Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
АРХИТЕКТУРНАЯ ПРЕМИЯ «ЭЙГЭ-2024»

ГОЛОСУЕМ ЗА ОБЪЕКТЫ ВЕРХНЕВИЛЮЙСКОГО УЛУСА

До закрытия голосования осталось всего лишь 5 дней. Активно заходим по этим ссылкам и отдаем голоса за объекты нашего района ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

https://golos.ysia.ru/contest-photo/1336/

https://golos.ysia.ru/contest-photo/1358/

https://golos.ysia.ru/contest-photo/1392/

https://golos.ysia.ru/contest-photo/1393/
#спорт

⭐️ Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу орто оскуолатын үөрэнээччитэ Саша Захаров мас тардыһыытыгар чөмпүйүөннээтэ🥳🥳🥳

Башкортостаҥҥа ыытыллыбыт мас тардыһыытыгар Россияҕа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ 14-15 саастаах уолаттар ортолоругар кыайыылаах үрдүк аатын ылла.

Ону тэҥэ Оҕо спортивнай оскуолатын үөрэнээччилэрэ Саян Саввинов үһүс, Харысхан Габышев эмиэ үһүс бириистээх миэстэлэри ылан, дойдуларыгар мэтээллээх кэлэр буоллулар👏👏👏

"Оҕолорбутун уонна кинилэр тренердэрин Геннадий Михайлович Охотины үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибин! Киэҥ Россия түһүлгэтигэр Үөһээ Бүлүүбүтүн дорҕоонноохтук ааттаппыккытыгар махтанабын. Үөһээ Бүлүү - өрүү үөһээ, өрүү үөһээ - Үөһээ Бүлүү👏👏👏", - диэн улуустааҕы спорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев эҕэрдэтин тириэрдэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🕯🙏 Үөдүгэйдэр ытыктыыр киһибит, Үөдүгэйи иккис дойду оҥостубут Чурапчыттан төрүттээх Үөдүгэй күтүөтэ, Чурапчы улууһун Хоту көһөрүү кыттыылааҕа, ССРС уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үлэ, тыыл, сцена бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү Үөдүгэйин, Чурапчы улууһун, Хоптоҕотун Бочуоттаах олохтооҕо, саха бастакы балерината А.В. Посельская аатынан бириэмийэ стипендиата, “Өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах бэтэрээнэ” бэлиэ хаһаайына, салайааччы, артыыс, ырыаһыт-алгысчыт, сахалыы отоһут, суруналыыс, хоһоонньут Афанасий Дмитриевич Аммосов - Күндүл Маҥан
92 сааһыгар бу олохтон туораата.

Кини оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, бары аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тириэрдэбит.

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин, Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ кэлэктииптэрэ
С Днём Матери! Ийэ күнүнэн!💐💐💐

Мама – самый близкий, родной человек для каждого из нас, который всегда поможет и поддержит, и будет рядом в самый трудный час. Именно любовь матери, её доброта, забота делает нас сильными и стойкими, проявляет в нас стремление к светлому и высокому.

Дорогие мамы, мы глубоко признательны вам за все, что вы делаете для нас. Ваша забота и труды бесценны, вы – поддержка и опора для наших семей и всего общества страны. Желаю всем матерям Якутии счастья, крепкого здоровья и благополучия! Пусть Вас всегда окружают любовь и забота детей и близких!

Ийэ баар буолан олохпут салҕанар, удьуор тэнийэр, дьол-соргу тосхойор. Ийэ күнүнэн! Эһиги дьиэҕит оҕо саҥатынан, дьолунан, чугас дьоҥҥут тапталларынан туоллун. Хас биирдии ийэҕэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

t.iss.one/aisen_nikolaev
Ытыктабыллаах, тапталлаах далбар хотуттарбыт, күн күбэй Ийэлэрбит!

"Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини бүтүн Россиятааҕы Ийэ күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!


Бу бырааһынньык – ийэлэрбитигэр ытыктабылы, тапталы биллэрэр махталбыт бэлиэтэ буолар.

Хас биирдии киһи ийэттэн төрүүр, ийэттэн кэлэр. Ийэ оҕотун хайдах иитэриттэн, оҕотугар сыһыаныттан уопсастыба быһыыта-майгыта, туруга улахан тутулуктаах. Билиҥҥи балысханнаах кэмҥэ, Ийэ суолтата туохтааҕар да күүстээх.
Анал байыаннай дьайыы хорсун буойуттарын төрөтөн-иитэн улаатыннарбыт Күндү Ийэлэргэ Дьоруой уолаттаргыт иһин барҕа махтанабыт!

Күндү Ийэлэр! Эһиги дьиэ кэргэн эргийэр киинэ буолаҕыт, дьоҥҥутун-сэргэҕитин араҥаччылыыгыт, тапталынан угуттуугут, айарга-тутарга көҕүлүүгүт. Дьоллоох ийэ дьоллоох олоҕу түстүүр. Онон улууспут уйгута улаатарын, чэчирии сайдарын туһугар биһиги билигин уонна инникитин даҕаны хас биирдии ийэ дьоллоох буоларын туһугар кыһаллыах тустаахпыт.

Ийэ күнүнэн эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, бигэ туругу, дьолу-соргуну баҕарабын!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.В. Николаев.

#ДеньМатери
#ИйэКүнэ
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
🤱💐Сегодня в России празднуется День матери - день, когда мы благодарим наших мам за все их труды и любовь, которую они нам дарят каждый день.

Пусть каждый ваш день будет наполнен радостью и счастьем. Вы заслуживаете только лучшего! Желаем вам здоровья, счастья и тепла в душе.

С праздником, мамы!

📲 Подпишись на @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#спорт #хапсаҕай

🏆 АБСОЛЮТНЫЕ ПОБЕДИТЕЛИ ТУРНИРА БРАТЬЕВ НОГОВИЦЫНЫХ-2024👏🏼👏🏼

🥇До 75 кг - Тимур Николаев (Верхневилюйск)
🥇Св 75 кг - Никита Софронов (Чурапчы)

«Спорт Якутии»
Россия ийэлэрин күнүгэр Тимур муҥутуур кыайыылааҕынан буолан, пъедестал чыпчаалыгар тахсан төһө эрэ ийэтэ долгуйда, үөрдэ-көттө👏👏👏🎉🎉🎉

Оҕо ситиһиитэ - ийэ үөрүүтэ❤️
🥇🥈🥉 ПОБЕДИТЕЛИ И ПРИЗЕРЫ ТУРНИРА БРАТЬЕВ НОГОВИЦЫНЫХ:

🔹57 кг: 1. Дмитрий Иванов (Кобяй), 2. Егор Находкин (Верхоянск), 3. Сахаачча Винокуров (Нам)
🔹65 кг: 1. Ньургун Терентьев (В-Вилюйск), 2. Афанасий Слепцов (Верхоянск), 3. Виталий Эспек (Ханалас)
🔹75 кг: 1. Тимур Николаев (В-Вилюйск), 2. Сергей Николаев (Кобяй), 3. Иван Семенов (Кобяй)
🔹85 кг: 1. Алексей Захаров (Чурапча), 2. Никита Высоцкий (В-Вилюйск), 3. Айсен Семенов (Оленек)
🔹95 кг: 1. Николай Николаев (Вилюйск), 2. Айсен Килибеев (Таатта), 3. Александр Халыев (Таатта)
🔹Св.95 кг: 1. Никита Хабаров (М-Ханалас)2. Эдуард Максимов (Нам), Турбат Мунхдурсгал (Монголия)

«Спорт Якутии»
Поздравляем с Днём Олонхо!

💎 Этот день, отмечаемый 25 ноября, стал важной вехой в сохранении и развитии нашего уникального культурного наследия. В 2005 году ЮНЕСКО признало якутский героический эпос Олонхо шедевром устного и нематериального культурного наследия, что подчеркивает его значимость для всего человечества.

Олонхо — это не только искусство, но и живая история, которая передается из поколения в поколение, отражая дух и мудрость нашего народа. Мы надеемся, что этот день вдохновит вас на дальнейшее изучение и сохранение наших традиций, а также на уважение к культуре и искусству.

Желаем всем здоровья, счастья и творческого вдохновения! Пусть в ваших сердцах всегда живёт любовь к родной культуре и стремление к новым свершениям.

@ulusmedia
Болҕойуҥ, сурутуу!

2025 сылга "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар сурутуу почта отделениеларыгар бара турар!
2025 сыл толору сурутуу сыаната: 1560,28 солк.
2025 сыл бастакы аҥарыгар: 773,30 солк.
2024 сыл ахсынньы ыйыгар эмиэ сурутуохха сөп: 103,22 солк.
Дьиэттэн тахсыбакка эрэ бу сигэнэн киирэн сурутуҥ: https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976
Маны таһынан, хаһыаты редакцияттан ыларга редакцияҕа сурутуу баарын санатабыт. 2025 сыл бастакы аҥарыгар - 726 солк. тэҥнэһэр.
Улуус хаһыатыгар сурутаргытыгар ыҥырабыт!
Редакция коллектива
#планерка

⭐️ Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа, Олоҥхо күнүнэн, олоҥхону көрөн олорон ааҕыыттан саҕаланна. Тэрилтэ салайааччылара ийэ олоҥхоһуппут Кириил Никииппэрэп - Лөкөчөөн олоҥхотун ааҕан иһитиннэрдилэр.

Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова эҕэрдэ тойугунан бэлиэ күнү арыйда.

Итиэннэ Олоҥхо декадатын иитинэн ыытыллар тэрээһиннэри билиһиннэрдэ.

Бырагырааманы сиһилии хартыыҥкаларга көрүҥ⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️⬆️

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Хаһыакка 2025 сылга сурутуу бара турар: https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976
#планерка

Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутун киинин үлэтин туһунан салайааччы эбээһинэһин толорооччу Зоя Егомина иһитиннэрдэ.

Улуус үрдүнэн социальнай көмөнөн 14027 киһи туһанар. Ол иһигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин огдообото - 2, тыыл бэтэрээнэ 31 эрэ киһи, сулууспалыы сылдьан эмсэҕэлээһин ылан инбэлиит буолбут 1 киһи баар.

42 Афганистан уонна Чечня сэриилэрин кыттыылаахтара бааллар. Маны тэҥэ билиҥҥи байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьааччылар биирдиилээн учуокка туран эрэллэр.

Улууска 1245 доруобуйатынан хаарчахтаах киһи биэнсийэ ылар. Ол иһигэр 206 оҕо, итиэннэ 1-кы группалааҕа - 190, 2-с группалааҕа - 343, 3-с группалааҕа - 513.

РФ таһымнаах үлэ бэтэрээнэ - 1202, СӨ үлэ бэтэрээнэ - 1530.

Харахтарынан көрбөт 21 инбэлиит учуоттаах.

38 киһи РФ донора дастабырыанньатынан көмөнү туһанар.

Кыаммат ыалларга субсидия көмөтүнэн дьиэлэрин газтааһыҥҥа 150 тыһ. солк. көрүллэр. Кииннэммит ититэр ситимҥэ холбонорго 125 тыһ. ананыан сөп. Быйылгы сылга газтааһыҥҥа уопсайа 9 мөл. 900 тыһ. солк., оттон кииннэммит ититэр ситимҥэ холбонууга 5 мөл. 250 тыһ. солк. анаммыта. Ол эрэн бу үп ситэри туһаныллыбакка сорох чааһа судаарыстыба бюджетыгар төннөрүллүбүт.

Социальнай хантыраак бырагырааматынан 26 мөл. 430 тыһ. солк. көрүллүбүтэ. Манна 102 кыаммат ыал уонна соҕотох олорор дьон туһаннылар. Ол курдук, бэйэ дьыалатын арыныыга - 24, үлэ буларга - 14, кэтэх хаһаайыстыба тэриниитигэр - 13, олох ыарахан, уустук балаһыанньатыттан тахсарга анаммыт көмө быһыытынан 40, соҕотох олорор 15 киһиэхэ үбүнэн көмө оҥоһулунна.

Үлэлиир саастаах инбэлииттэргэ анал бырагыраама чэрчитинэн 2 мөл. 762 тыһ. солк. 7 хантыраак оҥоһуллубут.

Оҕолоох ыаллары өйүүр бырагыраамалар күүскэ үлэлииллэр. Ол курдук, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала 300 тыһ. солк. суумалаах, регионнааҕы Ийэ хапытаала - 249 тыһ. солк.

"Дети столетия" хапытаал бүгүҥҥү күҥҥэ 110 тыһ. солк. тэҥнэһэн турар.

Элбэх оҕолоох ыаллар босхо сир учаастагын ыларга уочаракка тураллар. Улууска уһаайба сирэ суох буолан уочарат сүнньүнэн хамсыы илик. Ол уочаракка турааччылартан 94 ыал уһаайба ылартан аккаастанан, харчынан көрүллэр биир кэмнээх төлөбүр туһаммыт. Бу суума 200 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Спорт тэрээһиннэрин туһунан управление салайааччыта Егор Николаев кэпсээтэ.

23-гэр диэри саастаах ыччаттарга 30 хапсаҕайдьыт кыттыбытыттан Үөһээ Бүлүү хамаандата бастаан кубок хаһаайына буолла.

Бу күннэргэ ыытыллыбыт остуол тенниһин өрөспүүбүлүкэтээҕи чемпионатыгар 16 улуустан 200-тэн тахса спортсмен кыттыыны ылла. Улуус аатыттан кыттыбыт уолаттар хамаандалара 10-с миэстэни ылла, оттон кыргыттар хамаандалара үһүс бириистээх миэстэни ылары ситистэ. Пааранан күрэхтэһиигэ кыргыттарбыт Диана Пахомова уонна Эмилия Аввакумова үһүс миэстэни ыллылар.

Бырааттыы Ноговицыннар бириистэригэр хапсаҕайдаһан тустуу күрэҕэр 20-тэн тахса киһилээх Үөһээ Бүлүү хамаандата 6 ыйааһынынан күрэхтэстэ. Федерация Кубогар эрэнэр уолаттарбыт бириистээх миэстэлэри ыллылар.

Өрөбүллэргэ ыччат спартакиадата буолан ааста. 21 нэһилиэктэн 7 эрэ нэһилиэк кыттыыны ылла. Кыра нэһилиэктэргэ Хомустаах нэһилиэгин эрэ хамаандата кытынна уонна бастакы миэстэни ылан таҕыста. 35-гэр диэри саастаах 70-тан тахса ыччат дьон күрэхтэһэн, билсэн-көрсөн, алтыһан тарҕастылар.

Нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиада 23 көрүҥүнэн ыытыллар. Мантан үгүс нэһилиэктэр 5-тии, 6-лыы көрүҥҥэ кыттыбакка олороллор эбит. 6 нэһилиэк 100% кыттан олорор.

Нам уонна Хоро нэһилиэктэрэ туох-баар көрүҥҥэ барытыгар кыттан инники күөҥҥэ иһэллэр. Киирсии тыҥааһыннаах. Итиэннэ бу бөлөххө Дүллүкү уонна Үөдүгэй нэһилиэктэрэ биир очукуонан быысаһан, тилэх баттаһан иһэллэр.

Тамалакаан нэһилиэгэ орто нэһилиэктэргэ инникилээн иһэр. Тамалакаан кэнниттэн Боотулуу уонна Харбалаах нэһилиэктэрэ тэбис-тэҥ очукуолаах иһэллэр.

Үһүс, кыра нэһилиэктэр бөлөхтөрүгэр Быракаан бастаан иһэр. Кини кэннэ Хомустаах нэһилиэгэ аҕыйах очукуонан хаалан иһэр.

Билигин спартакиадаҕа биир, быһаарыылаах көрүҥ хаалан турар. Ол курдук, кырдьаҕастар спартакиадалара бу бээтинсэ, субуота ыытыллаары турар. Аҕам саастаах дьон көхтөөхтүк кыттан, нэһилиэктэригэр быһаарыылаах очукуолары биэриэхтэрэ.

Санатар буоллахха, үс бөлөҕүнэн кыайыылаах нэһилиэктэргэ улахан суумалаах харчынан бириистэр туттарыллыахтаахтар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM