#көмүскэл
⭐️ Үөһээ Бүлүүттэн көрбөттөр уопсастыбаларын ансаамбыла «Салют Победы» фестивальга кытта барда
"Сырдык ыллык" фольклорнай ансаамбыл Бүтүн Россиятааҕы көрбөттөр тылынан уус-уран айымньыларын "Салют Победы" фестивалларыгар үһүс түһүмэҕэр ыҥырыы туппута. Күн сарсын Забайкальскай уобалас Чита куоратыгар фестивальга кыттардыы айвнҥа туруннулар.
Көрбөттөр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Айыына Заболоцкая салайааччылаах ансаамбылга 6 киһи дьарыктанар: Валентин Петров, Светлана Абрахова, Ульяна Варварикова, Раиса Григорьева, Иван Гаврильев. Оттон П.Тобуруокап аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Дмитрий Дьячковскай кинилэри дьарыктаан, бэлэмнээн, тэҥҥэ кыттыыны ыла барда.
Читаҕа барыы-кэлии ороскуотугар күүс-көмө буолбут нэһилиэктэр дьаһалталарыгар, чуолаан Нам нэһилиэгин баһылыгар Александр Кардашевскайга, Туобуйа нэһилиэгин баһылыгар Гаврил Лазаревка, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыгар Альберт Ивановка, Хоро нэһилиэгин баһылыгар Альберт Ивановка, улуустааҕы киин балыыһа профкомугар, чуолаан бэрэссэдээтэл Айталина Тарасоваҕа көрбөттөр уопсастыбаларын аатыттан улахан махталларын тиэрдэллэр.
Бу фестивальга финалга киирбиттэр эһиил Москва куоракка эстрада сулустарын кытта бииргэ ыллаһар чиэскэ тиксиэхтэрэ. Онон биир дойдулаахтарбытыгар кыайыы көтөллөөх кэлэллэригэр алгыспытын аныыбыт.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#түмэл
⭐️ Кэрэни кэрэхсээн...
Үөһээ Бүлүүтээҕи устуоруйа уонна этнография түмэлигэр сэтинньи 8 күнүгэр күнүс 11.00 чаастан Үөһээ Бүлүү улууһун норуот маастара, Саха сирин чороонньуттарын Сойууһун чилиэнэ Егоров Михаил Дмитриевич – Хаттаанай 50 сааһын туолар үөрүүлээх түгэнин көрсө «КЭРЭНИ КЭРЭХСЭЭН...» диэн анал быыстапкатын арыллыытыгар ыҥырабыт.
Быыстапканы көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.
@ueheebuluu

Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
Дьиэ сүөһүтүн маркировкалааһын ынах сүөһүгэ түмүктэнэрэ чугаһаата, оттон сылгыга, табаҕа – ыраах
❄️🦌«Хорриот» компонент бэтэринээрийэ эйгэтин федеральнай судаарыстыбаннай иһитиннэрэр тиһигэр дьиэ кыылын-сүөлүн наардааһын, учуоттааһын, ону тэҥэ ыытыллыбыт сэрэтэр, диагностыыр (лаборатория чинчийиилэриттэн ураты), эмтиир уо.д.а. дьаһаллар, хааччахтыыр дьаһалы (харантыыны) олохтуур уонна көтүрэр тустарынан иһитиннэриилэри түмэн биэрэр аналлаах.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ынах сүөһү, сылгы, таба кыстыкка киирээттэрин бу сүнньүнэн үлэ күүһүрдүлүннэ.
Сиhилии ⬇️
https://ulus.media/2024/11/07/die-syehytyn-markirovkalaahyn-ynah-syehyge-tymyktenere-chugahaata-otton-sylgyga-taba5a-yraah/
@ulusmedia

Forwarded from Тарасова Вилена Ивановна
Дойду барахсан хайа баҕарар киһиэхэ ураты кэрэ, уйулҕаны хамсатар угуйар аптаах күүстээх буоллаҕа. Онтон билигин сэрии толоонугар, кый ыраах тэлэһийэн сылдьар саллаат уолаттарбытыгар ити ахтылҕан тугунан даҕаны кэмнэммэт...
Итинник санаанан салайтаран, бүгүн Исиидэр Бараахап аатын сүгэр улуус кырдьаҕас оскуолатын 25 учуутала, үлэһиттэрэ ис сүрэхтэриттэн "Дойдум аһа" диэн аахсыйаҕа кыттыһан, балтараа чаас иһигэр илиилэрин сылааһын иҥэрэн
160 уст. бэрэскиини,
46 уст. чебурегы,
9 уст. саха лэппиэскэтин,
2 дьааһык хобуораһы оҥорон бэлэмнээтилэр.
Бары - Кыайыы туһугар!
Хорсун-хоодуот хотойдорбут этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туһугар!

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Я всегда искренне радуюсь за якутян, когда вижу, как преображаются наши города и селах. Благодаря программе «1000 дворов на Дальнем Востоке» и Всероссийскому конкурсу лучших проектов по созданию комфортной городской среды, на днях в селе Борогонцы Усть-Алданского улуса открыли набережную озера Мюрю, а в селе Модут Намского улуса - замечательный мини-парк!
В новых общественных пространствах обустроены детские игровые и воркаут-площадки, сцена, зоны отдыха. Теперь у жителей сел есть прекрасное место для отдыха, прогулок и общения. Все для людей!
Уверен, что новые пространства станут местом притяжения и отдыха жителей всех возрастов!
t.iss.one/aisen_nikolaev

#үбүлүөй
Бүгүн, Н.Г.Золотарев аатынан Харбалаах орто оскуолата 105 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир💐💐💐
Сарсыардаттан оскуола иһэ үөрбүт-көппүт оҕолорунан, учууталларынан, выпускниктарынан туолла. Нэһилиэк баһылыга Константин Платонов, оскуола дириэктэрэ Федот Филиппов, урукку сылларга үлэлээн кэлбит дириэктэрдэр мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр.
Салгыы учууталларга аналлаах быыстапкалар, оҕолор туойтан оҥорбут оҥоһуктара турдулар. Ону тэҥэ "Нэһилиэги үөрэхтээбит учууталлар" кабинеттары үөрүүлээхтик арыйдылар. Ыалдьыттарга анаан үбүлүөйдээх уруоктар, кылаас чаастара буоллулар.
Үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйар,
Омоонноох суоллары ыйаҕын.
Үрдүккэ, кэскилэ уһуйар
Оскуолам өрүүтүн сайдаҕын...
Дмитрий Кононов хоһоонуттан

@uoheebuluu
#быыстапка
Бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, улуустааҕы история уонна этнография түмэлигэр норуот маастара, Саха сирин чороонньуттарын Сойууһун чилиэнэ Михаил Дмитриевич Егоров - Хаттаанай олоҕун орто омурҕанын бэлиэтигэр уус-уран оҥоһуктарын быыстапката көрөөччү дьүүлүгэр турда.
"Кэрэни кэрэхсээн" быыстапкаҕа мастан, удьурҕайтан ураты кэрэ, хас биирдиилэрэ туһунан суолталаах, ис хоһоонноох чорооннор, кытыйалар, сахалыы иһиттэр туруорулуннулар. Манна даҕатан эттэххэ, Хаттаанай уус бу сатабылыгар элбэх эдэр дьону бэйэтин сатабылыгар үөрэтэ-такайа сылдьара кэрэхсэбиллээх.
Быыстапка үөрүүлээх арыллыытыгар норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта Светлана Аммосова Михаил Дмитриевичка "Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин" түөскэ кэтиллэр бэлиэни туттарда уонна 5000 солкуобай суумалаах сертификаты бэлэх уунна. История уонна этнография түмэлин салайааччыта Изабелла Саввинова маһы ыллатар ууска иһирэх эҕэрдэтин тиэрдэн туран, 3000 суумалаах сертификаты туттарда.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат