Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
“Тускул” оҕо киинэ Үөһээ Бүлүү оҕолоругар “Ура, каникулы!” диэн тэрээһин оҥордо 🙌🏼💫
#СПО #ВерВилТех #ссузы

⭐️СДПК ВервилТех - второй на Дальнем Востоке

По итогам регионального уровня смотров-конкурсов на звание "Лучшая добровольная пожарная команда" в Дальневосточном федеральном округе в 2024 году, общественное учреждение "Студенческая добровольная пожарная команда" Верхневилюйского техникума заняла 2-ое место.

На смотре-конкурсе МЧС России приняли участие команды победителей первого этапка второго уровня субъектов России Дальневосточного округа.

Победителем стала команда Найфельдского сельского поселения Биробиджанского муниципального муниципального района Еврейскэй автономнай области. А третье место досталось добровольнай пожарнай команде Итанцинского Прибайкальского района Республики Бурятия.

Поздравляем победителей - вы лучшие💐💐💐

Троекратное Ура!👏👏👏

ВерВилТех - лучше всех🥳🥳🥳
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаас

🏃‍♂️ "Үрүйэчээн" оҕо сайдар киинэ төрөппүттэригэр анаан "Аҕа, ийэ уонна мин" спортивнай күрэҕи Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с №-дээх орто оскуола спортивнай саалатыгар тэрийэн ыыттыбыт.

Күрэх Россияҕа "Дьиэ кэргэн" Саха сиригэр "Оҕо саас" сылларын чэрчитинэн ыытылынна. Дьиэ кэргэн чөл олоҕу тутуһан, эти -хааны сыаллаахтык дьарыктаан чэбдигирдиитэ, спортка көҕүлээһин - бу киириэхпит сүрүн сыала буолар.

Күрэхтэһиибитин уһуйааммыт дириэктэрэ Евдокия Платонова эҕэрдэ тылынан арыйда, кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини баҕарда. Кырачаан иитиллээччилэр эҕэрдэ ырыа ыллаан тэрээһиммитин өссө ордук киэргэттилэр.

Уопсайа биэс дьиэ кэргэн күөн көрүстүлэр. Ол курдук, "Күнчээн" бөлөхтөн Ивановтар, "Кустукчаан" бөлөхтөн Семеновтар, "Кэнчээри" бөлөхтөн Шеломовтар, "Чуораанчык" бөлөхтөн Лебедкиннар уонна Прокопьевтар кытыннылар. Хамаандалар үчүгэйдик бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон кэлбиттэр.

Бастакы түһүмэххэ бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Иккис тыҥааһыннаах түһүмэҕинэн "Веселые старты" буолла. Манна Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ сымсаларын көрдөрдүлэр. Үһүс түһүмэххэ "сыал быраҕан" Семеновтар бастаатылар. Төрдүс түһүмэххэ балыктаан Ивановтар, Семеновтар, Лебедкиннар үрдүк көрдөрүүлэннилэр. Мээчиги тэйитэн сүүрүүгэ, ох саанан ытыыга Ивановтар тэҥнээхтэрин булбатылар.
Скакалкаҕа Прокопьевтар бастаатылар.

Уопсай түмүгүнэн сэттэ түһүмэхтэн биэһигэр үрдүк көрдөрүүлээх Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар. Үс
тургутууга кыайыылаах Семеновтар 2-с миэстэни ыллылар. 3-с миэстэҕэ Прокопьевтар дьиэ кэргэн тигистэ.

Кыайбыт, ону тэҥэ кыттыбыт дьиэ кэргэттэр грамоталарынан, мэтээлинэн наҕараадаланнылар.

Төрөппүттэрбит күннээҕи олохтон аралдьыйан, күлэн-оонньоон, астынан бардылар. Күндү дьоммутугар баҕарыа этибит өрүү маннык оҕолуу оонньоон, хамсанан чэгиэн буоларгытыгар.
Барҕа махталбытын 2-с №-дээх орто оскуола коллективыгар, дириэктэр Васмар Руфовка тиэрдэбит.

Сонуннарга анаан Джемма Дмитрьева

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү уулууһун култуура уонна духуобунас департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова уонна департамент исписэлиистэрэ алтынньы ый 1-кы күнүттэн 30-с күнүгэр диэри Нам, Тамалакаан, Кэнтик, Үөдүгэй, Харбалаах, Балаҕаннаах, Быракаан, Өргүөт, Ороһу нэһилиэктэригэр култуура үлэһиттэрин кытта көрсөн инники үлэни былааннастылар.

Үлэ сырыытын чэрчитинэн култуура департаменын салайааччыта Айталина Михайловна улууска инникитин былааннанар сонун бырайыактары билиһиннэрдэ, ону сэргэ муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталара уонна улуустааҕы култуура департамена бииргэ үлэлэһэллэрин туһунан Сүбэлэҥи түһэристилэр.

