Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.88K subscribers
22.2K photos
4.38K videos
9 files
3.9K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#үбүлүөй

2003 с. СӨ Президенин уурааҕынан оскуола общественнай-политическай деятель, биир дойдулаахпыт Юрий Николаевич Прокопьев аатын сүкпүтэ.

Бүгүн, үбүлүөй чэрчитинэн, И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин үлэһиттэрэ, түмэлгэ харалла сытар Юрий Николаевич туттубут малын-салын, докумуоннарын, сэдэх хаартыскаларын дьон көрүүтүгэр аҕалбыттар. Бу малы барытын Юрий Николаевич кэргэнэ түмэлгэ анаан туттарбыт эбит.

@uoheebuluu
#диалогсогласиянпк

ХИФУ философияҕа кафедратын доцена, РФ үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, философскай наука кандидата Василий Васильевич Винокуров: "Ханнык баҕарар сайдыы төрүөтүнэн киирсии, атааннаһыы буолар дииллэр эрээри, ол түмүгүнэн сөбүлэһиигэ, сөпсөһүүгэ, биир уопсай знаменательга кэлии буолар. Виктор Данилович сөбүлэһии, сүбэлэһии философията научнай үлэтин биир фундаментальнай хайысхатынан буолар", - диэтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Дьокуускай куорат Н.И. Шарин аатынан 39 нүөмэрдээх оскуолатын директорын солбуйааччы, педагогическай наука кандидата Олег Егорович Филиппов, Виктор Михайлов үөрэхтээһин философиятын билиһиннэрдэ, улуу педагогка үөрэммитин дьолунан ааҕарын туһунан бэлиэтээн эттэ.

Үөрэхтээһин философиятын Виктор Михайлович ССРС народнай учуутала Михаил Андреевич Алексеев үөрэтэр философиятын нөҥүө көрөн, бэйэтин туспа, ураты үөрэҕин суруйбут, киэҥ араҥа билиитигэр таһаарбыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#диалогсогласиянпк

ХИФУ философияҕа кафедратын доцена, Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, педагогическай наука кандидата Саргылана Васильевна Гоголева "Виктор Данилович Михайлов - декан педагогического факультета ЯГУ и общественный деятель" дакылаатынан кытынна.

Ол курдук, Виктор Михайлов" Предмет дискуссии изменения в Конституции 2001" хомуурунньугун киириитигэр маннык суруйбут: "Люди хотят стабильности - важнейшего условия созидательного труда, поскольку главным источником власти является народ, поэтому имеет право знать из первых уст, в чем суть предлагаемых изменений".

Саргылана Гоголева: "Виктор Михайлович - Человек, который сотворил себя сам", - диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#диалогсогласиянпк

Исидор Барахов аатынан оскуола директора, Виктор Данилович Михайлов үөрэнээччитэ Семен Анатольевич Михалев улуу философка үөрэммит кэмин истиҥник аҕынна.

Кини республика улахан политиктара, общественнай-политическай деятеллэрэ бары Виктор Данилович сүбэтигэр-соргутугар, көрүүлэригэр урут да, билигин да тирэҕирэллэрин эттэ. Маны сэргэ уһулуччулаах философ биир дойдулаахтарын мэлдьи өйүүрүн, көмөлөһөрүн, туох баар кыаҕынан улуус общественнай олоҕор өйөбүл-тирэх буолбут холобурдарын Семен Анатольевич сүрдээх иһирэхтик ахтан кэпсээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#диалогсогласиянпк

Профессор В. Д. Михайлов биир кылааска үөрэммит үөлээннээҕэ, СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо чугас доҕорун, кылааһынньыгын, олоҕу, оҕону иитиигэ көрүүлэрин, этэн хаалларбыт сүбэтин-соргутун тула санаатын үллэһиннэ уонна үөрэхтээһин хаачыстыбатын үрдэтиигэ санааларын этиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#үбүлүөй

Бүгүн, оскуола үбүлүөйдээх тэрээһинин чэрчитинэн, оскуола выпускнига, Мииринэй куорат олохтооҕо Любовь Платонова "Сулустартан турар ардах" кинигэ сүрэхтэниитэ буола турар.

Бэлиэтээн эттэххэ, Любовь Ивановна 8 кылаастаах оскуолаҕа үөрэммит сылларын, доҕотторун, учууталларын туһунан ахтыыларын былырыын биһиги хаһыаппытыгар 4 ый устата 11 балаһанан бэчээттэммитэ. Ол суруйбут суруйууларын түмэн, эбии суруйан баран быйыл, оскуола үбүлүөйүн көрсө кинигэ таһаартарда👏👏👏

Бүгүҥҥү кинигэ сүрэхтэниитигэр Любовь Ивановна санааларын үллэһиннэ, кинигэ хайдах айыллан тахсыбытын туһунан кэпсээтэ. Ааптар оскуолаҕа үлэлээбит, үлэлиир учууталларга, бэтэрээннэргэ кинигэтин бэлэх уунна, ону кытары оскуола выпускнига, худуоһунньук, суруналыыс Вера Ноева Дьокуускайтан бэйэтэ оҥорон ыыппыт харысхал хартыыналарын бэлэхтээтилэр.

Хаартыскалары салгыы комментарийга көрүҥ⤵️⤵️⤵️

@uoheebuluu
#диалогсогласиянпк

Виктор Данилович кыыһа, ХИФУ финансовай-экономическай институтун социологияҕа уонна персоналы салайыыга кафедратын сэбиэдиссэйэ Анна Викторовна Михайлова аҕатын туһунан тахсыбыт кинигэлэр сүрэхтэниилэрин, онно биир дойдулаахтара кыттыыны ылбыттарыгар ис сүрэҕиттэн махтанна. Виктор Данилович философ, сырдатааччы, профессор быһыынан үлэтин билиһиннэрэн туран, ийэлээх аҕатын сырдык кэриэстэригэр ыытыллыбыт научнай- практическай конференция матырыйаалларын уонна бэҕэһээ О.Д. Федорова аатынан киин бибилэтиэкэҕэ сүрэхтэммит "Философ, просветитель, профессор Виктор Данилович Михайлов" кинигэ ис хоһоонун билиһиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
📚📕📚📗📚📘📚📙📚📕 Сэтинньи 29 күнүгэр күнүс 11 чаастан
О.Д. Федорова аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай библиотекаҕа Саха Республикатын билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, бөлүһүөк В.Д. Михайловка анаммыт «Философ, просветитель, профессор Виктор Данилович Михайлов» кинигэ биһирэмэ буолан ааста.
Бу күн биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо киниэхэ үөрэммит устудьуоннара, чугас аймахтара Виктор Данилович туһунан истиҥник ахтан-санаан аастылар.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар улуус салалтатыттан социальнай боппуруоска баҺылыгы солбуйааччы А.М. Уларова, улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Н.Н. Николаев.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит дьон Виктор Даниловиһы кытта хас биирдиилэрэ чугастык алтыҺан ааспыттарын, кинилэргэ үтүө, эйэҕэс сыҺыаннааҕын туһунан истиҥ ахтыылары оҥордулар.
Түмүккэ Виктор Данилович сөбүлээн ыллыыр "Я люблю тебя, жизнь" ырыатын өрө күүрүүлээхтик ыллаан тарҕастылар.
Виктор Данилович олоҕун, үлэтин сырдатар кинигэ быыстапката дьон сэҥээриитин ылла.