#ааҕардьиэкэргэн #Годсемьи
Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо бибилэтиэкэтэ улуус оскуолаларын бибилэтиэкэрдэрин кытта холбуу "Ааҕар дьиэ кэргэн. Ааҕар оҕо" саҥа бырайыактарын чэрчитинэн улууска аан маҥнай ыытыллар "Ааҕар дьиэ кэргэн- 2024" улуустааҕы күрэх бүгүн Исидор Барахов аатынан 1 нүөмэрдээх оскуолаҕа саҕаланна.
Тоһоҕолоон бэлиэтээтэххэ, бу күрэх улууспут үөрэҕириитин сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Мария Ильинична Лазарева сырдык аатыгар уонна Россияҕа дьиэ кэргэн сылыгар ананар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Антонина Алексеевна Семенова, оҕо бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ Екатерина Револиевна Семенова, бибилэтиэкэ электроннай ресурсаларын салайааччыта Екатерина Петровна Долгаева үлэлииллэр.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

"Ааҕар дьиэ кэргэн-2024" күрэххэ барыта 8 дьиэ кэргэн: Дүллүкүттэн Васильевтар, М. Алексеев аатынан лицей-интернаттан Михайловтар, 1 нүөмэрдээх оскуолаттан Николаевтар, Кэнтиктэн Федотовтар, Тамалакаантан Федоровтар, улуустааҕы гимназияттан Чаҕылысовтар, Намтан Тойтоновтар уонна Хороттон Николаевтар күөн көрсөллөр.
"Биһиги дьиэ кэргэммит" бэйэ дьиэ кэргэнин билиһиннэрии, саха, нуучча литературатыттан ыйытыктарга хоруй, анаграмма оонньуута, хоһоон тылбааһа, сахалыы, нууччалыы өс хоһооннору сааһылааһын, буктрейлер (кэтэхтэн күрэх) курдук түһүмэхтэргэ тыҥааһыннаах киирсиилэр саҕаланнылар.
Билии баар - бараммат баай! Кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини, ким күүстээх, билиилээх кыайарыгар баҕарыаҕыҥ!

#ааҕардьиэкэргэн #дьиэкэргэнсыла #годсемьи
«Ааҕар дьиэ кэргэн» улуустааҕы күрэх түмүгэ таҕыста. Ол курдук, барыта 8 дьиэ кэргэн кыттыыны ылбытыттан “Кэрэни кэрэхсиир дьиэ кэргэн” – Тойтоновтар (П.Н. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолата), “Сахалыы куттаах дьиэ кэргэн” – Федоровтар (Тамалакаан орто оскуолата), “Көлүөнэнэн ааҕар дьиэ кэргэн” – Федотовтар (Кэнтик орто оскуолата), “Тобуллаҕас толкуйдаах дьиэ кэргэн” - Николаевтар (В.Г. Чиряев аатынан Хоро орто оскуолата), “Ааҕыы аргыстаах дьиэ кэргэн” - Чагылысовтар, (Үөһээ Бүлүү, Д.С. Спиридонов аатынан улуус гимназията) номинациялар хаһаайыннарынан буоллулар.
Онтон 1 миэстэни Васильевтар (Дүллүкү орто оскуолата) ылан Лазаревтар бириистэринэн -- 10000 солк., 2 миэстэни Николаевтар (И. Н. Барахов аатынан 1 №-дээх орто оскуола) ылан 5000 солк. уонна 3 миэстэни Михайловтар (М.А. Алексеев аатынан лицей-интернат) ылан 3000 солк. наҕараадаланнылар.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат

Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
🇷🇺🏠 В Минфине не планируют менять ставку в 6 процентов по семейной ипотеке для семей с одним ребенком до семи лет или с двумя детьми до 17. Об этом 21 ноября заявил министр финансов Антон Силуанов в интервью для телеканала «Россия 24».
✍🏻 По словам Силуанова, ведомство не испытывает проблем с финансированием механизма семейной ипотеки. Он напомнил, что сейчас действует несколько льготных ипотечных программ, и все деньги, которые необходимы для их реализации, учтены в бюджете.
📲 Подпишись на @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM