Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Forwarded from СПОРТ ЯКУТИИ (Александр Посельский)
🏆Первый чемпионат мира по борьбе хапсагай-2024, Бишкек (Кыргызстан)

🔻Победитель и призеры в весовой категории до 57 кг:
🥇Пантелеймон Николаев (Саха-Россия🇷🇺)
🥈Егор Находкин (Саха-Россия🇷🇺)
🥉Аким Куулар (Тыва-Россия🇷🇺)
🥉Родион Асканаков (Алтай-Россия🇷🇺)

🔻Победитель и призеры в весовой категории до 65 кг:
🥇Петр Константинов (Саха-Россия🇷🇺)
🥈Сергей Николаев (Саха-Россия🇷🇺)
🥉Кирилл Павлов (Саха-Россия🇷🇺)
🥉Беккасил Жангабай (Казахстан🇰🇿)

🔻Победитель и призеры в весовой категории до 75 кг:
🥇Тимур Николаев (Саха-Россия🇷🇺)
🥈Иван Семенов (Саха-Россия🇷🇺)
🥉Сангади Ульзетуев (Бурятия-Россия🇷🇺)
🥉Исламбек Орозбеков (Кыргызстан🇰🇬)

«Спорт Якутии•
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччы Саргылаана Васильевна Алексеева уонна улуус култууратын департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова Намнааҕы М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһын көрдүлэр, үлэтин-хамнаһын билистилэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун делегациятын Нам улууһун култуура салалтатын салайааччытын солбуйааччы Гоголев Андрей Прокопьевич көрсөн дьэрэкээн дьүһүннээх, аныгыы тутуулаах култуура дыбарыаһын дьиэтин көрдөрдө, тутуу ымпыгын-чымпыгын кэпсээтэ.

5000 тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх, 3 этээстээх дьиэҕэ улуустааҕы загс, киин библиотека, норуот айымньытын дьиэтэ, оҕо модельнай библиотеката, галерея, история уонна этнография түмэлэ, 400 миэстэлээх кэнсиэртиир зал түмүллэн таһаарыылаахтык үлэлииллэр.

Култуура дыбарыаһын Алроса акционернай хампаанньыйа өйөбүлүнэн Кэлэр көлүөнэ пуондата 2022 сыллаахха тутан үлэҕэ киллэрбитэ.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаев сорудаҕынан Култуура Дыбарыаһын концепциятын оҥорууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска министиэристибэтин кытта кэккэ үлэ бара турар.

#ДворецКультуры
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Кыргызтан өрөспүүбүлүкэтигэр Бишкек куоракка бастакы Аан дойдутааҕы Хапсаҕай чемпионатыгар Үөһээ Бүлүү бөҕөстөрө чемпионнаатылар!

57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа финалга Үөһээ Бүлүүттэн Пантелеймон Николаев Өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга чемпионун Егор Находкины кыайан Аан дойду чемпионун үрдүк аатын ылла.

75 кииэлэҕэ диэри ыйааһыҥҥа финалга Үөһээ Бүлүүттэн Тимур Николаев Саха Сирин бөҕөһүн Иван Семенову кыайан Аан дойду хапсаҕайга чемпиона буолла.

Уолаттарбытын үрдүк кыайыыгытынан эҕэрдэлиибит! Үөһээ Бүлүү хапсаҕай дойдута буоларын Аан дойду көбүөрүгэр көрдөрөн кыайыыны ситиспиккитинэн киэн туттабыт!

#Хапсаҕай
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
За сутки в Якутии ликвидировали 6 и локализовали 12 природных пожаров

🗺️ На территории республики действуют 54 природных пожара.

🌳 За сутки ликвидировано 6 пожаров на площади около 9,7 тысяч га и локализовано 12 на площади свыше 45 тысяч га.

🧑🏻‍🚒 К тушению привлекались 1 241 человек и 104 единицы техники.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күрэх

‼️‼️Болҕойуҥ, куонкурус‼️‼️

⭐️ "Үөһээ Бүлүү" хаһыат төрөөбүт күнүн көрсө почта дьааһыгын күрэҕин биллэрэбит. 📮📮📮📬📬📬

Күрэххэ илиинэн оҥоһуллубут почта дьааһыга кыттар. Ураты тупсаҕай көстүүлээх, аныгылыы көрүҥнээх, кимиэхэ да, ханна да суох дьааһык буоллаҕына өссө үчүгэй👍🏻👍🏻👍🏻😍😍😍

Почта дьааһыгын хаартыскаҕа түһэрэн📸📸📸 редакция нүөмэригэр +7 914 820-53-43 эбэтэр [email protected] электроннай почтаҕа атырдьах ыйын 28 күнүгэр диэри ыытаргытын күүтэбит

✍️✍️✍️Хаартысканы ыытаргытыгар толору ааккытын-суолгутун, аадырыскытын суруйан ыытаҕыт.

Күрэх түмүгэ хаһыаппыт төрөөбүт күнүгэр - атырдьах ыйын 29 күнүгэр, хаһыат бэчээккэ барар күнүгэр, биллэриллиэҕэ📰📰📰

👏👏👏Көхтөөх кыттыыны ылыҥ, кыайыылаахтары редакцияттан астык бириистэр күүтэллэр🤩🤩🤩. Ону тэҥэ Россия Почтатын анал бирииһин бастыҥ почтальон илиититтэн тутуоххут🥳🥳🥳.

⭐️ Ураты көстүүлээх почта дьааһыгын оҥостон олбуоргут биир ураты миэстэтин оҥостуҥ, ону сэргэ бэрт судургу күрэххэ кыттан сэргэхсийиҥ диэн ыҥырабыт🤗🤗🤗

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
В Якутии локализовали 16 лесных пожаров на площади свыше 100 тысяч га

За минувшие сутки в Якутии ликвидировано 10 пожаров на площади свыше 20 тысяч га и локализовано 16 пожаров на площади более 102 тысяч га.

В работах по тушению были задействованы 1 224 человека и 103 единицы техники от разных структур РСЧС. На особом контроле Главного управления МЧС находятся 4 природных пожара в Сунтарском, Ленском, Кобяйском и Верхневилюйском районах.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кутурҕан

Үөдүгэйгэ кутурҕан күнэ. Анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт биир дойдулаахпыт, харахпыт далыгар улааппыт оҕо Сергей Афанасьевич Ильин эйэлээх олох туһугар сырдык тыына быһынна😔😔🕯🙏🙏🙏

Кини анал байыаннай дьайыыга командирынан сылдьыбыта. Анал бойобуой дьайыыга атаҕа араанньы буолан баран, табаарыстарын таһаартыы сылдьан күн сириттэн суох буолла.

Сергей төрөппүттэригэр Лидия Никифоровнаҕа, Афанасий Васильевичка, бииргэ төрөөбүттэригэр, бары аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тириэрдэбит, аһыыгытын тэҥҥэ үллэстэбит.

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата
В Нижнем Бестяхе открыли улицу имени Ярослава Коваленко

Улица Октябрьская в Нижнем Бестяхе переименована в честь погибшего участника спецоперации Ярослава Коваленко. На торжественном митинге собрались его родители и близкие, сотрудники филиала Фонда «Защитники Отечества», ветераны боевых действий, а также представители местной администрации. Они почтили память минутой молчания, а также возложили цветы к монументу «Защитникам России», прототипом которого стал Ярослав Коваленко.

Он продолжил дело прадеда-участника Великой Отечественной войны, вступив в ноябре 2022 года в добровольческий полк «Ахмат» и уехав в зону СВО. Был назначен командиром штурмовой группы. В декабре 2022 года во время атаки Белогоровки получил тяжёлое ранение, в январе 2023 года скончался в госпитале Луганска.

Напомним, увековечивание памяти о героях – одна из важнейших задач Государственного фонда «Защитники Отечества».
У Якутии - еще один Герой Российской Федерации! Им стал уроженец Таттинского улуса Родимир Максимов с позывным «Бурхат».

Я уже рассказывал о самоотверженном героическом поступке Родимира - он отбил четыре штурма противника и лично уничтожил 27 боевиков. На протяжении двух суток наш Герой оборонял и удерживал занятый опорный пункт ВСУ. И даже несмотря на ранение, он выполнил поставленную боевую задачу. Во многом благодаря Родимиру, нашим войскам удалось отстоять занятые позиции.

Якутия гордится своим славным сыном!

t.iss.one/aisen_nikolaev
#Түмсүүсыла

Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Кырбый уйатыгар турар улахан балаҕаҥҥа улуус кондитердара түмсэн маҥнайгытын көрүстүлэр. Сиһилии⤵️⤵️⤵️

https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/uluus-konditerdara-tymseller/
#кыһа

Бүгүн эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччыта Анна Уларова сүбэ-мунньах тэрийдэ.

Бу мунньахха балаҕан ыйын 2 күнүгэр буолар «Дьоҕургун таба тайан» диэн ааттаах эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин дьаарбаҥкатын тэрийиигэ кэпсэтии буолла.

Дьаарбаҥка сыала-соруга - эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр ханнык куруһуоктар, секциялар үлэлииллэрин оҕолорго, төрөппүттэргэ билиһиннэрии уонна онно суруйтарыы буолар.

Дьаарбаҥкаҕа кыттыыны ылыахтара: “Тускул” оҕо киинэ, “Оҕо технопарката”, “К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын түмэлэ”, “Буокса оскуолата”, “Оҕо спортивнай оскуолата”, “Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолата”, “Оҕо библиотеката”, “Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлэ” уонна да атын тэрилтэлэр.

Маны таhынан эһигини күүтэллэр - үрдүк таһымнаах педагогтар маастар-кылаастара, оҕолор "Мин бастакы бизнеһым" атыылара-эргиэннэрэ, мини-футболга курэхтэhии.

Үөрэх дьылын саҕаланыытыгар биир сонун тэрээhин ыытыллара былааннанар.

@uoheebuluu