Сылдьыбыт нэһилиэктэргэ култуура кииннэрин методическэй үлэлэрин 9 ыйдаах отчуотун, былаан туолуутун анализтаан үөрэттилэр, нэһилиэк олохтоохторугар сынньалаҥы тэрийиигэ туох итэҕэстэр баалларын ырыттылар.

Култуура эйгэтин үлэһиттэригэр ыйдааҕы, кварталлааҕы уонна сыллааҕы отчуотка саҥа уларыйыылар киирбиттэрин департамент исписэлиистэрэ билиһиннэрдилэр.

Ону тэҥэ 2025-2030 сс. тыа сиригэр култуура сайдыытын көҕүлүүргэ ананан оҥоһуллар муниципальнай бырагыраамма хайысхатын торумнаатылар.

Инникитин сүбэлэҥ чэрчитинэн култуура кииннэригэр дьон-сэргэ сынньалаҥын үрдүк таһымнаахтык тэрийиигэ, методическай үлэни ыытыыга улуустааҕы култуура департаменын тустаах исписэлиистэрэ нэһилиэктэргэ күүс көмө буолуохтара.

Нэдиэлэ аайы иккилии нэһилиэги хабан киэн далааһыннаах үлэ ыытылынна. Сэтинньи ыйга Туобуйа нэһилиэгэр улуус култуура департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова олохтоох култуура киинин үлэтин билсэ тиийэрин туһунан үллэһиннэ. Салгыы сыл бүтүөр диэри өрүс уҥуоргу нэһилиэктэри барытын хабар үлэ сырыыта былааннанар.

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата
🎊Бүгүн "Хоптолоох" территориятыгар сабыс - саҥа, сып- сырдык "Мааппа" маҕаһыына арылынна👏👏👏

Үөрбүт - көппүт бастакы атыылаһааччылар көтөх муҥунан атыылаһан тахсан иһэллэрин көрүстүбүт.

Маҕаһыыҥҥа киирбитим - талбыт курдук бу эргин олорор улууспут киэн туттар устуоруктара, устуоруйа билимин дуоктара Никита Деевич Архипов уонна улуустааҕы устуоруйа уонна этнография түмэлин дириэктэринэн үлэлээбит Петр Алексеевич Сыбахов саҥа маҕаһыыны көрө, атыылаһа сылдьаллар эбит.

Эһиги болҕомтоҕутугар, бастакы атыылаһааччылартан биирдэстэрэ буолан, Никита Деевич Архипов "Мааппа" маҕаһыынтан анал бэлэҕи тутта🛍🎁🎁🎁

#Үөдүгэйсонуннара
🔸🔸🔸В Якутии продолжается акция «Тёплая осень»
по сбору тёплых вещей для бойцов специальной военной операции.➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/v-yakutii-akcziya-po-sboru-tyoplyh-veshhej-dlya-uchastnikov-svo-prodolzhitsya-do-koncza-noyabrya/
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Улусное детское движение «Сомо5о» совместно с Детской библиотекой провели улусную квест-игру «Единство в нас», посвященную Дню народного единства 🤩👏🏽👏🏽👏🏽
Алтынньы 16-с күнүттэн Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар анаммыт хотон тутуута саҕаламмыта.

Бүгүн сарсыарда, сэтинньи 1-кы күнүгэр үлэ тэтимэ хайдах баран иһэрин бэдэрээтчит иһитиннэрдэ. Сир буора тоҥон, акылааты буорунан сабыы үлэтэ 10 хонукка уһаабытын бэлиэтээн эттэ. Хотон акылаатын икки эргиирдээннэр, буор кутан, остуолбалары туруоруу үлэтэ бүгүҥҥэннэн түмүктэнэн, салгыы өһүөлэри таһаарар үлэҕэ киирдилэр.

Санатан этэр буоллахха, алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александрович Александровка Үөһээ Бүлүү улууһун саха ынахтарыгар саҥа хотону тутууга сүбэ мунньах ыытыллыбыта.

Билиҥҥи туругунан "Саха ынаҕа" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар 28 улахан сүөһү, 10 борооску, 20 тарбыйах, 2 атыыр оҕус иитиллэр.

Мунньах түмүгэр Оҥхой нэһилиэгэр тутуллар 50 төбөлөөх хотон үбүлээһинин СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйүүрүн биллэрбитэ.

Бэдэрээтчит, олохтоох урбаанньыт Семенов Александр Николаевич, хотон тутуутун бэйэтин суотугар саҕалаата. Салгыы СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн үп көрүллэн бу сыл бүтүөр диэри хотон тутуута түмүктэнэн саха ынахтара кыстыкка саҥа хотоҥҥо киириэхтэрэ диэн кэтэһэбит.

#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev