Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
🔸В настоящее время граждане продолжают попадаться на уловки мошенников, размещающих в приложениях рекламные всплывающие окна об инвестициях. Ничего не подозревая, они заполняют анкеты, после чего с ними связываются через социальные мессенджеры «псевдоброкеры бирж», которые предлагают заработок на инвестициях.➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/moshennicheskie-shemy-v-sfere-investiczij-kak-na-nih-ne-popastsya/
🏛️Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо, ыалдьыттара.

🎼🎹Быйыл, 2024 сылга, самодеятельнай композитор, мелодист, ССРС Культуратын туйгуна, общественнай корреспондент Николай Иванович Бойлохов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах кини аатын сүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо искусство оскуолатын киэҥ уораҕайын тиэргэнигэр Николай Бойлохов сырдык мөссүөнүн көрдөрөр өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэ үөрүүлээх арыллыытыгар кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Буолар күнэ: Сэтинньи 28 күнэ, күнүс 15:00 ч.
Этно-комплекс «Тугэхтэй» в с. Верхневилюйск с. Верхневилюйск Верхневилюйского улуса https://golos.ysia.ru/contest-photo/1393/

Парк культуры и отдыха в с. Верхневилюйск с. Верхневилюйск Верхневилюйского улуса https://
golos.ysia.ru/contest-photo/1392/

Многоквартирный жилой дом по ул. Барахова, 7 к1 в с. Верхневилюйск с. Верхневилюйск Верхневилюйского улуса https://golos.ysia.ru/contest-photo/1358/

Кофейня «Koppi» в с. Верхневилюйск с. Верхневилюйск Верхневилюйского улуса https://golos.ysia.ru/contest-photo/1336/

Бу күрэх республикатааҕы архитектурнай бириэмийэ буолар. Бастыҥ көрдөрүүлээх бырайыак харчынан бириэмийэ ылар.

Биһиги улууспутугар улахан Түгэхтэй алааспыт - кыһыннары, сайыннары үлэлии турар "Эйгэ диэн" тэрилтэ буолар. Хомойуох иһин, куоласпыт аҕыйах. Онон бу түмүктүүр күҥҥэ куоласпытын биэриэҕиҥ диэн ынырабыт.

Бу түөрт бырайыактан үс эрэ бырайыакка куолас биэрэҕит.

Ссылканан киирдэххинэ хас биирдии бырайыакка "голосовать" диэн баар ону баттыыгыт, ол кэннэ "я не робот" диэни баттыыгыт. Кытаатыҥ, куоластааҥ, бүгүн түмүк күммүт🙌🙌🙌
#ОлоҥхоДекадата

⭐️ Түгэхтэйгэ - күннүктээх олоҥхо дьикти эйгэтэ

Улахан балаҕаҥҥа киэһэ 18:00 чааска диэри Олоҥхо тыйаатырын артыыската Василина Баланова олоҥхолуу олорор.

Киэһэ 19:00 чаастан 24:00 чааска, түүн оройугар диэри Саха сиригэр биллэр-көстөр уһуйааччы, 93 саастаах олоҥхоһут Никандр Прокопьевич Тимофеев уһуйуллааччыта, Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар ыччат ортотугар "Кылаан кыайыылаах" аатын ылбыт Яна Ньургусова олоҥхолуоҕа.

Оттон киэһэ 24:30 чаас кэннэ, истиэн баҕалаахтар баар буоллахтарына, тоҕус саха тойугун сарсыарда тыҥ хатыыта түмүктүүрдүү Үөһээ Бүлүүлэргэ анаан олоҥхолуохтара.

Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэҥээриҥ, истэ-билэ сэргэҕэлээҥ.

Кулгаах-харах иччитэ буолан саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын, култууратын, үгэһин, сиэрин-туомун иҥэриммит муҥутуур чыпчаал айымньыны - Олоҥхону истэ кэлэргитин күүтэбит🙌

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#олоҥхокүнэ

💬💬💬Олоҥхону истэ кэлбит Алеша Григорьев бэйэтэ эмиэ фольклорунан Марианна Хобусароваҕа утумнаахтык дьарыктанар. Олоҥхоһут Василина Баланова толоруутугар олоҥхону сөбүлээн иһиттим диэтэ👍👏

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#олоҥхокүнэ

💬💬💬Улуустааҕы култуура уонна духуобунас сайдыытын департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова - Сахаайта бука барыгытын Олоҥхо декадатынан эҕэрдэлээн туран, олоҥхоҕо аналлаах тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырда. Олоҥхо декадата ахсынньы 5 күнүгэр диэри буолуоҕа.

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Олоҥхокүнэ

💬💬💬Олоҥхо тыйаатырын артыыската Василина Баланова 2 чаас устата тохтоло суох "Турбутунан төрөөбүт Дуо бухатыыр" олоҥхону толордо. Сынньанан баран олоҥхо салгыытын ааҕыаҕа.

Санатан эттэххэ, бүгүн киэһэ хойукка диэри олоҥхо истиитэ Кыырт Далыгар улахан балаҕаҥҥа буола турар.

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Олоҥхокүнэ

Саха сиригэр биллэр-көстөр уһуйааччы, 93 саастаах олоҥхоһут Никандр Прокопьевич Тимофеев Үөһээ Бүлүүгэ уһуйуллааччыларын кытары кэлэн ыалдьыттыы сылдьар. Бүгүн сарсыарда ким баҕалааххха тойуктааһын маастар-кылааһын көрдөрдө, маастарыстыбатын тарҕатта.

💬💬💬 Никандр Прокопьевич этэринэн, олоҥхолуон баҕарар киһи, сүрүннээн, тулуурдаах буолуохтаах Ытык киһи тылын-өһүн истин, сүбэтин иҥэриниҥ🙌🙌

@uoheebuluu
#Доруобуйакүнэ

Улууска оптуорунньук аайы ыытыллар Доруобуйа күнүттэн фоторепортаж👍👍🏃‍♀‍➡️🏃‍➡️🏸🏆🧘🤸🤸‍♀

Улуус үрдүнэн барыта 54 доруобуйаҕа аналлаах тэрээһин, тэрилтэ үлэһиттэрин аахпатахха уопсайа 1280 киһи кытынна.

🔆Чөл олох - Доруобуйа төрдө🔆

@uoheebuluu