Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.2K photos
4.38K videos
9 files
3.94K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Forwarded from СтатИнфо.Ykt
Мамы и папы 👨‍👩‍👦

Сегодня двойной праздник — День матери в Якутии и День отца в России. Поздравляем всех родителей — главных людей в жизни каждого человека ❤️

В карточках рассказываем о детях, мамах и отцах Якутии 📊

#Деньотца #ДеньматеривЯкутии #Сахастат
#Сахасиригэрийэкүнэ #Арассыыйаҕааҕакүнэ

⭐️ Биһиги биир дойдулаахпыт, Ороһу нэһилиэгиттэн төрүттээх Үөрэх уонна наука министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһин уонна иитии боппуруостарыгар Департаменын салайааччытын солбуйааччыта Надежда ЗАХАРОВА төрөппүттэригэр эҕэрдэтин ыытар.

- Мин күн-күбэй ийэм Татьяна Гаврильевна уонна амарах аҕам Игнатий Гаврильевич Кысылбаиковтар оҕону иитиигэ олохторун анаабыт дьон.

Кинилэр биһиэхэ бэйэлэрин холобурдарынан бэйэ-бэйэҕэ, оҕоҕо, үлэҕэ сыһыан үтүө холобура буолаллар.

Мин курдук, бачча сааспар диэри ыал оҕото буолан, атаахтаан, мааныланан сылдьар ологҕм үрдүк дьоло дии саныыбын. Билигин даҕаны, биирдэ эмит дьоммор кэллэхпинэ «оҕо утуйдун, оҕо сылайыа, оҕобут маладыас» диэн сарсыарда эрдэ туран ботугураһан кэпсэтэллэрэ миэхэ туохтааҕар да күндү.

Ийэлээх аҕам курдук дьон ортотугар сылдьар, убаастанар киһи буола улаатыахтааххыт диэн бэйэм оҕолорбор мэлдьи холобур оҥоробун.

Бүгүн Россияҕа аҕалар, Саха Сиригэр ийэлэр күннэригэр күндү дьоммор өссө да уһуннук бэйэ-бэйэҕитин харыстаһан, үөрэ-көтө, этэҥҥэ чэгиэн сылдьаргытыгар баҕарабын. Мин эһигини олус күүскэ таптыыбын, киэн туттабын уонна махтанабын. Биһигини олох очурдарыттан харыстаан, маанылаан, атаахтатан, тапталга суулаан улаатыннарбыккытыгар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Алтынньы 16 күнүнээҕи улуус дьаһалтатын нэдиэлэээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа 2019-2025 с.с. хаарбах дьиэ-уот пуондатыттан көһөрүү туһунан "ВВК-Групп" ХЭТ салайааччыта Евгений Корякин иһитиннэриититтэн саҕаланна.

Бэрэ территориятыгар тутулла турар элбэх кыбартыыралаах икки таас дьиэ ыйыллыбыт болдьоҕуттан кыратык хойутаан киирэр туруктаах.

2024 сылтан саҥа киирэр ирдэбилинэн, саҥа таас дьиэлэргэ интеллектуальнай счётчик холбонуохтаах. Оттон билиҥҥи быһыллан турар тутуу квадратнай миэтэрэтин сыанатыгар бу өҥө төлөбүрэ хайдах да балаһыанньаҕа киирэр кыаҕа суох. Тутуу матырыйаала, оттук сыаната олус үрдээн, үлэлииргэ уустугуран эрэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

2019-2025 с.с. "Дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү" бырагырааманан үлэлэһэр өссө биир тэрилтэ "Тутуу Саха" ХЭТ буолар.

Штатыгар 16 үлэһиттээх тутуу эйгэтигэр сэттис сылын үлэлиир тэрилтэ салайааччыта Ньургун Саввин тутуу үлэтин туһунан иһитиннэрии оҥордо.

МСО территториятыгар тутулла турар элбэх кыбартыыралаах дьиэ былаан быһыытынан тутуллан бүтэн эрэр. Оҕо былаһааккатын туруоруу саҕаланыаҕа. Матырыйаал 100% ылыллан турар.

Тутууну түмүктээн үлэҕэ киллэрэргэ олус кыра кэм бэриллэрин бэлиэтээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

"Стройинжиниринг" ХЭТ салайааччыта Алексей Поскачин хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар киирсэн, тутулла турар эбийиэктэрин туһунан иһитиннэрдэ.

- Тэрилтэҕэ биир үксүн олохтоох ыччат үлэлиир. Бастакы сылларга тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах үлэһиттэри булар уустук курдук этэ. Билигин үөрэттэрэн, спец. тиэхиньикэнэн толору хааччыллан, үлэлииргэ чэпчээтэ. Оройуон киинигэр тутуу матырыйаалын оҥорор тэрилтэлэртэн наадабытын атыылаһа олоробут.

Быйыл Дүллүкү нэһилиэгэр 16 кыбартыыралаах таас дьиэ тутуллан бүтэн эрэр. Эһиилги үлэ былааныгар Боотулууга 12, Үөһээ Бүлүүгэ 55 кыбартыыралаах таас дьиэлэри тутуохтара.

Гравий, щебенка, цемент курдук олус наадалаах матырыйааллары улахан тэрилтэлэргэ бастакынан биэрэр буолан, кыра тутааччыларга "инертнэй" матырыйаал кэлиитигэр быйыл күчүмэҕэйдэри көрсүбүттэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

"Строймонтажкомплект" ХЭТ учаастак начаалынньыга Федор Болтоков дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраама чэрчитинэн тутулла турар 2 эбийиэктээх. Тутуу болдьоҕор кыайан бүппэт туруктанан, биир эбийиэги туттарыыны эһиилги сылга көһөрөргө үлэлэһэ сылдьар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуустааҕы үөрэх салаатын үлэтин туһунан үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы Леонид Огочонов иһитиннэрдэ.

БКЭ түмүктэрин билиһиннэрдэ. Быйыл оскуоланы 195 оҕо бүтэрбититтэн, 43 выпускник М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээти бүтэрбит.

187 выпускник судаарыстыбаннай түмүктүүр экзамены 187 оҕо БКЭ халыыбынан туттарбыт.

БКЭ түмүктэринэн көстөрүнэн, хаачыстыба олус үчүгэй буолбатах. Оҕолор суруктара-бичиктэрэ сыллата мөлтөөн иһэрин бэлиэтээбиттэр. Оскуолалар материальнай- техническэй хааччылыыта өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ортонон сыаналанар. Оскуолаларга учууталлар тиийбэттэрэ эмиэ бу көрдөрүүгэ охсууну биэрэр сүрүн боппуруос. Билиҥҥи туругунан, улуус үрдүнэн 40 учуутал миэстэтэ аһаҕас турар.

Учуутал идэтигэр үөрэнэр оҕолорбут үөрэхтэрин бүтэрэн баран ТОҔО төрөөбүт улуустарыгар үлэлии кэлбэттэрий?

Манна ким-туох санаалааҕын комментарийга киирэр суруйуоххутун сөп.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
📍«Пешком по неизведанным тропам», следующая остановка — Якутия!

👣 Участница конкурса «Дальний Восток – Земля приключений» Туйаара Портнягина отправилась в однодневный поход вдоль реки Моркоки по берегу с песчаниками и глинистыми сланцами. Она стартовала от заброшенного поселка дорожников, а на маршруте проходила через опустелый лагерь.

Рекомендации от участницы конкурса: включите в свою программу сбор ягод, рыбалку и сплав по реке с удивительными видами вокруг. Конечно же, собирайте рюкзак и — в поход!

«Перед нами открыт целый мир для приключений: безымянное озеро, заброшенные места, неизведанные тропы, чистейшая река и дикая природа. Изучайте мир, ходите в походы. Ведь самые главные вещи — это не вещи», — поделилась Туйаара.

📹Другую сторону самого холодного региона смотрите в нашем видео ☝️

Подписаться 👉🏻 @travelerdv
#планерка

Спорт тэрээһиннэрин туһунан улуустааҕы спорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев кэпсээтэ.

Тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбылы буулдьанан ытыы күрэҕин 3 бастакы миэстэ кыайыылаахтара мэтээл уонна грамота туттулар.

Спартакиада 15 көрүҥнээҕиттэн 8 көрүҥэ ыытыллара хаалла. Бу нэдиэлэҕэ городки уонна бильярд күрэхтэрэ манежка буолуохтара. Тэрилтэлэр көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Ааспыт субуотаҕа оҕолорго дуобат күрэҕэ буолан ааста.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM