүтээҕи Ис Дьыала уорганын, ГИБДД управлениетын, Үөһээ Бүлүүтээҕи О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека, оҕо технопарката,
Үөһээ Бүлүүтээҕи баһаарынай этэрээт, Госпожнадзор коллективтарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.
Сонуннарга анаан Вероника Протопопова
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күрэх #оҕосаассыла
🏃♂️ Бүгүн, муус устар 7 күнүгэр Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатыгар икки сылга биирдэ ыытыллар IX регионнааҕы “Сааскылаана” үҥкүү күрэҕэ үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Сүрүн тэрийээччилэр “Сааскылаана” оҕо образцовай үҥкүү ансаабылын салайааччылара - СӨ Үөрэҕэриитин, култууратын туйгуна Сардаана Иванова уонна хореография кылааһын бастакы категориялаах учуутала Уйгулаана Павлова буолаллар.
Быйылгы күрэх Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар ананна. Күрэх оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо саастарынан арахсан ыытылынна.
Оҕолорго уопсайа 30 нүөмэринэн 285 кыттааччы, улахан дьоҥҥо 9 нүөмэринэн 74 кыттааччы күөн көрүстүлэр.
Ол курдук, Ньурба улууһуттан, Үөһээ Бүлүү, Нам, Дүллүкү, Хоро, Харбалаах, Кырыкый, Далыр, Сургуулук нэһилиэктэрин оскуолаларыттан, уһуйааннарыттан, сынньалаҥ кииннэриттэн үҥкүү ансаамбыллара кыттыыны ыллылар.
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар дьиэ кэргэнинэн кыттыбыт Игнатьевтарга бастакы үрдэл уонна «Бастыҥ үҥкүүһүт дьиэ кэргэн” диэн анал аат иҥэрилиннэ.
«Кылаан Чыпчаал” үрдүк аатын оҕолорго Ньурба улууһун “Сир симэхтэрэ” үҥкүү бөлөҕө “Күөрэгэй” диэн үҥкүүтүнэн ылла, салайааччы Седалищева А.Г. уонна Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын директора Анптолий Иванов туруорбут 5000 суумалаах сертификаты тутта.
Улахан дьоҥҥо “Норуот айымньытын киинэ” МАТ “Тосхол” үҥкүү коллектива, салайааччы Июлия Петрова, «Кылаан чыпчаал” үрдүк аатын ылла уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура уонна духовнай сайдыы департамена туруорбут 5000 суумалаах сертификатын бэлэх ылла.
Нам нэһилиэгин “Намыына” общественнай түмсүү коллектива, тэриллибитэ 30 сылын көрсө, П.Н.Тобуроков аатынан сынньалаҥ киинэ туруорбут бирииһин ылла.
Күрэххэ биирдиилээн спонсордаабыт күндү дьоммутугар - СӨ култууратын туйгунугар Татьяна Спиридоноваҕа уонна Сардаана Ильиноваҕа махталбытын тиэрдэбит.
Кыттааччылар бары миэстэҕэ, номинацияҕа тигистилэр, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Сонуннарга анаан Анастасия Данилова

#күрэх
‼️‼️Болҕойуҥ, куонкурус‼️‼️
⭐️ "Үөһээ Бүлүү" хаһыат төрөөбүт күнүн көрсө почта дьааһыгын күрэҕин биллэрэбит. 📮📮📮📬📬📬
Күрэххэ илиинэн оҥоһуллубут почта дьааһыга кыттар. Ураты тупсаҕай көстүүлээх, аныгылыы көрүҥнээх, кимиэхэ да, ханна да суох дьааһык буоллаҕына өссө үчүгэй👍🏻👍🏻👍🏻😍😍😍
Почта дьааһыгын хаартыскаҕа түһэрэн📸📸📸 редакция нүөмэригэр +7 914 820-53-43 эбэтэр [email protected] электроннай почтаҕа атырдьах ыйын 28 күнүгэр диэри ыытаргытын күүтэбит✅✅✅
✍️✍️✍️Хаартысканы ыытаргытыгар толору ааккытын-суолгутун, аадырыскытын суруйан ыытаҕыт.
Күрэх түмүгэ хаһыаппыт төрөөбүт күнүгэр - атырдьах ыйын 29 күнүгэр, хаһыат бэчээккэ барар күнүгэр, биллэриллиэҕэ📰📰📰
👏👏👏Көхтөөх кыттыыны ылыҥ, кыайыылаахтары редакцияттан астык бириистэр күүтэллэр🤩🤩🤩. Ону тэҥэ Россия Почтатын анал бирииһин бастыҥ почтальон илиититтэн тутуоххут🥳🥳🥳.
⭐️ Ураты көстүүлээх почта дьааһыгын оҥостон олбуоргут биир ураты миэстэтин оҥостуҥ, ону сэргэ бэрт судургу күрэххэ кыттан сэргэхсийиҥ диэн ыҥырабыт🤗🤗🤗

#күрэх #тимируустара
Бүлүү куората 390 сылыгар, биллиилээх судаарыстыбанай - бэлэтиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков 125 сааһыгар анаммыт Бүлүү улууһугар ыытыллар аан дойдутааҕы уустар күрэхтэрэ буола турар. Манна Үөһээ Бүлүү улууһун тимир уустара көхтөөхтүк кытталлар.
Үөһээ Бүлүү хамаандатыгар Хоро нэһилиэгин тимир ууһа - Тыымпы Ньургун Догдо уола, Балаҕаннаах нэһилиэгин тимир ууһа Чаный Сырдыын Боло уола, Кэнтик нэһилиэгиттэн уус Афанасьев Анатолий Федорович, Тамалакаан нэһилиэгин тимир ууһа Стручков Станислав Спартакович, ону кытта Кэнтик Чап уустарын салайааччыта, тимир ууһа Тумусов Егор Сысоевич кыттыыны ылаллар.
Тимир уустарыгар ситиһиилэри баҕарабыт!
@uoheebuluu

Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"