Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Бүгүн,бэс ыйын 10 күнүгэр, Далыр нэһилиэгэр нэһилиэк эр дьоно көхтөөхтүк,түмсүүлээхтик тэрилтэлэргэ,былаһааккаларга мас олордоннор, көҕөрдүү үлэтин ыыттылар.
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#видеодня🔥🔥🔥
Үөһээ – Бүлүү суолун хаһаайыстыбатыгар барыта 100 – тан тахса киһи улэлии – хамсыы сылдьар, 50 –ча суол оҥорор техника түүннэри-күнүстэри тигинэччи үлэлиир👍🏻

Бу туһунан улуустааҕы суол-иис пуондатын салаатын салайааччыта Тамара Миронова сиһилии кэпсиир.

@ulusmedia
#үөһээбүлүүхаһыата
#бэйэ🎥
Forwarded from НВК САХА
💫🏆💫Саха сирин үөрэнээччилэрин Спартакиадата түмүктэннэ

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хамаандалары олорор сирдэринэн, үөрэнээччи ахсаанынан түөрт бөлөххө араарбыттар. Спартакиада бырагырааматыгар уопсайа 27 спорт көрүҥэ киирбит.

Бэс ыйын 6-тан 10 күнүгэр диэри кыттааччылар спорт тоҕус көрүҥэр күөн көрүстүлэр. Уоннааҕы көрүҥнэргэ күрэхтэһии олунньуттан ыам ыйыгар диэри ыытыллыбыт.

Бу күрэхтэһии түмүгүнэн Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын тэрийиэхтэрэ, оҕолор Россияҕа өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүөхтэрэ.

Оскуолаҕа уонна муниципальнай таһымҥа өрөспүүбүлүкэ 63 тыһыынчаттан тахса үөрэнээччитэ кыттыбыт. Түмүктүүр түһүмэххэ 1300 эдэр спортсмен, ол иһигэр хотугу улуустан 195.

@nvk_sakha
Что означает ДЕНЬ РОССИИ?

12 июня стал праздничной датой, с 11 июня 1992 года по постановлению Верховного Совета Российской Федерации как
«День принятия Декларации о государственном суверенитете Российской Федерации».

С ПРАЗДНИКОМ ДРУЗЬЯ!
👏👏👏👏👏👏

#Үөһээбүлүүхаһыат
#кэрэайылҕа

Быйыл Үөһээ Бүлүүгэ киһи бары таптыыр, хайгыыр күөх сибэккитэ өлгөмнүк үүммүт😍💙

Незабудка сахалыы аатын ким билэрий?

#Үөһээбүлүүхаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
"Бабушкин" хрустальный сервиз в серванте? - есть
Пакет с пакетами на кухне? – есть
Пустые банки на балконе? – есть
Прохладный квас в летний зной? – любим!

Нас много, мы все разные – но привычки одни и такие родные.

С Днем России!🇷🇺

#Үөһээбүлүүхаһыат
🧗‍♀️Никаких декораций. Все настоящее! Полпред в ДФО Юрий Трутнев рассказал, как поделиться идеей для путешествия со всей страной и выиграть три миллиона рублей

Конкурс "Дальний Восток. Земля приключений" - в разгаре(https://t.iss.one/polpred_dfo/3265). В нем может принять участие любой житель нашей страны.

Известное на всю страну жюри, а это именитые путешественники, журналисты, телеведущие и блогеры, уже приняли 364 заявки из 41 региона, из них 97 заявок (27%) - от жителей регионов, не входящих в ДФО.

"Цель конкурса – показать самые красивые места Дальнего Востока, - рассказал полпред в ДФО Юрий Трутнев. - Люди, которые путешествуют сами, любят нашу землю, которым нравится наш Дальний Восток, могут показать округ так, что это привлечёт людей из других регионов. Заявок в конкурсе уже почти три сотни. Где-то 70% – из территорий Дальнего Востока, остальные порядка 30% – из других регионов нашей страны. Уверен, что отснятые материалы не только позволят победителям получить премию, но и помогут тысячам россиян заинтересоваться Дальним Востоком, а потом принять решение, чтобы приехать и самим его увидеть".

✍️ Поучаствовать в конкурсе просто. Нужно пройти регистрацию на портале путешественникдв.рф, заполнить анкету, зарегистрировать свой маршрут в МЧС.

🎉Авторы видеороликов, снятых по итогам путешествия по Дальнему Востоку, поборются за призы конкурса и гран-при в 3 миллиона ₽.

А еще будет создана интерактивная карта маршрутов регионов Дальнего Востока. Лучшие работы представят в эфире федеральных и региональных телеканалов.

Кстати, жюри выберет лучшие работы в четырёх разных номинациях: пешее путешествие (пеший поход по дикой природе), водное путешествие (сплав по реке, морское путешествие), зимнее путешествие (лыжный поход, путешествие на собачьих упряжках) и, конечно, гран-при, за которое дадут те самые три миллиона ₽.

Открывать Дальний Восток можно бесконечно! Разные климатические зоны, культуры и часовые пояса. Так что скорее - на поиски приключений!
#планерка
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын мунньаҕа Исидор Барахов туһунан ырыа запиһыттан саҕаланна.
Бу ырыа устуутугар тэрилтэ барыта кыттыһар, үбүлүөйдээх ыһыахха дьиэрэйиэхтээх.👏👏👏

#Үөһээбүлүүхаһыат
#объявление

По срочной цене продается участок в микрорайоне Билиилээх-3, возле нового детского сада. Собственность. Цена вопроса: 550 т.р. 89142766858
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
Исидор Барахов 125 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх ыһыах сценарийын сүрүнүн Руслан Тараховскай кэпсээтэ.

Урукку кэмнэртэн ураты, оччотооҕу олох дьаһах хамсааһына, улуу саха уолаттара туран сайдыылаах олох туһугар туруулаһыылара дьэҥкэтик ойууланыа👏👏👏

Ыһыахха кыттыы, бэлэмнэнии күн ахсын күүстээхтик барар👏👏

#Үөһээбүлүүхаһыат
#планерка

Спиридон Борбуев:
- Бэс ыйын 14-15 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи учууталлар форумнарыгар бэлэмнэнии күүстээх, сарсын о.э. бэс ыйын 14 күнүгэр форум арыллыыта киэһэ 18
.00 чаастан саҕаланыа.

-Tрудовой Лааҕырыгар бу күһүн улус медиа булчут туһунан киинэ устуохтаахтар.

Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт оскуола оҕолорун Өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларыгар биһиги оҕолорбут иккис миэстэ ылан үөрэн көтөн кэллилэр диэн школа бокса салайааччыта Прокопьев Егор Дмитриевич кэпсээтэ

Егор Николаев:
- бэс ыйын 17-18 күннэригэр чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ
чемпионатыгар күрэхтэһээччилэри күүтэбит, бэс ыйын 16 күнүгэр күрэххэ көҥүллүүр хамыыһыйа үлэтин саҕалыа, балаһыанньа улуустарынан тарҕаммыта

#Үөһээбүлүүхаһыат
#ыһыах

⭐️Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин түмсүүлэрэ Оҥхойго ыһыах ыстылар.

Тоҕуоруһа мустан, ыһыах араас көрүҥнэригэр илин- кэлин түсүһэн, араас күрэхтэргэ кыттан, үөрэн- көтөн тарҕастылар.

Барыта 6 нэһилиэктэн 8 түмсүү кыттыыны ылла. Кэлбит ыалдьыттарбыт парадтан саҕалаан, эҕэрдэ концертка кыттан араас культурнай, спортивнай күрэхтэри кыайа туттулар.

Эбиэт кэмигэр нэһилиэктэрбит түһүлгэлээн олорон аһаан, Оҥхойбут нэһилиэгин " Сатабыл" түмсүү бэлэмнээбит итии чэйинэн, итии миининэн, арыылаах алаадьынан, быырпаҕынан бар дьону күндүлээтилэр. Ыһыахпыт бастыҥ күрэҕинэн "Алаас Хотуна-2023" буолла. Барыта 7 Далбар Хотун күрэхтэстэ. Ол түмүгүнэн
"Көрөөччү биһирэбилэ" анал ааты Үөһээ Бүлүүттэн Борисова Л.Ф. ылары ситистэ.
"Уран Хотун" ааты Кэнтик нэһилиэгиттэн Прокопьева Е.В. ылла.
"Уран тыл ууһа" анал ааты Оҥхой нэһилиэгиттэн Никифорова Н.С.,
"Талаан Хотун"анал ааты Үөһээ Бүлүүттэн Иванова В.В.,
"Мааны Хотун" анал аат Тамалакаан нэһилиэгиттэн Бетчитова А.Е ыллылар.

Маны сэргэ "Алаас Хотун" муҥутуур кыайылаах ааты Хоро нэһилиэгиттэн Октябрина Филиппова ылыан ылла. Бары да талба талааннара бар дьону үөртэ.

"Оһуохай дуораана ыраахха дуорайдын" оһуохай күрэҕэр, сахалыы таҥас күрэҕэр бука бары кэлбит нэһилиэктэр кыттыыны ыллылар.

Уопсай күрэх түмүгүнэн:
1 м - Хоро нэһилиэгэ
2 м - Үөһээ-Бүлүүттэн "Көмүс сүүтүк"
3 м - Кэнтик нэһилиэгиттэн "Сайдам" түмсүү
4 м - Үөһээ Бүлүүттэн
"Дьүөгэ" түмсүү ыллыллар.

Бары кэлбит нэһилиэктэрбит талба талааннарын көрдөрөн, бэйэлэрэ оҥорбут быыстапкаларын туруоран, бар дьон сэҥээриитин ыллылар.

Ол курдук, эһиилги түмсүү ыһыаҕа Хоро нэһилиэгэр ыытыллара былааннанар. Бары кэлэн кыттыыны ылбыт, көмөлөспүт бар дьоммутугар сынньалаҥ киинин аатыттан махталбытын тириэрдэбит. Ол курдук, "Сатабыл" түмсүүбүт бары чилиэттэригэр, салайааччы Наталия Никифороваҕа, улууспут түмсүүлэрин координаторыгар Ирина Васильевна Потаповаҕа, Оҥхойбут нэһилиэгин олохтоохторугар, олохтоох дьаһалта көмөлөспүт бар дьонугар итии-истиҥ махталбытын тириэрдэбит.

Оҥхойтон Мария Алексеева

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM