Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.89K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#дьиэкэргэнсыла

Исидор Барахов аатынан оскуола директора Семен Михалев алта уоллаах дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ төрөппүттэрэ туохха ураты болҕомтону уурбуттарын туһунан киһи болҕомтотун тардар, элбэххэ үөрэтэр кэпсээнин болҕойон иһиттибит.

Ол курдук, аҕа уол оҕону иитиигэ оруола, үлэнэн иитии, кырдьаҕаска убаастабыл, аймаҕы өрө тутуу, үөрэххэ ирдэбил, эти-сиини эрчийии уонна кинигэни ааҕыы Михалевтар дьиэ кэргэттэригэр ордук өрө тутуллар.

Түмүккэ Семен Анатольевич аан дойдуга соҕотох К.С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын музейыгар саҥа дьиэни туттарыы, сөптөөх усулуобуйаны тэрийии барыбыт ытык иэспит буоларын бэлиэтээн туран, бу этиини резолюцияҕа киллэрэргэ этии киллэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#форум

⭐️ Дьиэ кэргэн форумугар бэйэ дьыалатын тэриммит Үөһээ Бүлүү олохтоохторо быыстапка-дьаарбаҥкалара тахсан турар.

Бэйэ дьарыгын идэ гынан эбии дохуот оҥостор ыаллар илиинэн оҥоһуктарын араас көрүҥүн атыылаһыаххытын сөп.

Дьиэ кэргэн форумугар бу быыстапка бэйэтэ туспа секция тэҥэ буолла.

Саҥа Дьылы көрсө чугас дьоҥҥутугар бэлэх оҥорорго сөптөөх араас дьэрэкээн оҥоһуктары Олоҥхо дьиэтигэр кэлэн көрүҥ, атыылаһыҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьиэкэргэнсыла

Ытык педагог, үгүс көлүөнэ үөрэнээччилэрин тапталын ылбыт учуутал Григорий Степанович Золотарев дьиэ кэргэҥҥэ уонна оскуолаҕа оҕону иитии тула санааларын үллэһиннэ. Обществоҕа эр дьон оруола намтааһына оҕону иитиигэ улахан охсуулааҕын, ыһыллыыны таһаарарын бэлиэтээн эттэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#дьиэкэргэнсыла

Ксения Илларионовна Жиркова, Дмитрий Спиридонович Спиридонов төрөппүт кыыстара Раиса Дмитриевна Спиридонова ийэлээх аҕатын икки ардыларыгар сөҕүрүйбэт тапталлара уон оҕону иитиигэ сүрүн төһүү буолбутун кэпсээтэ: "Десять детей - дети большой любви Спиридоновых. Их союз, действительно, на редкость был гармоничным и крепким, и, как шутливо говорил глава семьи, "единством противоположностей". Любовь родителей, взаимные бережные отношения - один из главных ценностей семейного счастья".

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#дьиэкэргэнсыла

Үөрэх управлениетын үлэһитэ Сардаана Жендринская "Күн тэҥэ күндү киһибит" иһитиннэриитигэр аҕыс оҕону эбээ, эһээ көмөтө суох соҕотоҕун ииппит ийэтэ Мария Макаровна Николаева барахсан хайдахтаах ыарахаттары көрсөн оҕолорун атахтарыгар туруорбутун туһунан иһирэхтик аҕынна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#дьиэкэргэнсыла

Ороһу нэһилиэгиттэн Галина Котоконова, Андрей Иванов - приемнай дьиэ кэргэн. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тыа сирин ытык ыала сэттэ оҕону иитэн, улаатыннаран, барыларын киһи эрэ сэргиир, кэрэхсиир, үөрэхтээх, үлэһит дьон гына улаатыннарбыттар. Бу оҕолор бары хас биирдиилэрэ ийэлээх аҕаларын көмөлөрүнэн киһи буолан, дьон кэккэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр бары видео-слайд нөҥүө бэйэлэрин тустарынан кэпсээн туран, күндү төрөппүттэригэр ис сүрэхтэриттэн тахсар барҕа махталларын, тапталларын тиэртилэр ❤️.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Очерки СВО: башня

💥 Видеозапись падения огромной башни шахты «Южнодонбасская» при взятии Угледара распространилась по всему миру. За этот подвиг Сан Саныч и Сунтар представлены к высоким правительственным наградам.

Угнетает единственное, что боец с позывным Сунтар, а в обычной жизни Иванов Иван Петрович, выходец из далекого Сунтарского улуса Якутии, 30 октября 2024 года погиб смертью храбрых при выполнении очередного боевого задания.

Подробнее читайте новый очерк волонтера и писателя Александра Седалищева

@ulusmedia
#дьиэкэргэнсыла

"Ыал-олох төрдө" дьиэ кэргэн форума түмүктэннэ. Барыта 4 трегынан барбыт үлэ кыттыылаахтара түмсэн, сүрүн түгэннэргэ тохтоон түмүктэри таһаардылар, резолюция ылыннылар.

Кэнчээри кэскилбит доруобуйатын, инникитин санаан, "Төрүт ас" диэн пилотнай бырайыак олоххо киириитин биир сүрүн этии быһыытынан көрөн, площадканан Ю.Н. Прокопьев аатынан 3 нүөмэрдээх оскуоланы таллылар.

К.С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын музейа хаарбах туруктааҕын учуоттаан, саҥа дьиэ тутуутун республика бюджетыгар киллэрэр кыаҕы дьүүллэстибит.

Улуустааҕы дьахталлар сэбиэттэрин кытта төрөппүттэр кыттыылаах "Школа ответственного родителя" бырайыагынан былааннаах үлэ ыытыллыаҕа.

Нэһилиэктэр дьаһалталарыгар, үөрэх салалтатыгар, улуустааҕы социальнай харалта управлениетыгар, культура уонна духуобунай сайдыы департаменыгар, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар туһааннаах этиилэр резолюцияҕа киирэннэр, далааһыннаах үлэ тиһигин быспакка барыаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат