#диалогсогласиянпк
Конференция кыттыылааҕа, ХИФУ финансовай-экономическай институтун "Деловое администрирование в цифровой экономике" программа 1-кы курсун магистрана, Кытайтан сылдьар Ван Цикунь, ХИФУ ФЭИ "Управление человеческими ресурсами" программатын 2-с курсун магистрана Лю Синхуэй Кытай обществотыгар быһыы-майгы укулаатыгар дьиэ кэргэн оруолун уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын туһунан үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Үлэни өрө тутуу, үлэнэн оҕону иитии Кытайга үрдүктүк
тутуллара биһигини толкуйдатыах кэриҥнээх.
Бу үс магистрант кыргыттар научнай салайааччыларынан Виктор Михайлов кыыһа, экономическай наука кандидата Анна Викторовна Михайлова буолар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Профессор Виктор Данилович уонна Тамара Михайловна Михайловтар сырдык кэриэстэригэр анаммыт Бүтүн Россиятааҕы таһымнаах научнай-практическай конференция үлэтэ түмүктэннэ.
Икки секциянан барбыт үлэ кылгас түмүгүн модератордар таһаардылар уонна бу конференцияны икки сыл аайы ыытарга быһаарыы ылыннылар.
Ытык-мааны ыалдьыттарга, тэрийээччилэргэ улуус баһылыгын аатыттан махтал суруктары баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Анна Уларова үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттартаата. ХИФУ проректорын аатыттан махтал суруктары уонна үөрэнээччилэргэ бэлэхтэри ХИФУ финансовай-экономическай институтун доцена Оксана Романова туттарда.
Түмүккэ М. К. Аммосов аатынан ХИФУ, Дьокуускай куораттааҕы Н.И. Шарин аатынан 39 нүөмэрдээх орто оскуола уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан орто оскуола буолан профессордар Виктор Данилович, Тамара Михайловна Михайловтар ааттарынан инновация педагогическай лабораториятын тэрийэр туһунан үс өрүттээх сөбүлэҥ түһэрсилиннэ.

Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Нэдиэлэ устата анал байыаннай дьайыы сиригэр гуманитарнай сырыыбыт чэрчитинэн 58 биир дойдулаах байыастарбытын көрүстүбүт.
Сэтинньи 22 күнүттэн Запорожскай уобаластан саҕалаан, Херсон уобалаһыгар, Донецк, Луганск республикаларыгар уонна Курскай, Белгородскай уобаластарга биир дойдулаахтарбытын көрсөн гуманитарнай баһыылкалары тириэртибит.
Быйылгы сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын күһүҥҥү идэһэ, муҥха кэнниттэн былааннаабыппыт. Онон байыастарбытыгар дойдуларын аһыттан, этиттэн, балыгыттан илдьэ кэлэн тиксэрдибит. Байыастар дойдуларыттан ахтылҕаннаах астарын тутан олус сэргэхсийдилэр.
Маны сэргэ, 6 шт. матаһыыкыл, 3 шт. тепловизор, 3 шт. түүҥҥү прицел, 10 шт. "Асель" дрон детектор, биирдии устуука "Капюшон" уонна "Ромашка" РЭБ станциялар, 3 шт. FPV видео-шлем Skyzone COBRA X V4, 1 устуука дрон сигналын күүһүрдэр тэрил Инкубатор 2.0, ону кытта Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аатыттан, баһылык Силигиянов Максим Филиппович туттарбыт 4 устуука дроннарын байыастарга тиксэрдибит.
Сибээскэ кыайан тахсыбатах байыастарбытыгар баһыылкалары Саха Сирин опорнай пууннарыгар хааллардыбыт. Опорнай пуунун үлэһиттэрэ баһыылкалары чопчу тиксэриэхтэрэ.
Сулууспалыы сылдьар Эр хоһууттарбытын кытта көрсөн туруктарын, хааччыллыыларын, үлэлиир усулуобуйаларын билистибит. Үөһээ Бүлүүлэр олус түмсүүлээхтик, бэйэ бэйэлэрин кытта билсэн, кэпсэтэн тэҥҥэ сылдьалларыттан киэн тутуннубут.
Анал байыаннай дьайыы хонуутугар саа саадах тутан эйэлээх олох туһугар охсуһа сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйөөн, биир санааннан салайтаран түмүстэхпитинэ, байыастарга күүстээх тыыл олохтоотохпутуна кыайыыга хайаан да кэлиэхпит!
Гуманитарнай көмөнү хомуйарга кыттыспыт Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар, тэрилтэлэригэр, урбаанньыттарыгар, биир күннээх хамнастарын пуондаҕа анаабыт бюджет үлэһиттэригэр кыайыыга кылааккыт иһин ис-сүрэхтэн махтанабыт.
2024 сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын түмүктээтибит.
Иннибит хоту бары бииргэ! Түмсүүннэн - кыайыыга!
#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev