Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.89K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Бүгүн, балаҕан ыйын 28 күнүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга миниистирин бастакы солбуйааччы Евгений Егорович Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэ сырыытынан кэлэн тутуу графигыттан хаалан иһэр эбийиэктэрбитин көрдө.

Бастатан туран Харбалаах нэһилиэгэр тутулла турар Исидор Барахов аатын сүгэр култуура киинигэр тутуу үлэтэ түмүктүүр түһүмэҕэр кэлэн, үлэ тиэмпэлээхтик баран иһэрин билистэ.

Салгыы Үөһээ Бүлүүгэ тутулла турар оҕо поликлиникатын (оҕо эмтэнэр корпуһун), "Универсальный зал спортивных единоборств" тутуутун уонна "Хаарбах дьиэттэн көһүү" национальнай бырайыак чэрчитинэн Ленина 61 аадырыска тутулла турар элбэх квартиралаах дьиэ тутуутун бэрибиэркэлээтэ.

Тутааччылар бу 3 эбийиэккэ үлэһит илии тиийбэккэ үлэ тиэмпэтиттэн хаалыы баарын бэлиэтээн эттилэр.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин эбийиэктэрин көрөн баран Кэнтик нэһилиэгэр тахсан элбэх хайысхалаах култуура киинин (многофункциональный центр) капитальнай өрөмүөнэ хайдах баран иһэрин билистэ. Свая түһэрэр техника ирбэт тоҥу хаһарыгар хаста да алдьанан, үлэҕэ ыарахаттары көрсөн тутуу тиэмпэтэ бытаарбытын бэдэрээтчиттэр этиннилэр.

Былаан быһыытынан "Универсальный зал единоборств", элбэх квартиралаах дьиэ тутуулара уонна Кэнтик нэһилиэгин култуура киинин өрөмүөннээһин быйылгы сыл бүтүөр диэри түмүктэниэхтээхтэр. Ол эрэн, үлэһит илии тиийбэккэ үлэ тиэмпэтэ графиктан хаалан иһэр.

Евгений Егорович эбийиэктэри кытта билсэн баран үлэһит күүһү элбэтэн, тутуу тиэмпэтин түргэтэтэргэ сорудахтаата.

#Строительство
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Госавтоинспекция предупреждает местных жителей о первом снеге на территории Верхневилюйского района.

По этой причине водителям рекомендуют быть более осторожными на дорогах, соблюдать безопасную скорость и дистанцию между другими участниками движения.

Пешеходам следует снимать капюшон во время перехода через дорогу и помнить о том, что тормозной путь автомобилей на влажной дороге намного увеличивается.

Движение и управление зимой. Подготовка автомобиля – это важный этап для обеспечения комфортного и безопасного движения, однако еще более значимым моментом вождения автомобиля зимой является соблюдение следующих основополагающих правил:

• всегда ехать со скоростью меньшей на 10-20 км/ч, чем в обычных условиях; • соблюдать в 2 раза большую дистанцию по сравнению с движением в обычных условиях;
• двигаться максимально плавно, избегать резких разгонов, рывков.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Верхневилюйская ЦРБ (ГосПаблики)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Интересные факты о сердце❤️

➡️Масса сердца не превышает 350 грамм, а его размер равен величине кулака.
Секундная стрелка была специально изобретена английским врачом Д. Флоуэром, чтобы начать исследования сердечного ритма.

🔺Согласно результатам проведённых исследований люди, которые спят после обеда, на 37% реже страдают сердечно-сосудистыми заболеваниями, чем бодрствующие целый день.

🔺За всю жизнь сердце человека в спокойном состоянии сокращается до 3 млрд. раз, в минуту — около 72 раз, за сутки — около 100 тыс. раз, а в год — 36 млн. 500 тыс. раз и осуществляет перекачивание крови, равное почти 10 тоннам.

❤️Берегите себя и своё сердце!
Вопросы дальнейшей эксплуатации федеральных трасс "Колыма" и "Вилюй" обсудили на рабочей встрече с руководителем Федерального дорожного агентства Романом Новиковым.

В последние годы участились жалобы на состояние дорог федерального значения в республике. Причиной этого стала возросшая интенсивность дорожного движения и увеличение количества большегрузных машин. На отдельных участках с грунтовым покрытием при сильных осадках происходит простой транспорта, включая участки трассы "Колыма" от Чурапчи до реки Алдан в Томпонском районе. Для того, чтобы решить эту ситуацию, мы с Романом Витальевичем договорились об увеличении финансирования на содержание дорог.

Кроме того, обсудили вопросы реализации в республике нацпроекта "Безопасные качественные дороги". Благодаря данному нацпроекту, с 2019 года по 2023 год в Якутии было приведено в нормативное состояние свыше тысячи километров дорог. В 2024 году ожидается ввод еще 184 километров.

Благодарю Романа Витальевича за содействие в решении важных для нашей республики вопросов!

t.iss.one/aisen_nikolaev
#сурутуу

2025 сылга "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар сурутуу почта отделениеларыгар саҕаланна👍🏻👍🏻👍🏻

2025 сыл толору сурутуу сыаната: 1560, 28 солк.
2025 сыл бастакы аҥарыгар: 773,30 солк
2024 сыл бүтэһик үс ыйыгар эмиэ сурутуохха сөп: 309,66 солк.

Дьиэттэн тахсыбакка эрэ бу сигэнэн киирэн сурутуҥ⤵️⤵️ ⤵️

https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976

Маны таһынан, хаһыаты редакцияттан ыларга редакцияҕа сурутуу баарын санатабыт. 2025 сыл бастакы аҥарыгар - 726 солк.

Улуус хаһыатыгар сурутаргытыгар ыҥырабыт!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
🔷🔺🔷🔺🔷🔺🔷🔺🔷🔺
*Үөһээ Бүлүүгэ Оптуорунньук-доруобуйа күнэ*
🔷🔺🔷🔺🔷🔺🔷🔺🔷🔺
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Алтынньы 1 күнүнээҕи программа*
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
🔴 07ч.30м. - *«Үс Хоһуун» стадион манеһыгар* САРСЫАРДААҤЫ СЭРЭЭККЭ (тренер Лаврентий Карадчин)
🟠 09ч.00м.- *Киин бибилэтиэкэҕэ* ЧЭБДИГИРДЭР СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА (тренер Вера Андреева)
🟡 10ч.00м. - *«Үс Хоһуун» спорт саалатыгар* ОСТУОЛ ООННЬУУЛАРА
🟢 10ч.00м.-15ч.00м. *«Үс Хоһуун» стадиоҥҥа* КӨҺӨ СЫЛДЬАР МЭДЭССИИНИСКЭЙ КОМПЛЕКС үлэлиир (диспанцеризация)
🔵 14ч.00м. -*«Олонхо» дьиэтигэр* аҕам саастаах дьоҥҥо ТЫЫНЫЫ ГИМНАСТИКАТА
🟣 16ч.00м. -*«Олонхо» дьиэтигэр* аҕам саастаах дьоҥҥо ТЫЫННААХ ДОРҔООН ДОҔУҺУОЛУНАН МЕДИТАЦИЯ
🔴 17ч.00м-*«Олонхо» дьиэтигэр* ЗУМБА-ФИТНЕС ҮҤКҮҮ
🟠 16ч.00м. - *Устуоруйа уонна этнография түмэлигэр* фитобар: ЭМТЭЭХ ОТТООХ ЧЭЭЙДЭРИ АМСАЙЫЫ (дегустация)
🟡 КҮНҮ БЫҺА «Үс Хоһуун» спорт саалатыгар, манеһыгар босхо дьарыктаныаххытын сөп!
⛹🏻⛷️🧘🏻‍♀️🤾🏻‍♀️🤼🏋🏻‍♂️🚴🏻⛹🏻‍♀️🏂🤺

#вторникденьздоровья
#верхневилюйск
#планерка

Улуус нэдиэлэтээҕи сүбэ мунньаҕа саҕаланна. Мунньаҕы улуус баһылыга Валерий Николаев ыытар. Бастакы боппуруоһунан үөрэҕирии туһунан үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы Леонид Огочонов иһитиннэрдэ:

-
"Флагманы образования" бырайыак иккис түһүмэҕэр саҕаланна. 54 учуутал бу бырагырааммаҕа кыттыыны ылыахтаах.

БКЭ, ОГЭ бүтэһиктээх анаалыс түмүгүнэн бастыҥ көрдөрүүлээх 49 учууталларга махтал суруктары учуутал күнүгэр туттараары бэлэмнии сылдьабыт.

Култуура департаменын кытары кыттыһан алтынньы 3 күнүгэр учууталларга аналлаах куонкурус тэрийээри сылдьабыт. Учуутал күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин алтынньы 4 күнүгэр былааннанар.

@uoheebuluu
#планерка

Комплекснай кадастр үлэтин туһунан улуус баайын-дуолун дьаһайар комитет салайааччыта Семен Колтовской иһитиннэрдэ:

- Быйыл 8 нэһилиэккэ комплекснай кадастр үлэтэ ыытылла турар. Былырыын 5 нэһилиэккэ оҥоһуллубута.

Атырдьах ыйыттан уопсайа 3 мунньах буолбута. Ааспыт бээтинсэтээҕи туругунан, Сургуулук, Көтөрдөөх, Мэйик уонна Далыр сөбүлэҥин аастылар. Алтынньыга үлэ түмүктэниэхтээх. Үлэ 40 бырыһыана оҥоһуллан турар.

Кадастр үлэтин көннөрүү, дьаһайыы хайаан да наада. Каартаҕа үгүс сыыһалар бааллар, ол туоратыллыахтаах. Үөһээ Бүлүү уонна Үөдүгэй каартатыгар гаас өттүнэн үгүс кыһалҕа баар. Ону гаас тэрилтэтин кытары кэпсэтэн быһаарыахпыт.

@uoheebuluu
#планерка

Үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы Леонид Огочонов үөрүүлээх быһыыга-майгыга бииргэ үлэлэһэр, оҕолор патриотическай иитиилэригэр сүҥкэн кылаатын уурар Ан Михаил Васильевиһы үйэ аҥаардаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ🎉🎉🎉👏👏👏

@uoheebuluu
#планерка

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын үлэтин туһунан тыа хаһаайыстыбатын салалтатын сүрүн зоотехнига Федор Иванов кэпсээтэ:

Ааспыкка тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар 12 сайаапка киирбитэ, 16 хаһаайыстыба ас-үөл атыылаата. Дьаарбаҥкаҕа Жатайтан хаппыыста уонна Дьокуускайтан балык кэлэн атыылаатылар.

Ааспыт нэдиэлэҕэ 40 туонна КРС, 27 туонна эбиэс комбикормалара кэллэ.

От былаана 95 бырыһыан туолла. Кыстыкка киирии этэҥҥэ. Бэҕэһээ ынахтары үгүс дьон баайталаата.

@uoheebuluu
#планерка

Оҕону көрүү-истии харалтаҕа ылар салалта салайааччытын солбуйааччыта Николай Федоров:

- Приемнай дьиэ кэргэҥҥэ 40 оҕо иитиллэр, оҕо тэрилтэтигэр 20 оҕо араас улуустан кэлэн иитиллэр. Хас нэһилиэк аайы оҕолордоохпут, дьаһалта үлэһиттэрэ биһигини кытары тэҥҥэ үлэлэһэ олороллор.

9 ый түмүгүнэн 9 оҕо ийэлэрин бырааптара күөмчүлэммиттэрэ.

Дьиэ кэргэҥҥэ тулаайах оҕону иитии политикатын күүстээхтик ыытабыт. 7 оҕо саҥа приемнай дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэ сылдьаллар. Маныаха Ороһу нэһилиэгин бэлиэтиэххэ наада. Манна улуус үрдүнэн саамай элбэх приемнай дьиэ кэргэн баар.

Тулаайах оҕолор дьиэнэн хааччыллыыларын эттэххэ, быйыл ахсынньыга 4 оҕо дьиэлэниэхтээх. Маныаха элбэх кэпсэтии, сөбүлэҥ үлэтин ыыттыбыт. Урукку сыллартан аахтахха элбэх тулаайах оҕо дьиэнэн хааччыллар реестрга турар.

"Школа приемного родителя" 2013 сылтан үлэлиир. Быйыл 16 ийэ, аҕа үөрэннилэр.

@uoheebuluu
С 24 сентября по 24 октября 2024 года на территории республики проводится Месячник по обеспечению безопасности дорожного движения, направленный на снижение детского дорожно-транспортного травматизма”.
В рамках Месячника проводятся рейдовые, профилактические мероприятия.
Соблюдайте Правила дорожного движения! Берегите себя и окружающих!

Управление Госавтоинспекции МВД по Республике Саха (Якутия)
#планерка

Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта , полиция майора Владислав Поскачин:

- Ааспыт нэдиэлэҕэ 60 иһитиннэрии киирдэ, ол иннинэ 41 этэ. Эт-хаан эчэйиитэ - 13, алтата охсуһуу түмүгэр. ДТП - 2, түөкүннээһин (кирэдьиит төлөөбөккө) - 18, өлөрүүнэн куттааһын - 1, икки киһи өлүүгэ көһүннэ (Сургуулукка, биирэ бэҕэһээ Үөһээ Бүлүүгэ), экспертиза барар.

Административнай эппиэтинэскэ 16 киһи тардылынна, ГАИ өттүнэн 74 боротокуол толорулунна.

Маны таһынан, бу өрөбүллэргэ интэриниэт ситимин толорбут "сонун" тула кэпсэтии барда. Дьиэ кэргэн иирсээһинин түмүгэр, ыал ийэтэ эчэйбит түгэнэ бэлиэтэннэ. Маныаха Владислав дьыала тугун-хайдаҕын быһаарда. Улуус баһылыга Валерий Николаев бу дьыаланы быһаарарга, миэрэ ыларга сорудахтаата.

@uoheebuluu
#Планерка

Улуус кылаабынай бырааһа Сардаана Павлова иһитиннэрии оҥордо:

- Улууска арыгы иһээһинэ, сарсыардаттан холуочук киһи хаамсара наһаа элбээтэ, маныаха тустаах миэрэни ыларгытыгар көрдөһөбүн. Хас нэдиэлэ аайы арыгы дьайыытыттан реанимацияҕа 2-лии - 3-түү киһи киирэн барар. Реанимацияҕа 3 эрэ миэстэ баар.

Маны таһынан бэйэтигэр тиийинэ сатаабыт оҕо 3 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Тустаах тэрилтэлэр профилактика үлэтин ыытаргытыгар көрдөһөбүн.

Улуус баһылыга этиилэри истэн баран, анал мунньах тэрийэргэ сорудахтаата.

@uoheebuluu