#планерка
⭐️ Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа, Олоҥхо күнүнэн, олоҥхону көрөн олорон ааҕыыттан саҕаланна. Тэрилтэ салайааччылара ийэ олоҥхоһуппут Кириил Никииппэрэп - Лөкөчөөн олоҥхотун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова эҕэрдэ тойугунан бэлиэ күнү арыйда.
Итиэннэ Олоҥхо декадатын иитинэн ыытыллар тэрээһиннэри билиһиннэрдэ.
Бырагырааманы сиһилии хартыыҥкаларга көрүҥ⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Хаһыакка 2025 сылга сурутуу бара турар: https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976

✅ Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутун киинин үлэтин туһунан салайааччы эбээһинэһин толорооччу Зоя Егомина иһитиннэрдэ.
Улуус үрдүнэн социальнай көмөнөн 14027 киһи туһанар. Ол иһигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин огдообото - 2, тыыл бэтэрээнэ 31 эрэ киһи, сулууспалыы сылдьан эмсэҕэлээһин ылан инбэлиит буолбут 1 киһи баар.
42 Афганистан уонна Чечня сэриилэрин кыттыылаахтара бааллар. Маны тэҥэ билиҥҥи байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьааччылар биирдиилээн учуокка туран эрэллэр.
Улууска 1245 доруобуйатынан хаарчахтаах киһи биэнсийэ ылар. Ол иһигэр 206 оҕо, итиэннэ 1-кы группалааҕа - 190, 2-с группалааҕа - 343, 3-с группалааҕа - 513.
РФ таһымнаах үлэ бэтэрээнэ - 1202, СӨ үлэ бэтэрээнэ - 1530.
Харахтарынан көрбөт 21 инбэлиит учуоттаах.
38 киһи РФ донора дастабырыанньатынан көмөнү туһанар.
Кыаммат ыалларга субсидия көмөтүнэн дьиэлэрин газтааһыҥҥа 150 тыһ. солк. көрүллэр. Кииннэммит ититэр ситимҥэ холбонорго 125 тыһ. ананыан сөп. Быйылгы сылга газтааһыҥҥа уопсайа 9 мөл. 900 тыһ. солк., оттон кииннэммит ититэр ситимҥэ холбонууга 5 мөл. 250 тыһ. солк. анаммыта. Ол эрэн бу үп ситэри туһаныллыбакка сорох чааһа судаарыстыба бюджетыгар төннөрүллүбүт.
Социальнай хантыраак бырагырааматынан 26 мөл. 430 тыһ. солк. көрүллүбүтэ. Манна 102 кыаммат ыал уонна соҕотох олорор дьон туһаннылар. Ол курдук, бэйэ дьыалатын арыныыга - 24, үлэ буларга - 14, кэтэх хаһаайыстыба тэриниитигэр - 13, олох ыарахан, уустук балаһыанньатыттан тахсарга анаммыт көмө быһыытынан 40, соҕотох олорор 15 киһиэхэ үбүнэн көмө оҥоһулунна.
Үлэлиир саастаах инбэлииттэргэ анал бырагыраама чэрчитинэн 2 мөл. 762 тыһ. солк. 7 хантыраак оҥоһуллубут.
Оҕолоох ыаллары өйүүр бырагыраамалар күүскэ үлэлииллэр. Ол курдук, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала 300 тыһ. солк. суумалаах, регионнааҕы Ийэ хапытаала - 249 тыһ. солк.
"Дети столетия" хапытаал бүгүҥҥү күҥҥэ 110 тыһ. солк. тэҥнэһэн турар.
Элбэх оҕолоох ыаллар босхо сир учаастагын ыларга уочаракка тураллар. Улууска уһаайба сирэ суох буолан уочарат сүнньүнэн хамсыы илик. Ол уочаракка турааччылартан 94 ыал уһаайба ылартан аккаастанан, харчынан көрүллэр биир кэмнээх төлөбүр туһаммыт. Бу суума 200 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Спорт тэрээһиннэрин туһунан управление салайааччыта Егор Николаев кэпсээтэ.
23-гэр диэри саастаах ыччаттарга 30 хапсаҕайдьыт кыттыбытыттан Үөһээ Бүлүү хамаандата бастаан кубок хаһаайына буолла.
Бу күннэргэ ыытыллыбыт остуол тенниһин өрөспүүбүлүкэтээҕи чемпионатыгар 16 улуустан 200-тэн тахса спортсмен кыттыыны ылла. Улуус аатыттан кыттыбыт уолаттар хамаандалара 10-с миэстэни ылла, оттон кыргыттар хамаандалара үһүс бириистээх миэстэни ылары ситистэ. Пааранан күрэхтэһиигэ кыргыттарбыт Диана Пахомова уонна Эмилия Аввакумова үһүс миэстэни ыллылар.
Бырааттыы Ноговицыннар бириистэригэр хапсаҕайдаһан тустуу күрэҕэр 20-тэн тахса киһилээх Үөһээ Бүлүү хамаандата 6 ыйааһынынан күрэхтэстэ. Федерация Кубогар эрэнэр уолаттарбыт бириистээх миэстэлэри ыллылар.
Өрөбүллэргэ ыччат спартакиадата буолан ааста. 21 нэһилиэктэн 7 эрэ нэһилиэк кыттыыны ылла. Кыра нэһилиэктэргэ Хомустаах нэһилиэгин эрэ хамаандата кытынна уонна бастакы миэстэни ылан таҕыста. 35-гэр диэри саастаах 70-тан тахса ыччат дьон күрэхтэһэн, билсэн-көрсөн, алтыһан тарҕастылар.
Нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиада 23 көрүҥүнэн ыытыллар. Мантан үгүс нэһилиэктэр 5-тии, 6-лыы көрүҥҥэ кыттыбакка олороллор эбит. 6 нэһилиэк 100% кыттан олорор.
Нам уонна Хоро нэһилиэктэрэ туох-баар көрүҥҥэ барытыгар кыттан инники күөҥҥэ иһэллэр. Киирсии тыҥааһыннаах. Итиэннэ бу бөлөххө Дүллүкү уонна Үөдүгэй нэһилиэктэрэ биир очукуонан быысаһан, тилэх баттаһан иһэллэр.
Тамалакаан нэһилиэгэ орто нэһилиэктэргэ инникилээн иһэр. Тамалакаан кэнниттэн Боотулуу уонна Харбалаах нэһилиэктэрэ тэбис-тэҥ очукуолаах иһэллэр.
Үһүс, кыра нэһилиэктэр бөлөхтөрүгэр Быракаан бастаан иһэр. Кини кэннэ Хомустаах нэһилиэгэ аҕыйах очукуонан хаалан иһэр.
Билигин спартакиадаҕа биир, быһаарыылаах көрүҥ хаалан турар. Ол курдук, кырдьаҕастар спартакиадалара бу бээтинсэ, субуота ыытыллаары турар. Аҕам саастаах дьон көхтөөхтүк кыттан, нэһилиэктэригэр быһаарыылаах очукуолары биэриэхтэрэ.
Санатар буоллахха, үс бөлөҕүнэн кыайыылаах нэһилиэктэргэ улахан суумалаах харчынан бириистэр туттарыллыахтаахтар.

✅ Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.
Ааспыт нэдиэлэ устата Ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар 26 иһитиннэрии киирбит. Мантан араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ - 5, онтон үһэ охсуһуу түмүгэр кыра өрүттээх эчэйии буолар. Административнай боротокуолунан муҥурданыахтара.
6 түөкүннээһин, өлөрүүнэн куттааһын түбэлтэтэ - 1, элбэх квартиралаах дьиэҕэ киэһээҥи өттүгэр чуумпуну аймааһын - 4.
Дьуһуурунай чааска 3 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.
Уопсайа нэдиэлэ устата 20 административнай боротокуол оҥоһуллубут. ГАИ үлэһиттэринэн 107 боротокуол толоруллубут.
❗️Арыгы испит туруктаах икки суоппар уруулга олорон тутуллубут. Бу дьон 30 тыһыынча солкуобай ыстараабы төлүүллэрин таһынан балтараа сылга уруулга олорор, массыына ыытар бырааптара сокуонунан быһыллар.

Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🪶 Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Саха омук эпоһыгар анаммыт декада ахсынньы 5 күнүгэр диэри салҕаныа.
Улус.Медиа СӨ национальнай бибилэтиэкэтэ чулуу айымньы туһунан чахчыларын муста.
@ulusmedia
Улус.Медиа СӨ национальнай бибилэтиэкэтэ чулуу айымньы туһунан чахчыларын муста.
@ulusmedia
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
Очерки СВО: «Якут»
⚡⚡ Командир взвода Александр Ф. из Горного района Якутии провел 17 дней в окопе в зоне СВО, где у него загноилась нога после ранения. Оказавшись в сложной ситуации на передовой, он принял решение самостоятельно ампутировать конечность с помощью ножа.
⭐ Необычная история бойца из Якутии вызвала широкий отклик во многих российских СМИ. Волонтер и писатель Александр Седалищев встретился с ним в волгоградском госпитале для ветеранов.
Подробнее читайте очерк ➡️ https://ulus.media/2024/11/25/ocherki-svo-yakut/
📲 Подпишись на @ulusmedia

#Олоҥхокүнэ
Сахабыт сиригэр Олоҥхо дэкээдэтэ саҕаланна. Саха тыла, саха төрүт үгэһэ, аан дойдуга сүппэт албаһа - биһиги олоҥхобут буолар.
Бу күн 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО саха эпоһын киһи-аймах материальнайа суох шедеврин быһыытынан билиммитэ. Олоҥхо — Саха норуотун былыргы эпоһын ускуустубата, саха фольклорун тиһигэр киин миэстэни ылар. Бүгүн улуустааҕы О.Д.Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ Олоҥхо дьыктаанын ыытта, уопсайа 30 киһи кэлэн суруйда. Дьыктааны икки сааланан Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия алын сүһүөх кылааһын учуутала Альбина Макаровна Алексеева уонна И.Н.Барахов аатынан №1 орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала Матрена Пантелеймоновна Андреева аахтылар. Түмүк ахсынньы ый 8 күнүгэр СӨ национальнай бибилэтиэкэ сайтыгар тахсыаҕа.
Сонуннарга анаан Мария Адамова

🔸Завершилась масштабная автоэкспедиция страны – «Россия 360». Менее чем за год команда под руководством знаменитого путешественника и исследователя Богдана Булычева проехала вдоль всех сухопутных границ России. ➡➡➡ https://верхневилюйск-газета.рф/superekspedicziya-rossiya-360-uspeshno-finishirovala-v-murmanske-projdya-put-vdol-vseh-granicz-rossii-za-desyat-mesyaczev/
🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺
Үөһээ Бүлүүгэ Оптуорунньук-доруобуйа күнэ
🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺
Сэтинньи 26 күнүнээҕи программа
⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
*«Үс Хоһуун» стадион манеһа*
🤾♂️🤼♀️🧘🏽🤾🏾🤼🧘🏼♂️🤾🏼♀️🤼♀️🧘🏽🤾🏾
📍*08ч.30м.* - САРСЫАРДААҤЫ СЭРЭЭККЭ (тренер Григорьева Р.В.)
📍АҺАҔАС ААН КҮНЭ - манежка, спорт саалатыгар босхо дьарыктаныы, маастар кылаастар:
ГИИРЭ СПОРДА (Кардашевскай Н.С.)
ЧЭПЧЭКИ АТЛЕТИКА (Софронов Н.В.)
БУУЛДЬАНАН ЫТЫЫ (Карадчин Л.В.)
ХАБЫЛЫК, ХААМЫСКА
б.н. 89142373099
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*КИИН БАЛЫЫҺА*
🏥🏥🏥🏥🏥🏥🏥🏥🏥🏥
📍*10:00-13:00* *"МААППА" (Билиилээх) аттыгар* КӨҺӨ СЫЛДЬАР МЭДИССИИНЭ ПУУНА үлэлиир
б.н. 89142343476
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Киин бибилэтиэкэ*
📚📚📚📚📚📚📚📚📚📚
📍*09ч.00м.* - ЧЭБДИГИРДЭР СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА (тренер Вера Андреева)
📍*10ч.00м - 18ч.00м* - Өйү-санааны сааһылыыр, уйулҕаны тупсарар СЫННЬАЛАҤ ХОҺО үлэлиир
"ЧӨЛ ОЛОХ- УҺУН ҮЙЭЛЭНИИ" тэрилтэлэринэн тахсан кэпсэтии (Павлова Д.Н.)
б.н. 89142927753
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
📍*15ч.00м* - БЕСЕДА на тему «Рациональное питание – профилактика ожирения»
б.н. 89679112124
🏃🏻♀️🏋🏻⛹🏻♂️🏌🏻♀️🤾🏻♂️⛹🏻♀️🤼🧘🏻♀️⛷️🏂
#вторникденьздоровья
#верхневилюйск

🔊🔊🔊БИЛЛЭРИИ❗️❗️❗️
Оптуорунньукка, сэтинньи 26 чыыһылатыгар, сарсыарда 10:00 чаастан күнүс 13:00 чааска диэри ыарыыны кэтээн көрүү чэрчитинэн, "КамАЗ" мобильнай комплекс БИЛИИЛЭЭХХЭ, ("Мааппа" маҕаһыын аттыгар)🏚туруоҕа. Диспансеризацияны бу сылга ааһа илик дьонтон хаан уопсай аналиһын ылыахпыт (аччык искэ) 💉, ЭКГ уһулуохпут❤️, рост, вес, талия🕴🏻 кэмнээһинин оҥоруохпут, хаан баттааһынын, харах ис давлениятын👁🗨 кээмэйдиэхпит.
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүүлэр❗️ Доруобуйаны кэтээн көрүү хас биирдии киһиэхэ туһалааҕын өйдөөн, кэлэҥҥит доруобуйаҕытын бэрэбиэркэлэнэргитигэр ыҥырабыт. КИМ БУ СЫЛГА ДИСПАНСЕРИЗАЦИЯНЫ ААҺА ИЛИК, ТҮГЭНИ МҮЧЧҮ ТУТУМА❗️🧍🏻♀️🏃🏼♂️🏃🏻🏃🏻🚶🏻♀️🚶🏻♀️🚶🏻♀️

📝📝📝РФ суруналыыстарын уонна Саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, элбэх кинигэ ааптара, поэт, прозаик, биир дойдулаахпыт Валерий Васильевич Васильев – Муттуххай Бороҥ төрөөбүт күнүн көрсө
улуустааҕы хоһоон айааччылар күрэхтэрин
*БАЛАҺЫАННЬАТА*:
*Сыала*: Васильев Валерий Васильевич - Муттуххай Бороҥ аатын үйэтитии
*Соруга*:
-Иэйиитин хоһооҥҥо тиһэн суруйар, айар дьоҕурдаах дьону булуу, дьон сэргэ истиитигэр, билиитигэр таһаарыы;
-Ийэ тылга тапталы, ытыктабылы иҥэрии, тыл кэрэтин кэрэхсииргэ уһуйуу;
-Айар дьоҕурдаах дьону өйөөһүн, түмүү, көҕүлээһин; бэйэ хоһоонун дьон иннигэр ааҕар дьоҕуру сайыннарыы.
*Ыытыллар күнэ, кэмэ*: Ахсынньы 14 күнэ, 2024 с., 14:00. ч.
*Ыытыллар сирэ*: Үөдүгэй нэһилиэгэ, Үөдүгэйдээҕи модельнай бибилэтиэкэ.
*Тэрийээччилэр*: Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Үөдүгэйдээҕи модельнай бибилэтиэкэ, «Үөдүгэй бөрүөтэ» түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтэ.
*Кыттааччылар*: Үөһээ Бүлүү улууһун айар дьоҕурдаах дьоно икки бөлөҕүнэн кытталлар. 1)18-35 сааһыгар дылы. 2) 35 сааһыттан үөһэ саастаах дьон
*Ирдэбилэ*:
-Кыттааччы бэйэтэ айан суруйбут эрдэ ханнык даҕаны күрэххэ кытта илик үс хоһоонун киллэрэр;
-Хоһоон тиэмэтэ, арааһа (силлабическай, аллитерационнай) көҥүл, саха тылынан суруллубут буолуохтаах;
-Кыттааччы үс хоһоонун А4 лиискэ 14 бичигинэн (шрифт), устуруока икки ардын 1,5 арыттаах гынан, хас хоһоон аайы аатын суруйан, бэлиэтэнии кэмигэр (регистрация) тэрийээччилэргэ туттарар.
-Күрэх кэмигэр дьүүллүүр сүбэ иннигэр үс хоһоонуттан биир талбытын ааҕан иһитиннэрэр.
-Киирбит хоһооннор ырытыллыбаттар, төннөрүллүбэттэр.
-Кыттыы иһин усунуос – 200 солк.
*Түмүк тахсыыта*:
Дьүүллүүр сүбэ киирбит хоһооннору көрөн, кыттааччылар хоһооннорун хайдах көрөөччүгэ тириэрдибиттэрин истэн түмүк таһаарар.
Кыттааччыларга барыларыгар Туоһу сурук, кыайыылахтарга, биһирэммиттэргэ Махтал сурук уонна анал бириистэр туттарыллаллар.
*Билсэр сэлэспэҕит*: 8 967 911 21 24 Валентина Петровна Филиппова
*Айар куттаах, хоһоон тыыннаах дьону бука барыгытын күүтэбит*!
Сэргээҥ! Көрүҥ! Кыттыҥ!
*Тэрийэр бөлөх*

⭐️
Ф.Н.Тимофеев – Биэчэрэ "Киндили Хаадыат" олоҥхотунан аан тыллаах
4 көстүүлээх, 7 хартыыналаах "Түмэн Түүрэй" оҕо олоҥхотун премьерата Олоҥхо дьиэтин көрөөччүлэринэн толордо.
Олоҥхону сэргээччилэри арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр.
Киирии ааҥҥа Кирилл Никифоров - Лөкөчөөн олоҥхотунан туруоруллубут испиктээх персонажтарын таҥастарын быыстапка турда.
Н.И.Бойлохов аатынан Оҕо искусство оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттыылаах олоҥхо испиктээгин туруорааччы режиссера СӨ култууратын туйгуна Дария Яковлева.
Сүрүн худуоһунньук - СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Майя Саввина.
Хореографтар СӨ култууратын үөрэҕириитин туйгуна Сардана Иванова, Уйгулана Павлова.
Оҕо оркестрын салайааччыта - СӨ култууратын туйгуна Никифор Афанасьев.
Фольклор кылааһын учууталлара - СӨ култууратын туйгуна Марианна Хобусарова, Кондратий Герасимов.
Уус уран салайааччы - Анатолий Иванов.
Бырайыак салайааччыта - СӨ култууратын туйгуна Алена Босикова.
Сценарийы Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Бурхалей Макаров суруйда.
Сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.
Сорох хаартыскалары комментарийга киирэн көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️