Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаевы кытта анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр - Максимовтарга ыалдьыттаатыбыт.

Максимовтар дьиэ кэргэн 2 оҕолоохтор, Далаана уонна Максим.

Максим Айсен Сергеевичка бэйэтэ илиитинэн оҥорбут Саха Сирин былааҕын бэлэх уунна.

Анал байыаннай дьайыы сиригэр бастакы сырыыбытыгар ыал аҕатын кытта көрсүбүппүт, анаммыт баһыылкалары, суһал көмөнү тиксэрбиппит. Иккис гуманитарнай сырыыга байыаска Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторуттан матаһыыкылы Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Юрьевич туттарбыта.

Байыас кэргэнэ Вилена анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэннэригэр көрүллэр көмөнү сөптөөхтүк, кэмигэр тутарын этиннэ. Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатыгар өйөбүллэрин иһин махтанна.

Ыал ийэтэ Вилена билигин баар тыын кыһалҕаларын, ититии систиэмэтэ эргэрэн, өрөмүөн ирдэнэрин этиннэ. Айсен Сергеевич Максимовтар дьиэ кэргэн кыстыкка киириэхтэригэр диэри өрөмүөн үлэтин оҥорорго бары көмөнү көрөрү сорудахтаата.

Ил Дархан сорудаҕынан, Максимовтар дьиэ кэргэҥҥэ көмө үлэни толору оҥорорго бэлэммит.

Максимовтарга чэгиэн доруобуйаны, бары үтүөнү баҕарабыт.

Байыаспыт кыайыы кынаттаах этэҥҥэ эргиллэн кэлэрин кэтэһэбит

#АйсенНиколаев
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ил Дархан Айсен Николаев Нам нэһилиэгэр тутулла турар норуот айымньытын дьиэтин ис өрөмүөнүн үлэтин билистэ.

Нам нэһилиэгэр тутуллубут норуот айымньытын дьиэтэ СССР үтүөлээх артыыскатын Анегина Ильина-Дмитриева аатын сүгэр. 150 миэстэлээх саалалаах, ураһалаах, оҕо-аймах дьарыгырар, талба талааннаахтар айар-тутар сирдэрэ буолуохтаах.

2023 сылтан өйөбүл суох буолан өрөмүөн үлэтэ тохтоон турбута. Тутуу сүрүн үлэтэ түмүктэнэн, ис дьүһүнүн, тутулун оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ улуустан эбии үбүлээһин оҥоһуллубута. Билигин өрөмүөн үлэтэ тиэмпэлээхтик бара турар, сыл бүтүөр диэри Нам нэһилиэгэр саҥа култуура, норуот айымньытын дьиэтэ арылларын кэтэһэбит.

#АйсенНиколаев
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан култуура киинин тутуута хайдах баран иһэрин Айсен Сергеевиһы кытта бэрибиэркэлээтибит.

Өрөспүүбүлүкэ инвест бырагыраамматын өйөбүлүнэн тутулла турар култуура киинигэр Исидор Барахов аатынан түмэл, библиотека, ону тэҥэ 150 миэстэлээх киинэ тыйаатырдаах актовай зал үлэлиэҕэ.

2024 сыл бүтүөр диэри тутуу үлэтэ түмүктэнэн, улууспутугар өссө биир култуура дьиэтэ үлэҕэ киириэ диэн эрэллээхпит.

#АйсенНиколаев
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Харбалаах нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Бараахап аатынан уулусса тутуутун, асфальтынан бүрүллээһинин бэрибиэркэлээтэ.

Бэдэрээтчиттэр үлэ тиэмпэтэ түргэнник баран иһэрин, бэриллибит болдьохтон эрдэлээн үлэни туттарыахтарын сөбүн этиннилэр.

Улууспут нэһилиэктэрэ сайдалларыттан, аныгылыы быһыылаах тутуулар, суоллар баар буолалларыттан үөрэбит уонна салгыы сайдыыга дьулуһабыт.

#АйсенНиколаев
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🌞🌞🌞Үөһээ Бүлүү Дүллүкү нэһилиэгэр ытык кырдьаҕас, 11 оҕолоох герой ийэ, үгүс сиэн, хос сиэн истиҥ эбээтэ 93 саастаах Мария Ивановна Алексеева олорор.
🌿🌿🌿Бу видеоҕа биэс көлүөнэ Алексеевтар — кыыһа, сиэнэ, хос сиэнэ уонна хо-хос сиэнэ көстөллөр 😍.
Провел совещание по вопросу строительства II-ой очереди производственного завода на территории ТОР «Якутия» по серийному выпуску промышленных водогрейных котлов и котельного оборудования.

В рамках исполнения Указа Главы Якутии по развитию местного производства Якутский котловой завод предлагает запустить завод по серийному производству промышленных водогрейных котлов различных мощностей.
Собственный завод для Якутии позволит не только уменьшить стоимость котлов, но и повысит эффективность и эксплуатационное качество выпускаемой продукции за счет применения значительных конструктивных изменений. Кроме того, появятся новые рабочие места.
Проектная мощность завода составит до 120 единиц промышленных водогрейных котлов. В этом году компания заключила контракт на поставку 6 котлов для Алданского и Оймяконского филиалов.

Читайте далее: https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3410387

https://t.iss.one/Dzhulustan_Borisov
Үөһээ Бүлүү Намыгар саҥа сквер оҥоһуллар

«Олорорго табыгастаах куораттыҥы эйгэни оҥоруу» бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллар тутуу олохтоохторго дуоһуйа сынньанар, аралдьыйар миэстэни бэлэхтиэҕэ.

Ол курдук, П.Львов аатынан уулуссаҕа оҥоһулла турар сквер тротуарнай билиитэлэрэ ууруллубуттар, велосипеды туруорар бордюр оҥоһуллубут. Билигин киирии аарканы уотунан сырдатар уот ситимин тирэхтэрин туруора сылдьаллар.

Салгыы дьаарбайар тротуары тэлгэтиэхтэрэ, сынньанар ыскаамыйалар, ууруналар туруоруллуохтара, күһүҥҥү хараҥаҕа сырдатар уот-күөс оҥоһуллуоҕа.

Ону тэҥэ бу сквергэ оҕо оонньуур былаһаакката баар буолуоҕа.

Быйылгы сылга Нам нэһилиэгэ уопсастыбаннай территорияны тупсаран оҥоруу Бүтүн Россиятааҕы онлайн-куоластааһыныгар көхтөөх кыттыыны ылан турар.

https://vk.com/wall-199081298_560

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#өйдөбүл

⭐️ Атырдьах ыйын 7 күнэ - бу күн 1975 сыллаахха Ороһу нэһилиэгэр Гаврил Николаев күн сирин көрбүтэ

Николаев Гаврил Гаврильевич 1999 с. М. Жирков аатынан музыкальнай училище иккис кууруһугар үөрэнэ сылдьан «Туймаада» судаарыстыбан- най вокальнай ансаамбылга артыыһынан үлэлии киирбитэ. Айылҕаттан ураты күүстээх куоластаах буолан, оҕо сааһыттан ыллыыра. 1997 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аан бастакы ситиһиитэ кэлбитэ - "Туой Хайа" ырыа күрэҕэр "Киэһээҥи Бүлүү" ырыатынан Гран-при үрдүк аатын ылбыта.

"Туймаада" ансаамбылы кытта Саха сирин улуустарынан сылдьан ыллаан, көрөөччү-истээччи кутун туппута. Эр дьон квартетын састаабыгар ыллыыр кэмигэр өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах күрэхтэригэр лауреат аатын ылбыттара.

2002 сыллаахха Гаврил Николаев СӨ Музыка үрдүкү оскуолатын вокал факультетыгар киирбитэ. Ырыаһыт быһыытынан маастарыстыбатын чочуйар, таһымын үрдэтэр санааттан 2004 сыллаахха Италия биллэр уһуйааччыларыгар стажировка ааспыта. Бу сыл Саха театрын улахан сыанатыгар бастакы сольнай концерын туруорбута.

Гаврил Николаев хатыламмат кэрэ, ураты күүстээх куолаһынан ыллаабыт ырыалара «Сибэккилэр түһүүллэр» , «Кэрэ кыыска», «Ыра санаа», «Песнь Земли Олонхо», «Дайдар дабайан…», «Махтал эйиэхэ, Сахам сирэ» альбомнарга, «Таптал аптаах хонуутугар», «Мелодии и ритмы Азии», «Снег кружится, летает и тает…» видео-кэнсиэртэргэ, «Таптыырга буруй суох» уус-уран киинэҕэ уһуллан, номнуо дьон-сэргэ таптаан истэр ырыалара буолан сылдьаллар.

2007-2008 сс «Туймаада» ансаамбыл састаабыгар сылдьан Россия култуураҕа Академиятын "Песни России" бэстибээлин чэрчитинэн Гаврил Россия үгүс куораттарыгар кэнсиэртээннэр көрөөччү биһирэбилин ылбыта. Икки төгүллээн Кремль Дыбарыаһын сыанатыгар ыытыллыбыт бэстибээл гала-кэнсиэртэригэр кыттыыны ылан турар.

Гаврил Николаев сыанаҕа тахсарын ханна да буоллун олус кэтэһэллэрэ, ытыс дохсун тыаһынан доҕуһуоллаан көрсөллөрө.

Дьиэ кэргэҥҥэ кэриэтэ истиҥ сыһыаннаах «Туймаада» ансаамбылын састааба - айымньылаах үлэтин, тус олоҕун устатын тухары алтыһа сылдьыбыт чугас доҕотторо, кинини мэлдьи саҥа бырайыактарыгар ыҥыра тураллара. Ол курдук, «Дайдар дабайан..» диэн 2012 сыл сэтинньитигэр туруорбут биэчэрдэригэр ыҥыран, үрдүк сыанаҕа таһааран «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна» үрдүк ааты иҥэрбиттэрэ. Онтон Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар ыытыллыбыт үбүлүөйдээх киэһэтигэр Гаврил Николаевы сааланы толору мустубут көрөөччүлэр сүһүөхтэригэр туран эрэ ытыс дохсун тыаһынан айхаллыы көрсүбүттэрэ. Бу буоллаҕа норуот билиниитэ, көрөөччү таптала...

Үгүс ааптардар ырыаларын дууһа кылын таарыйардыы ыллыыр Саха сирин көмүс куолаһа баара-суоҕа 40 сааһыгар олус соһуччу бу орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барбыта...

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ппми

⭐️Хоро нэһилиэгэр олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн тутуллуохтаах былаһаакка үлэтэ саҕаланна.

2023 сылга Хоро олохтоохторо “Универсальнай спорт былаһаакката” бырайыагы талан баһыйар элбэх куоластарын биэрбиттэрэ. Ол түмүгэр бүгүҥҥү күҥҥэ былаһаакка оҥоһуллар сирин тэҥнээһин үлэтин номнуо саҕалаатылар.

Бу эбийиэк иһигэр 10 араас уулусса тренажера, искусственнай от бүрүөһүннээх футбол, волейбол оонньуур былаһаакка, 100 миэстэлээх көрөөччүлэр олорон көрөр трибуналара баар буолуоҕа. Былаһаакканы эргиччи олбуордаах, тула өттүн уотунан сырдатар ситим оҥоһуллара былааннанан турар.

Хантыраак балаһыанньатынан бу эбийиэк балаҕан ыйын 30 күнүгэр үлэтэ бүтүөхтээх.

Хоролор маладьыастаабыттар. Оҕо аймах, ыччат дьон, спорду сэҥээрээччилэр түптээн оонньуур, сынньанар, дьарыктанар былаһааккаланнахтарына улуус иһинэн ыытыллар комплекснай спартакиадаҕа көрдөрүүлэрэ өссө тупсар чинчилэнииһи. Улуус чиэһин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көмүскүүр ааттар тахсалларыгар кыаҕы биэрэр эбийиэк буолсу.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM