«Кыыс ийэтинээн» улуустааҕы күрэх саҕаланна. Дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин тарҕатар, кыыс уонна ийэ сылаас тапталларын кэрэһэлиир долгутуулаах, тыҥааһыннаах күрэххэ Быракаантан Светлана Игоревна Саввинова кыыһа Анжеликалыын, Кэнтиктэн Антонина Васильевна Константинова кыыһа Полиналыын, Тамалакаантан Лилия Владимировна Федотова кыыһа Дайааналыын, Харбалаахтан Сандаара Петровна Кузьмина кыыһа Сайыыналыын, Үөһээ Бүлүүттэн Сардаана Аркадьевна Игнатьева кыыһа Мирославалыын, Үөдүгэй нэһилиэгиттэн Сардаана Анатольевна Захарова кыыһа Сандааралыын, Ороһуттан Нюргуяна Николаевна Ноговицына кыыһа Камилалыын, Үөһээ Бүлүүттэн Мария Николаевна Казакова кыргыттара Айыыналыын, Николиналыын, барыта аҕыс ийэ кыыһынаан, кыттыыны ылаллар. Биэс киһиттэн турар
дьүүллүүр сүбэ үлэтин саҕалаата.
Кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини, кыайыыны баҕарыаҕыҥ!
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
дьүүллүүр сүбэ үлэтин саҕалаата.
Кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини, кыайыыны баҕарыаҕыҥ!
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Күрэх бастакы түһүмэҕэр ийэлэр кыргыттарын кытта бэйэлэрин билиһиннэрэр кэрэхсэбиллээх видео визиткаларын дьүүллүүр сүбэ болҕомтотугар туруордулар. Хас биирдии дьиэ кэргэн тугунан тыынарын, оҕолорун хайдах иитэрин, сөбүлүүр дьарыктарын билиһиннэрэр роликтары бары астына дуоһуйа көрдүбүт, сыаналаатылар.
Иккис түһүмэххэ кыттааччылар айылҕаттан маанылаппыт талба талааннарын көрдөрөн, үҥкүүлээн дайдылар, ылбаҕай ырыаны ыллаатылар, хомоҕой хоһооннорун аахтылар.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Иккис түһүмэххэ кыттааччылар айылҕаттан маанылаппыт талба талааннарын көрдөрөн, үҥкүүлээн дайдылар, ылбаҕай ырыаны ыллаатылар, хомоҕой хоһооннорун аахтылар.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Биир саамай күүтүүлээх, интэриэһинэй түһүмэҕинэн фирменнай бүлүүдэлэри астааһыны видео ролигынан көрүү буолла.
Ыал кэрэчээн ийэлэрэ кыргыттарынаан ас амтаннааҕын, арааһын астаан, ырысыаптарын сиһилии быһааран үллэһиннилэр.
Ол курдук, Саввиновтар быар торда, Константиновтар ынах иһиттэн кэтилиэт, Федотовтар пицца, Кузьминнар ананастаах убаһа этэ, Игнатьевтар шоколаднай пончик, Захаровтар салат, духовкаҕа буспут запеканка, Новогицыннар арбуз хаҕыгар отон микса, Казаковтар синнабон астаан көрдөрдүлэр.