#баһылыкотчуота
#тамалакаан
Нэһилиэк биир тутаах киһитэ, көхтөөх олохтооҕо Алексей Руфов сылгы эбии аһылыгар субсидия кэлиэ дуу диэн ыйытыгар улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын специалиһэ Данил Адамов чопчу хоруйун биэрдэ.
Мунньах манан түмүктэннэ, тамалакааттар 2023 сыллааҕы үлэни-хамнаһы биһирээтилэр👍🏻
@ulusmedia
@uoheebuluu

#бырабыыталыстыбаотчуота #Тамалакаан
Тамалакаан нэһилиэгэр бүгүн
Саха өрөспүүбүлүкэтин транспорын уонна суол хаҺаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев салайааччылаах СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө үлэтин саҕалаата.
Олохтоохтор кулууп дьиэни толору мустан СӨ бырабыыталыстыбата ааспыт сылга ыыппыт үлэтин - хамнаһын видео- отчуотунан сэҥээрэ, сэргии иһиттилэр.
Салгыы "СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна" үрдүк ааты Тамалакааннааҕы фельдшерскай - акушерскай пууҥҥа мед. братынан үлэлиир Андрей Иванович Софроновка туттардылар.
Тамалакаан орто оскуолатын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччыта Саввина Зоя Васильевнаҕа СӨ үөрэҕириитин уонна наукатын министиэристибэтин бочуотунай грамотатын туттардылар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Тамалакаан нэһилиэгин баһылыга Петр Иванов
✅ Федеральнай трассаҕа олороллорун быһыытынан, трассаҕа видеокамера туруоруста. Быйыл ааһан иһэр массыыналар икки сылгыны түҥнэри көппүттэрин бэлиэтээн эттэ.
✅ Рейсовай автобуһу туруоруста.
✅Аптека тэриллэрэ кыаллыа дуо диэтэ.
✅ 46 учаастактаах микрорайоннаахпыт. Газификациятыгар экспертизатын аһарда сылдьабыт. Эбии харчы көрүллүө дуо диэн ыйыталаста
✅ Кулууппутугар кинопроектор көрдүүбүт. Икки этээстээх таас кулууп дьиэтин туруорсабыт, уочаракка үһүс сылдьабыт диэтэ.

Нэһилиэккэ аптеканы тэрийии туһунан ыйытыкка
"Бу сылга аптеканы арыйыы приоритет быһыытынан тыа нэһилиэктэригэр арыллыаҕа", - диэтэ СӨ доруобуйатын харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Сергин.

#бырабыыталыстыбаотчуота. #Тамалакаан
"Дойдубут Бэрэсидьиэнэ В. В. Путин көҕүлээһининэн, "Малым городам и селам" диэн бырагырааманан, Саха сиригэр 56 автобуһу ыллыбыт.
Үөһээ Бүлүүгэ олунньу 19 күнүгэр диэри 3 автобус кэлиэхтээх. Улуус дьаһалтата биэрбит сайаапкатынан автобустар "Үөһээ Бүлүү - Харбалаах", "Үөһээ Бүлүү - Дүллүкү" хайысханан сылдьыахтара" , - диэтэ Саха өрөспүүбүлүкэтин транспорын уонна суол хаҺаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев.

Тамалакаан нэһилиэгин баһылыга Прокопий Иванов саҥа микрооройуону гаастааһыҥҥа эбии үп көрүллүө дуо диэн туруорсуутугар СӨ бырамыысыланнаһын уонна геологиятын миниистирин бастакы солбуйааччыта Михаил Кириллин эппиэттээтэ:
- Ити саҥа микрооройуоҥҥа учаастактаах элбэх оҕолоох ыалга уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаттан өйөбүллэр оҥоһуллаллар. Бырайыаккытын бүтэрэн, улуустан гаастааһын бырагырааматыгар киллэриигэ сайаапката ыытаарыҥ, - диэтэ.

Тамалакаан нэһилиэгин олохтоохторо тииһи эмтэниигэ суруттарыы бэрээдэгин, чуолаан тииһи пломбалатан баран, талоҥҥа тиксибэккэ мышьяктарын уһуннук илдьэ сылдьаллар. Хаттаан эмтэнэ барарга үгүс мэһэйдэри көрсөллөр. Маны бэрээдэктиэххэ сөп дуо диэн биир саамай сытыы боппуруоһу туруорустулар.
Ону тэҥэ профориентация боппуруоһун көтөхтүлэр. Ол туһунан хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр сиһилии ааҕаарыҥ.
Тамалакааннар СӨ бырабыыталыстыбатын үлэтин - хамнаһын 100% биһирииллэрин биллэрдилэр. Улууспут куратора Владимир Сивцев салгыы да Үөһээ Бүлүү сайдыытыгар бииргэ үлэлэҺиэхпит диэн этиитин сэҥээрэ, үөрэ иһиттилэр.