Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#форум

❗️❗️❗️ Фашизмы утарабыт!

Өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утары охсуһуу идеяларын тула иккис төгүлүн ыытыллар форум иитинэн сэтинньи 5 күнүгэр Дьокуускай куоракка төгүрүк остуол буолан ааста. Манна нацизмы утарар санааны өрө тутар дойдубут патриоттара, Россия дьоруойдара — анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, бэтэрээннэрэ, ыччат дьон, волонтердар, дьахталлар уонна төрөөбүт дойдуларын эҥкилэ суох таптыыр олохтоохтор кыттыыны ыллылар.

Оттон бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү "Киновер" киинэ саалатыгар мустубут олохтоохтор, тэрилтэ салайааччылара фашизмы утарар санааны өрө тутар форум сүрүн тэрээһинигэр быһа холбонон кыттыыны ыллыбыт.

"1945 сыллааҕы ыам ыйыгар ситиһиллибит Улуу Кыайыы хаһан да хааннаах сэриини таһаарбаттыы кэлбит курдуга да, күн баччаҕа диэри фашизм саһан сытан иитиллэн - иитийэхтэнэн тахсан кэллэ. Анал байыаннай дьайыыга, иллээх-эйэлээх олохтоох нэһилиэнньэлэри босхолуур сыаллаах кыргыһыыга, бүтүн аан дойду инники кэскилэ быһаарыллыаҕа. Бу икки аҥаар сыл устата дойду үрдүнэн олохпут укулаата төрдүттэн уларыйбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Билигин ыччаттарбытын патриоттуу тыыҥҥа иитэн таһаарар сүрүн сорук турар. Атын тас дойду угаайылаах хараҥа санаатыгар сыстыбакка, сырдык, фашизмы төрдүттэн утарар үтүө санаалаах дьон буолан тахсалларыгар сүрүн күүһү ууруохтаахпыт. Бу туһугар оҕолору, ыччаты патриоттуу иитиигэ болҕомто күүскэ ууруллар. Ол курдук, сөптөөх дьарыктар, эр санааны иитэр уруоктар, кылаас таһынан тэрээһиннэр ыытыллаллар, киэн туттар биир дойдулаахтарбыт ааттара үйэтитиллэр. 130-тан тахса араас омук олохсуйан олорор Сахабыт сиригэр омугунан арахсыбакка, биир сомоҕо буолан, бары бииргэ иллээх-эйэлээх олохтоох буоларбыт туһугар, фашизм биһиги олохпутугар хаһан да күөрэйэн тахсыбатын ситиһэрдии, Улуу Кыайыы туһугар олохторун толук уурбут эһэлэрбит үтүө ааттарын үйэтитэн, Кыайыы туһугар үлэлиэххэ-хамсыахха", - диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев төлөннөөх тылларынан куйаар ситимигэр быһалыы холбоммут тэрээһини саҕалаата.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадалары - анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэтээллэри туттарда. Бу форум ураты түгэнинэн буолла.

#АнтифашистскийФорум
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💬 Сегодня состоялась встреча с представителями Управления общественных связей и молодежной политики Окружной администрации города Якутска. Обсудили ключевые аспекты молодежной политики и обменялись опытом по поддержке молодежи в регионе. Также затронули важные вопросы семейной политики, которые напрямую влияют на благополучие наших граждан.

Особая благодарность Андрею Михайлову, Анастасии Угаровой, Туяре Зверевой и Денису Диодорову за их открытость и конструктивные рекомендации.

Мы уверены, что совместные усилия помогут создать новые возможности для молодежи и семей, а также сделать наш улус лучше.

🤝 Спасибо за сотрудничество! Надеемся на дальнейшие совместные проекты!

#МолодежнаяПолитика #СемейнаяПолитика
#уһуйаан

🏃‍♂️ "Аленушка" уһуйааҥҥа төрөппүттэр уопсай мунньахтара

Үөһээ Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутаата Александра Михайлова сэбиэдиссэйдээх 1989 сылтан тэриллэн үлэлиир "Аленушка" оҕо сайдар киинэ 52 үлэһиттээх. Сэттэ бөлөҕүнэн 22 педагог үлэлиир, ол иһигэр логопед, психолог курдук сэдэх идэлээх педагогтар логопедическай бөлөххө мөлтөх саҥалаах оҕолору кытта ыкса дьарыктаналлар. Илиитигэр дьоҕурдаах оҕолору көрөн ылан туой буорунан дьарыктыыр улууска ураты эбии дьарык куруһуога үлэлиир. Ааптар бырагыраамата оҥоһуллан бу сыл бүтэһигэр күн сирин көрүөҕэ.

"Оҕо быраабын туһунан кэпсэтиэххэ" диэн тиэмэлээх сэтинньи 6 күнүгэр тэриллибит төрөппүт уопсай мунньаҕар 2022 сылтан саҥа ананан үлэлээн эрэр Үөһээ Бүлүү улууһугар оҕо быраабын боломуочуйалааҕа, бу уһуйааҥҥа иитиллэн тахсыбыт Гаврил Волков "Оҕо бырааба - төрөппүт эбээһинэһэ" диэн тиэмэнэн кыттыыны ылла.

Иитиллээччилэр уйулҕа өттүнэн чөл туруктарыгар анаммыт ыйга ыытыллар тэрээһиннэр чэрчилэринэн үөрэх управлениетын психолого-педагогическай сулууспатын сэбиэдиссэйэ, эмиэ бу уһуйааҥҥа иитиллибит, билигин бу уһуйааҥҥа иитиллэр оҕолордоох элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Мария Спиридонова "Педагогтар уонна төрөппүттэр түмсүүлэрэ бииргэ үлэлэһии түмүгэр уйулҕа өттүнэн куттала суох эйгэни хааччыйыы" туһунан бэсиэдэлээтэ.

Оттон үөрэх управлениетын логопедическай арыаллааһынын сүрүн специалиһа Любовь Алексеева "Оҕо саҥарар саҥатыгар, тылын сайдыытыгар кэһиллии" диэн аныгы гаджет үйэтигэр иитиллэн тахсан эрэр оҕолор ортолоругар сытыытык турар боппуруоска кэпсэтиини ыытта.

Төрөппүттэргэ оҕо сааһынан уратыларын, хайа сааһыгар туох-ханнык хамсаныылары оҥоруохтааҕын, ханнык тыллары саҥарыахтааҕын, хайа өйдөбүллэри билиэхтээҕин быһаарда.

3 сааһыгар кэлэн оҕо чуолкайдык саҥарбат, тыл оннугар илиитин-атаҕын, хамсаныы көмөтүнэн туһанан бэйэтин наадатын быһаарсар буоллаҕына, саҥарар эрээри өйдөммөт буоллаҕына төрөппүт долгуйара тоҕоостоох. Маннык түгэҥҥэ логопед көмөтө быһаччы наадатын умнумаҥ.

Төрөппүт оҕотун кытта сахалыы чуолкайдык саҥаран кэпсэтиэхтээх, күннээҕи олоҕу токкоолоһон сэһэргэһиэхтээх. Оҕону кытта күннэтэ дьарыктаныахтаах. Кинигэтэ ааҕыҥ, остуоруйата кэпсэтиҥ, бииргэ оонньоһуҥ.

Статистика быһаарбытынан, 4 саастаах оҕолор гаджеты туттуулара, 7 саастаах оҕолор тус телефоннаахтара уопсай көрдөрүүттэн 35% ылар эбит. Оттон оскуолаҕа киирэр саастаах оҕолор өйгө тутар дьоҕурдара мөлтөөбүтэ бэлиэтэммит.

Өр телефоҥҥа олорор оҕо 10 тылтан 6 эрэ тылын өйдөөн хаалыан сөп. Оҕо сирэйин былчыҥнара ситэри сайдыбакка хаалыахтарын сөп. Киһи саҥатын кыайан өйдөөн истибэттэр. Хорутуулаах ураты толкуйа, оҥорон көрөр дьоҕура ситэ сайдыбат. Атын оҕону кытары бодоруһарыгар, бииргэ алтыһарыгар уустуктары көрсөр.

Онон, төрөппүттэр, оҕо төрөөбүт сахалыы тылынан саҥарар саҥата сайдарыгар күннэтэ төрөппүт ыкса алтыһыыта, көмөтө, дьарыга ирдэнэрин төрүт умнумаҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн, сэтинньи 6-с күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун депутаттарын сэбиэтин 22-с уочарата суох Сессиятыгар кыттыыны ыллым.

Сессияҕа улуус депутаттара Харбалаах нэһилиэгин генеральнай былааныгар уларыйыылары киллэрэр туһунан Быһаарыы бырайыагын ылыннылар.

Санатан этэр буоллахха, Харбалаах нэһилиэгэр саҥа оскуола-уһуйаан тутуутугар анаан талыллыбыт сир экспертизаны ааспатаҕыттан сибээстээн тутуу бырайыагар уларыйыылар киирбиттэрэ.

Сессия түмүгэр ылыллыбыт Быһаарыы чэрчитинэн оскуола-уһуйаан тутуллар саҥа сиригэр генеральнай былаан оҥоһуллан бырайыактааһын үлэтэ салҕаныа.

#СессияДепутатов
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
🎬 «Хаар куйаар номохторо» киинэ: уһулуу түгэннэрэ, интэриэһинэй чахчылар

Сэтинньи 7-с күнүттэн өрөспүүбүлүкэ киинэ тыйаатырдарыгар «Хаар куйаар номохторо» диэн саҥа сахалыы киинэ тахсыа. Бу режиссер Алексей Романов 1986 сыллааҕы Н.Заболоцкай «Мааппа» айымньытынан устубут дипломнай үлэтин салгыыта буолар.

Режиссер «Мааппа»-ҕа төннүүтүн суолтата, бэстибээллэргэ ситиһии төрдө уонна, өрүү буоларыныы, саха киинэтин феномена туохханый?

😄 https://vk.com/video-197321747_456243191

📲 Подпишись на @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🗣Советник главы Донецкой Народной Республики (ДНР) Игорь Кимаковский со слезами на глазах благодарит народ Саха, Республику Саха (Якутия) и отдельно Айсена Николаева за оказанную и оказываемую помощь Донецкой Республике.

📲 Подпишись на @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Принял участие в пленарном заседании II Республиканского антифашистского форума. Почетными гостями форума стали заместитель Командующего войсками Восточного военного округа, генерал-лейтенант Роман Греков, заместитель губернатора Запорожской области Сергей Гуляев, советник главы Донецкой Народной Республики Игорь Кимаковский, депутаты Государственной думы, представители опорных пунктов, волонтёры.

Сегодня вместе со всей страной мы вновь боремся с фашизмом, отражаем атаки на вековые устои и ценности, на наш общий мир. Угрозы Отечеству снова потребовали от общества сильной воли, и снова якутяне, как не раз бывало в нашей истории, встали на защиту своей Родины, проявляя мужество и патриотизм. Рад и горд был вручить нашим отважным воинам - участникам СВО государственные награды. Все они - наши герои, которыми мы безусловно гордимся!

Многонациональность и равноправие народов - это особая сила нашей великой России. Враг будет разбит, Победа будет за нами!

t.iss.one/aisen_nikolaev