Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ОлоҥхоДекадата

⭐️ Түгэхтэйгэ - күннүктээх олоҥхо дьикти эйгэтэ

Улахан балаҕаҥҥа киэһэ 18:00 чааска диэри Олоҥхо тыйаатырын артыыската Василина Баланова олоҥхолуу олорор.

Киэһэ 19:00 чаастан 24:00 чааска, түүн оройугар диэри Саха сиригэр биллэр-көстөр уһуйааччы, 93 саастаах олоҥхоһут Никандр Прокопьевич Тимофеев уһуйуллааччыта, Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар ыччат ортотугар "Кылаан кыайыылаах" аатын ылбыт Яна Ньургусова олоҥхолуоҕа.

Оттон киэһэ 24:30 чаас кэннэ, истиэн баҕалаахтар баар буоллахтарына, тоҕус саха тойугун сарсыарда тыҥ хатыыта түмүктүүрдүү Үөһээ Бүлүүлэргэ анаан олоҥхолуохтара.

Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэҥээриҥ, истэ-билэ сэргэҕэлээҥ.

Кулгаах-харах иччитэ буолан саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын, култууратын, үгэһин, сиэрин-туомун иҥэриммит муҥутуур чыпчаал айымньыны - Олоҥхону истэ кэлэргитин күүтэбит🙌

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#олоҥхокүнэ

💬💬💬Олоҥхону истэ кэлбит Алеша Григорьев бэйэтэ эмиэ фольклорунан Марианна Хобусароваҕа утумнаахтык дьарыктанар. Олоҥхоһут Василина Баланова толоруутугар олоҥхону сөбүлээн иһиттим диэтэ👍👏

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#олоҥхокүнэ

💬💬💬Улуустааҕы култуура уонна духуобунас сайдыытын департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова - Сахаайта бука барыгытын Олоҥхо декадатынан эҕэрдэлээн туран, олоҥхоҕо аналлаах тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырда. Олоҥхо декадата ахсынньы 5 күнүгэр диэри буолуоҕа.

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Олоҥхокүнэ

💬💬💬Олоҥхо тыйаатырын артыыската Василина Баланова 2 чаас устата тохтоло суох "Турбутунан төрөөбүт Дуо бухатыыр" олоҥхону толордо. Сынньанан баран олоҥхо салгыытын ааҕыаҕа.

Санатан эттэххэ, бүгүн киэһэ хойукка диэри олоҥхо истиитэ Кыырт Далыгар улахан балаҕаҥҥа буола турар.

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Олоҥхокүнэ

Саха сиригэр биллэр-көстөр уһуйааччы, 93 саастаах олоҥхоһут Никандр Прокопьевич Тимофеев Үөһээ Бүлүүгэ уһуйуллааччыларын кытары кэлэн ыалдьыттыы сылдьар. Бүгүн сарсыарда ким баҕалааххха тойуктааһын маастар-кылааһын көрдөрдө, маастарыстыбатын тарҕатта.

💬💬💬 Никандр Прокопьевич этэринэн, олоҥхолуон баҕарар киһи, сүрүннээн, тулуурдаах буолуохтаах Ытык киһи тылын-өһүн истин, сүбэтин иҥэриниҥ🙌🙌

@uoheebuluu
#Доруобуйакүнэ

Улууска оптуорунньук аайы ыытыллар Доруобуйа күнүттэн фоторепортаж👍👍🏃‍♀‍➡️🏃‍➡️🏸🏆🧘🤸🤸‍♀

Улуус үрдүнэн барыта 54 доруобуйаҕа аналлаах тэрээһин, тэрилтэ үлэһиттэрин аахпатахха уопсайа 1280 киһи кытынна.

🔆Чөл олох - Доруобуйа төрдө🔆

@uoheebuluu
#ОлоҥхоДекадата

⭐️ Үөһээ Бүлүүлэр түүн үөһүгэр диэри олоҥхо иһиттибит

Киэһэ үлэ чааһын кэннэ Яна Ньургусова өрөбөлүүссүйэ кэннэ суруллубут олоҥхону 4 чаас устата толордо.

Үс олоҥхоһуту биирдэ тутан, Үөһээ Бүлүү сиригэр ыалдьыттата ыҥыран, тирии тэнийиэр диэри маанылаах тойуктаах олоҥхо тылын-өһүн дуоһуйа иһиттибит.

Улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын, улуус салалтатын аатыттан саха киһитэ эрэ үөрэр тоҥ ас бастыҥын атах соболоҥо илии тутуурдаан, өттүк харалаан, өссө кэлээриҥ диэн үлэһэ хаалан, аныгыс сырыыга диэри арахсарга күһэлиннибит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu @ulusmedia