Forwarded from Верхневилюйская центральная модельная библиотека им. О. Д. Федоровой (Людмила Буртахова)
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
“Дани-Алмас компания” кинигэ кыһатыгар босхо бэчээттэнэн тахсар уус-уран кинигэ ааптарын быһаарар көрүү-күрэх түмүгэ.
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
"Тобуруокап көмүс күһүнэ" хоһоон көҥүл түһүлгэтигэр, "Көмүс тобурах" күрэҕи "Дани Алмас" кинигэ кыһата айар, суруйар дьоҕурдаах дьоҥҥо төрдүс төгүлүн ыытта.
Бу күрэххэ 12 улуус бастыҥ хоһоонньута бэйэтин улууһун аатыттан кииристэ. Улуус аатыттан кыттар ааптар 10 талыллыбыт хоһооннорун анал хамыыһыйа көрөн сыаналаата.
Хоһооннору көрүү түмүгэр Ньурба улууһуттан Саргылана Стручкова кыайда уонна "Дани-алмас" типографияттан 100 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу тутта.
Иккис миэстэни ылла Үөһээ Бүлүү улууһуттан Антонина Хобусарова, 75 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу сурук тутта.
Үһүс миэстэни ылла Чурапчы улууһуттан Римма Корякина - Хотууна, 50 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу тутта.
Ону сэргэ улуус түмсүүлэрэ 20% чэпчэтиилээх бэчээттэтиигэ туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар.

"Тобуруокап көмүс күһүнэ" хоһоон көҥүл түһүлгэтин түмүктүүр тэрээһинэ “Тута хоһуйсуу күрэҕэ” Нам сынньалаҥ киинигэр иккис төгүлүн ыытылынна. Хоһуйсуу күрэҕин сыаналаатылар А.М. Мойтохонова - Сахаайта, М.С. Санников, В.Г. Гуринов - Арчылан. Күрэх үс түһүмэхтэн турда. Барыта 12 хоһуйааччы кыттыыны ылла. 1-кы түһүмэх кэнниттэн 8 кыттааччы, 2-с түһүмэх кэнниттэн 3 кыттааччы хаалан күөн көрүстүлэр, ол түмүгүнэн "Кылаан чыпчаал" аатын ылла Таатта улууһуттан Александра Жулеева - Суһума. Кыайыылаах улуус дьаһалтата туруорбут 50.000солк. бирииһин ылан үөрүү өрөгөйүн биллэ.

Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Уважаемые жители и гости Верхневилюйского улуса!
Приглашаем Вас принять участие на торжественном чествовании участницы Олимпийских игр - 2024 г., мастера спорта международного класса по легкой атлетике, пятикратной чемпионки России по марафону Трофимовой Сарданы Александровны, которое состоится 09 сентября 2024 г. в 15:00ч. в здании Детской школы искусств (РДК).
Вместе с Сарданой🌷
#СарданаТрофимова
#ВерхневилюйскийУлус
Пресс-служба администрации МР "Верхневилюйский улус (район)"

#быыбар
Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Кэнтик уонна Харбалаах нэһилиэктэригэр баһылыктары, 18 нүөмэрдээх Кырыкый-Дүллүкү биир мандаттаах быыбардыыр уокуругар депутаттары талар быыбардар буола тураллар.
Миэстэтигэр общественнай наблюдательлэр, полиция үлэһиттэрэ быыбар хаамыытын көрөллөр, бэрээдэги көрөллөр-истэллэр.
@uoheebuluu

Харбалаахха баһылыгы талаллар — Улус Медиа
https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/harbalaahha-bahylygyn-talallar/

Бүгүн күнүс 3 чаастааҕы дааннайынан, Кэнтиккэ 210 киһи быыбардаата, Харбалаахха 146, Кырыкый-Дүллүкү биир мандаттаах быыбардыыр уокуругар уопсайа 168.
Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар киэһэ 8 чааска диэри үлэлииллэр.

Бүгүн киэһэ 5 чаастааҕы дааннайынан, Кэнтиккэ 273 киһи быыбардаата, Харбалаахха 194, Кырыкый-Дүллүкү биир мандаттаах быыбардыыр уокуругар уопсайа 235.
Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар киэһэ 8 чааска диэри үлэлииллэр ол кэннэ боротокуол ааҕыыта саҕаланыа.

#планерка
Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын планерката үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна.
Улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ Үп-харчы министиэристибэтиттэн махтал суруктары туттулар.

✅Улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Юрий Кынатов балаҕан ыйын 11-12 күннэригэр улууска үөрэх үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ-мунньахтара буоларын туһунан иһитиннэрдэ. Манна ХИФУ, АГАТУ профессордара семинардары ыыта кэлэллэрэ былааннанар.
Бу күһүҥҥүттэн үөрэх ирдэбилинэн, профильнай кылаастар арыллан үлэлииллэр.
Маны таһынан, Юрий Васильевич үөрэх эйгэтигэр уларыйыылары, саҥа салайааччылары билиһиннэрдэ.
Бу күһүҥҥүттэн үөрэх салалтата ТГ-ханаалы үлэлэтэн саҕалаата. Төрөппүттэр, оҕолор, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ "Новости образования Верхневилюйского улуса" сурутуҥ, ааҕыҥ.

✅Улуустааҕы ОДьКХ салайааччыта Альберт Гаврильев:
- Биһиги тэрилтэҕэ суоппардар тиийбэттэр. Үөрэхтээх электрик тиийбэт, ким үлэ көрдүүр буоллаҕына үлэ чааһыгар кэлэн билсиэххитин сөп
Бүгүҥҥү туругунан, атырдьах ыйыттан уҥуоргу нэһилиэктэргэ чох тиэрдэр үлэ барар. Ардах мэһэйдээбэтэҕинэ, соторунан барыта тиэрдиллиэхтээх. Суол туруор диэри барытын таһабыт.
Хороҕо газоконденсатнай хочуолунай үлэлиир. Бензовоһунан таһаллар.
Диспетчерскай сулууспа күнү-түүнү мэлдьи үлэлиир.
Сайын былааннаммыт өрөмүөннэр барыта 100% туоллулар. Билигин гараастары өрөмүөннүүр үлэ барар. Туобуйаҕа саҥа хочуолунай тутулла турар.

✅ТИК бэрэссэдээтэлэ Семен Миронов быыбар хаамыытын билиһиннэрдэ.
- Быыбарга уопсайа 51 бырыһыан киһи кытынна.
Кырыкый-Дүллүкү биир мандаттаах уокурукка Семенов Виктор депутатынан талылынна.
Харбалаах нэһилиэгэр икки кандидаттан 179 куолаһы эрдэ баһылыктаан олорбут Константин Платонов ылла. Барыта 216 киһи кытынна.
Кэнтиккэ 295 киһи кытынна. Эрдэ депутатынан үлэлии олорбут Федотов Сергей баһылыгынан талылынна.
Быыбар этэҥҥэ ааста. Миэстэтигэр общественнай наблюдательлэр сөптөөхтүк үлэлээтилэр.

✅ Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделыттан полиция старшай лейтенана Петр Павлов иһитиннэрдэ.
- Ааспыт нэдиэлэҕэ уопсайа 53 иһитиннэрии киирдэ.
Эт-хаан эчэйиитэ - үс, уоруу - 3, биир киһи өлүгэ көһүннэ, түөкүннээһин - 14 . Займ ылан баран кэмигэр төлөөбөттөр, ол иһин займ-нар биһиэхэ сайабылыанньа суруйан ыыталлар. Түгэнинэн туһанан, иэс ылбыт харчыгытын кэмигэр төлүүргүтүгэр ыҥырабын.