Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Күрэх бастакы түһүмэҕэр ийэлэр кыргыттарын кытта бэйэлэрин билиһиннэрэр кэрэхсэбиллээх видео визиткаларын дьүүллүүр сүбэ болҕомтотугар туруордулар. Хас биирдии дьиэ кэргэн тугунан тыынарын, оҕолорун хайдах иитэрин, сөбүлүүр дьарыктарын билиһиннэрэр роликтары бары астына дуоһуйа көрдүбүт, сыаналаатылар.

Иккис түһүмэххэ кыттааччылар айылҕаттан маанылаппыт талба талааннарын көрдөрөн, үҥкүүлээн дайдылар, ылбаҕай ырыаны ыллаатылар, хомоҕой хоһооннорун аахтылар.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Биир саамай күүтүүлээх, интэриэһинэй түһүмэҕинэн фирменнай бүлүүдэлэри астааһыны видео ролигынан көрүү буолла.

Ыал кэрэчээн ийэлэрэ кыргыттарынаан ас амтаннааҕын, арааһын астаан, ырысыаптарын сиһилии быһааран үллэһиннилэр.

Ол курдук, Саввиновтар быар торда, Константиновтар ынах иһиттэн кэтилиэт, Федотовтар пицца, Кузьминнар ананастаах убаһа этэ, Игнатьевтар шоколаднай пончик, Захаровтар салат, духовкаҕа буспут запеканка, Новогицыннар арбуз хаҕыгар отон микса, Казаковтар синнабон астаан көрдөрдүлэр.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Ийэлэр уонна кыргыттар ыйытыктарга эппиэттиир түһүмэхтэрэ бэрт түргэнник уонна сытыытык ааста. Бары дьиэ кэргэттэр бэриллибит ыйытыктарга иҥнигэһэ суохтук, түргэнник хоруйдаатылар.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат