Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Бэлиэкүн

Бүгүн, Олоҥхо дьиэтигэр, СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө, үөрүүлээх тэрээһин Улуу Россия, Саха сирэ, Үөһээ Бүлүү гимнэриттэн саҕаланна.

@uoheebuluu
#Бэлиэкүн

СӨ Ил Дархан дьаһалтатын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын салайааччы Георгий Николаевич Михайлов улуус олохтоохторун эҕэрдэлээтэ уонна Ил Дархан махтал суруктарын идэлэригэр бэриниилээх дьоҥҥо туттартаата.

@uoheebuluu
#Бэлиэкүн

Улуус баһылыга Валерий Николаев бар дьонун Судаарыстыбаннас күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспата тэриллибитэ 40 сылынан үбүлүөйдээх мэтээллэри, "Россия бочуоттаах донора" ааты туруу үлэһиттэргэ уонна бу күннэргэ 14 саастарын туолбут кэнчээри ыччаттарбытыгар Россия гражданинын пааспардарын туттартаата.

Эҕэрдэлиибит! 🎉🎉🎉

@uoheebuluu
#Бэлиэкүн

Улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев истиҥник эҕэрдэлээн туран өр сыллаах сыралаах үлэтин уонна Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин "СӨ Бочуоттаах тутааччыта" түөскэ кэтиллэр бэлиэ хаһаайына Дмитрий Алексеевич Петровка "Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтоҕо" ааты туттарда, улуус депутатыгар Александра Михайловаҕа уонна депутаттар Сэбиэттэрин специалиһыгар Диана Сидороваҕа махтал суруктары туттартаата.

@uoheebuluu
#Бэлиэкүн

Д.С.Спиридонов аатынан 4 нүөмэрдээх орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ, "Лидер" куруһуок иитиллээччитэ, "Басхан" улуустааҕы дьыалабыай оонньуу кыайыылааҕа Олег Андреев кэнчээри ыччат аатыттан эҕэрдэтин эттэ, "Cаха буоларбытынан киэн туттуохха" диэн доргуччу ыҥырда.

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Үс Хоһуун стадионугар үгэскэ кубулуйбут оҕолорго «Көрдеех сырсыы» диэн билисипиэтинэн күрэх буолла