#сво #своихнебросаем
⭐️ Оҕолор хаххалыыр сетка баайыытыгар көмөлөстүлэр
"Движение первых" диэн Трудовой лааҕырыгар сылдьыбыт 24 оҕо анал байыаннай дьайыыга баһыылка буолан барыахтаах хаххалыыр сетканы оҥорууга көмөлөстүлэр.
Түөрт сетканы баайан бүтэрдилэр.
Бары бииргэ - кыайыыга✊✊✊
@uoheebuluu

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 14 күнүн туругунан:
Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 3950 га иэннээх ойуур баһаарын утары бүгүҥҥү күҥҥэ 59 киһи Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэгин олохтоохторо, 27 киһи баһаарынай быыһыыр сулууспаттан уонна электростанция үлэһиттэрэ, ол иһигэр 15 киһи Дьокуускай куорат баһаарынай сулууспатыттан, 29 киһи "Авиалесохрана" тэрилтэттэн, ол иһигэр 6 парашютист, 23 киһи ДПС (десантно-пожарная служба), 3 киһи ГАУ "Якутлесресурс" тэрилтэттэн, 4 киһи лесничествоттан уоту утары охсуһуу үлэтин ыыталлар. Ону тэҥэ ойуур баһаарын тохтотооһуҥҥа 2 ДТ-75 трактор, 1 УРАЛ трал, 3 МТЗ трактор, 4 баһаарынай массыына, 5 УАЗ массыына, 3 уу таһар УАЗ массыына, 3 водовоз үлэлииллэр.
Бэҕэһээ, от ыйын 13 күнүгэр, түүн 23:00 чааска ыксаллаах быһыыны сэрэтии уонна баһаартан харысхаллаах буолуу хамыыһыйа (КЧС) Быракаан нэһилиэгэр тахсан мунньахтаабыппыт.
Мунньах түмүгэр Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэктэригэр ЧС режима биллэрилиннэ. КЧС сорудаҕынан Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэктэрин баһылыктарыгар хат дьахталлары, маломобильнайдары, тыынар уорганнара хроническай ыарыылаахтары, оҕолору уонна кырдьаҕас дьону куттала суох сиргэ көһөрүүнү хааччыйарга сорудах бэрилиннэ. Ону тэҥэ ойуур баһаарын умуруорууга хомууру күүһүрдүү үлэтин ыытары бигэргэттибит.
Трассаҕа тахсан эрэр уоту бүгүҥҥү туругунан төгүрүттүбүт. Утары уоту ыытыы үлэтэ этэҥҥэ ааһан Быракаан ойуурун баһаарын балаһыанньата көнөн эрэрин биллэрэбит.
Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 640 га иэннээх ойуур баһаарын утары олохтоох нэһилиэнньэттэн 65 киһи, ГАУ "Якутлесресурс" тэрилтэттэн 7 киһи, Лесохрана тэрилтэттэн 3 киһи, ону тэҥэ 1 уаз фермер, соколлар, уопсайа 7 техника үлэлээтилэр. Ойуур баһаара төгүрүллэн, уоту манааһын, минерализованнай балаһалары ыраастааһын үлэтэ бара турар.
Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 885 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 83 киһи Далыр, Оҥхой, Мэйик нэһилиэгин олохтоохторо, 1 отряд Авиалесохранаттан, 16 киһи "Якутлесресурс" тэрилтэтиттэн, ол иһигэр 11 киһи Үөһээ Бүлүү улууһун ойуур хаһаайыстыбатыттан, 5 киһи Ньурба улууһун ойуур хаһаайыстыбатыттан үлэлииллэр. Ону тэҥэ 1 ДТ -75 трактор, 2 МТЗ трактор, 5 уаз массыына уоту утары охсуһаллар. Ойуур баһаара төгүрүллэн манааһын үлэтэ бара турар. Локализацияҕа бэлэмнэнэбит.
Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар "Муҥур күөл" диэн сиргэ 110 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга бүгүн вертолетунан этэрээттэр 2 бортунан көттүлэр. 7 киһи Кэбээйи улууһун Якутлесресурс тэрилтэтиттэн, 5 киһи Ньурба улууһун Якутлесресурс тэрилтэтиттэн, 5 киһи Үөһээ Бүлүү улууһун ойуур хаһаайыстыбатыттан, 1 киһи Дьокуускай куорат ойуур хаһаайыстыбатыттан, 12 киһи Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо, 2 киһи МЧС тэрилтэтиттэн ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа көттүлэр.
Бу киэһээ Үөдүгэй ойуурун баһаарыгар эбии көмө ДТ-75 трактор үлэлии барда.
Бүгүн улууспутугар саҥа ойуур баһаара Боотулуу-Сургуулук нэһилиэктэрин территориятыгар бэлиэтэннэ. Баһаар иэнэ бүгүҥҥү туругунан 5 га. Бүгүн вертолетунан ойуур баһаарын утары охсуһар этэрээт Боотулууга көппүтэ. Этэрээткэ 1 киһи Авиалесохрана тэрилтэтиттэн, 5 киһи Боотулуу нэһилиэгин олохтоохторо, 5 киһи Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторо көппүттэрэ.
Быракаан нэһилиэгин территориятыгар буола тураар ойуур баһаарын тохтотооһуҥҥа хомууру биллэрэбит!
Нэһилиэк баһылыктарын, тэрилтэ салайааччыларын истиилэригэр!
Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын умуруорааһыҥҥа кыттыһан, дьону хомуйууга, наадалаах малларынан хааччыйыыга күүс-көмө буоларгытын ыҥырабыт!
Биир күүһүнэн турбут уоттары имири тохтоторго бары күүһү ууруоҕуҥ!
#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары
t.iss.one/ValeriNikolaev

#планерка
✅ Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыгын экономикаҕа уонна үпкэ солбуйааччыта Саргылана Васильевна Алексеева салайан ыытар.
Бастакынан "Сахатранснефтегазсбыт" тэрилтэ салайааччыта Иван Захаров иһитиннэрии оҥордо.
Быйылгы сылга Үөһээ Бүлүүгэ социальнай газтааһын бырагырааматынан 50-тан тахса эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх.
Сир аннынан ааһар күөх төлөн сүрүн ситимигэр тэстибит сирдэрин булан, ааспыт нэдиэлэҕэ Хоптолоох, Портовская уулуссаҕа өрөмүөн үлэтэ ааста.
Бүгүн Новая, Тайга уулуссаларга 10-ча ыалы газтарын арааран, быычылыыр хайаҕаһы бүөлүүр өрөмүөн үлэтэ барыаҕа. Сүрүннээн 2-3 күн устата үлэлиирдии былаанныыллар.
Нэһилиэнньэ күөх төлөнүнэн туһанарын иһин төлөбүрүгэр иэһэ улахан этэ. Күн бүгүн 20-чэ ыал арахсан турар. Аҕыйах эрэ ыал төлөөн холботто.
2 ый устата газ төлөбүрүн төлөөбөтөхтөргө бастаан утаа Почта нөҥүө 20 күн устата төлөөҥ диэн ис хоһоонноох сэрэтии сурук ыытыллар. Ол кэннэ төлөөбөтөхтөрүнэ газ араарыллар. Хаһаайыттар дьиэлэригэр суохтарын да иһин араарыы барар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйская районная библиотека собирает продукты и средства личной гигиены для волонтёров тушения лесного пожара
🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻
*Уб. Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!*
🆘🆘🆘🆘🆘🆘🆘🆘
*Улууска буола турар баһаардары тохтоторго үлэлии сылдьар хоһуун эр бэртэрбитигэр көмөлөһүөххэ!!!*
🌲🔥🌲🔥🌲🔥🌲🔥🌲🔥
Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ
*"Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ"* АКЦИЯ-тыгар кыттыһан, ойуурбут баһаарын тохтоторго көмөлөһөн, биирдиилээн дьон, урбаанньыттар эбэтэр тэрилтэнэн бородууктаны, харыстанар, туттар маллары, кумаар эмин уо.д.а аҕалыаххытын сөбүн биллэрэбит.
🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑
*Акция от ыйын 15 күнүттэн бибилэтиэкэҕэ ыытыллар.*
🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺
Бибилэтиэкэ үлэлиир бириэмэтэ:
БН - БТ 10:00 - 17:00 эбиэккэ тохтобула суох үлэлиир;
СБ - БС өрөбүл.
🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻
Билсэр нүөмэрдэргит:
📞 89142975593
📞 89142203536

✅ Ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта Павел Тимофеев ойуур баһаардарын туһунан иһитиннэрии оҥордо.
От ыйын 15 күнүнээҕи туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 5 ойуур баһаара умайа турар.
Быракаан үрэҕэр, нэһилиэктэн 12,4 км тэйиччи тахсыбыт ойуур баһаарын бэлиэтиир күннэригэр 5 га иэннээх этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ 3950 гааҕа тиийдэ. Манна уопсайа 128 киһи, 8 улахан тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. От ыйын 14 күнүгэр Бе-200 сөмөлүөт уонна уу кутар бөртөлүөт үлэлээтилэр.
Өргүөт, Быракаан нэһилиэктэригэр кутталы үөскэтэр ойуур баһаарын сиригэр бэҕэһээ киэһэ этиҥнээх ардах түһэн ааста.
Үөдүгэй нэһилиэгин Муҥур үрэҕэр тахсыбыт ойуур баһаарын булалларыгар 1,5 га иэннээх сири ылбыт этэ. Күн бүгүн 110 гектарга тиийдэ. Манна уопсайа 54 киһи үлэлии сылдьар. Үлэһит илии-атах тиийбэт. Ууну 1 км тэйиччи сиртэн таһар буоланнар умуруоруу үлэтигэр уустуктары көрсөллөр.
Кэнтик нэһилиэгэр тахсыбыт ойуур баһаарын иэнэ 585 гектарга тиийдэ. Манна билигин 49 киһи үлэлии сылдьар. Минерализованнай балаһаны ыраастааһын, уот балаһаны туораабатын курдук дьуһуурустубанан кэтээн көрүү үлэтэ барар.
Оҥхой нэһилиэгин баһаара 902 га иэннээх ойууру ылла. Билигин бу баһаарга 105 киһи үлэлии сылдьар. Баһаар соҕуруулуу-арҕааҥы өттүнэн утары уот ыытан баран кэтээн олороллор.
Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км ыраах Түҥҥэ тахсыбыт 5 га иэннээх баһаарыгар 10 мобилизованнай үлэлии таҕыста. Манна дьон көмөтө отой күүскэ ирдэнэр. Тиэхиньикэ кыайан тиийбэт сирэ буолан илиинэн эрэ үлэ барар кыахтаах.
Бүгүн Тарыҥҥа саҥа термоточка бэлиэтэннэ.

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
15 июля день официального принятия Гимна Республики Саха (Якутия)✅
САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ӨРӨГӨЙҮН ЫРЫАТА
(С.И. Тарасов, М.Е. Тимофеев тыллара)
Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр,
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.
Хос ырыата:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута;
Өркөн-өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт-мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.
Хос ырыата.
Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ,
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.
Хос ырыата.
Гимн был официально принят 15 июля 2004 года.

✅ Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.
Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар 17 араас ис хоһоонноох тыллабыр киирбит.
Ол иһигэр 3 араас көрүҥнээх эт-хаан эчэйиитэ тахсыбыт. 11 түөкүннээһин түгэн э бэлиэтэммит. Эмиэ кирэдьиит төлөөбөккө сылдьар дьон бу ахсааҥҥа хабыллыбыт.
1 уоруу тахсыбыт. Тиэргэҥҥэ киирэн атын киһи бас билэр малын ылан тахсыбыт дьон сонно тута тутуллубуттар.
1 баһаар тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Ростелеком тэрилтэтин кэннигэр турар эргэ ампаар умайбыта.
Нэдиэлэ устата 11 киһи аатыгар административнай боротокуол толоруллубут.
6 киһи тутуллан, дьуһуурунай чааска киирэн тахсыбыт.
ГАИ сотрудниктара 78 ыстараап боротокуолун толордулар. 3 итирик туруктаах киһи массыына ыыта сылдьан тутуллубут.

#Тыахаһаайыстыбата
✅Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар билигин үүт тутааһыҥҥа, собуоттары үлэлэтээһиҥҥэ, от үлэтигэр бэлэмнээһиҥҥэ үгүс үлэ бара турар.
Быйылгы 2024 сыл үүт былаана 2559, 15 тоннаҕа тэҥнээх. Билиҥҥи туругунан, 425,212 тонна үүт туттарыллыбыт.
Сиһилии↩️↩️↩️
https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/saha-siriger-ulahan-yam-kemin-ygene-yehee-bylyy-uluuhugar-425212-tonna-yyt-tuttarylynna/

Улус Медиа
Саха сиригэр «улахан ыам» кэмин үгэнэ: Үөһээ Бүлүү улууһугар 425,212 тонна үүт туттарылынна.
Билигин Саха сиригэр «улахан ыам» кэмэ саамай үгэнигэр турар. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 24 909 тонна кэриҥэ үүт ыанылынна. Бу сыллааҕы былаан 45% туолуута буолар. Саха сирин тыа...
Forwarded from Верхневилюйская центральная модельная библиотека им. О. Д. Федоровой (Людмила Буртахова)
🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻
Уб. Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!
🆘🆘🆘🆘🆘🆘🆘🆘
Улууска буола турар баһаардары тохтоторго үлэлии сылдьар хоһуун эр бэртэрбитигэр көмөлөһүөххэ!!!
🌲🔥🌲🔥🌲🔥🌲🔥🌲🔥
Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ
"Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ" АКЦИЯ-тыгар кыттыһан, ойуурбут баһаарын тохтоторго көмөлөһөн, биирдиилээн дьон, урбаанньыттар эбэтэр тэрилтэнэн бородууктаны, харыстанар, туттар маллары, кумаар эмин уо.д.а аҕалыаххытын сөбүн биллэрэбит.
🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑
*Акция от ыйын 15 күнүттэн бибилэтиэкэҕэ ыытыллар.*
🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺
Бибилэтиэкэ үлэлиир бириэмэтэ:
БН - БТ 10:00 - 17:00 эбиэккэ тохтобула суох үлэлиир;
СБ - БС өрөбүл.
🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻
Билсэр нүөмэрдэргит:
📞 89142975593
📞 89142203536
Уб. Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!
🆘🆘🆘🆘🆘🆘🆘🆘
Улууска буола турар баһаардары тохтоторго үлэлии сылдьар хоһуун эр бэртэрбитигэр көмөлөһүөххэ!!!
🌲🔥🌲🔥🌲🔥🌲🔥🌲🔥
Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ
"Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ" АКЦИЯ-тыгар кыттыһан, ойуурбут баһаарын тохтоторго көмөлөһөн, биирдиилээн дьон, урбаанньыттар эбэтэр тэрилтэнэн бородууктаны, харыстанар, туттар маллары, кумаар эмин уо.д.а аҕалыаххытын сөбүн биллэрэбит.
🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑🛑
*Акция от ыйын 15 күнүттэн бибилэтиэкэҕэ ыытыллар.*
🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺
Бибилэтиэкэ үлэлиир бириэмэтэ:
БН - БТ 10:00 - 17:00 эбиэккэ тохтобула суох үлэлиир;
СБ - БС өрөбүл.
🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻
Билсэр нүөмэрдэргит:
📞 89142975593
📞 89142203536
Forwarded from Газета "Ньурба" / Нюрбинский улус
Соблюдай правила безопасности:
⭕плотно закрой форточки и окна, не подходи к ним близко;
⭕закрепи недостаточно прочные конструкции;
⭕убери с балконов и дворов предметы, которые могут быть унесены ветром;
⭕помни, нельзя прятаться и парковать транспорт за рекламными щитами, автобусными остановками, деревьями, столбами, возле стен домов, а также стоять под линиями электропередач, трогать оборванные электропровода;
⭕ если ты едешь на машине по равнине, остановись, но не покидайте автомобиль;
⭕сохраняй спокойствие, не паникуй, при необходимости окажи помощь детям, инвалидам, пожилым людям, пострадавшим;
⭕без экстренной необходимости не покидай жилище.
☎️В случае возникновения чрезвычайной ситуации звони «112».
Информация предоставлена ЕДДС Нюрбинского района
@gazetanyurba
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 15 күнүн туругунан:
Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 3950 га иэннээх ойуур баһаарын утары уопсайа 137 киһи үлэлиир (3 киһи ГАУ "Якутлесресурс" тэрилтэттэн, 19 киһи Өргүөт нэһилиэгин олохтооҕо, 17 киһи Быракаан нэһилиэгин олохтооҕо, 2 киһи Дүллүкү нэһилиэгин олохтооҕо, 21 киһи Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо, 4 киһи Ороһу нэһилиэгин олохтооҕо, 2 киһи Нам нэһилиэгин олохтооҕо, 23 Авиалесохрана десантниктара, 6 Авиалесохрана парашютистара, 28 киһи Жатай, Горнай, Нам улуустарыттан баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ, 10 Дьокуускай куораттан МЧС үлэһиттэрэ, 2 киһи Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум баһаарынай быыһыыр сулууспатыттан, 2 киһи муниципальнай баһаарынай чаастан, 1 Ороһутааҕы баһаарынай сулууспаттан, 1 киһи Быракааннааҕы баһаарынай сулууспаттан).
Ону тэҥэ 19 техника, ол иһигэр 4 МТЗ трактор, 2 ДТ трактор, 4 УАЗ массыына, 1 иномарка, 5 автоцистерна, 3 Дьокуускай куорат баһаарынай сулууспатыттан УАЗ массыына, 3 водовоз үлэлииллэр.
Бөлүүн түүн дохсун ардах Быракаан нэһилиэгэр түһэн аһаҕас уоту умуруорда. Билигин уоту манааһын үлэтэ бара турар.
Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 585 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүллэн турар. Баһаары манааһыҥҥа уопсайа 49 киһи үлэлиир. (ГАУ "Якутлесресурс" тэрилтэттэн 7 киһи, Үөһээ Бүлүүтээҕи лесничествоттан 3 киһи, Кэнтик нэһилиэгиттэн 13 киһи, тэрилтэлэртэн 26 киһи). Ону тэҥэ 9 УАЗ массыына уонна 1 вездеход үлэлиир. Ойуур баһаара төгүрүллэн, уоту манааһын үлэтэ бара турар.
Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 902 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүллэн турар. Уоту манааһыҥҥа уопсайа 105 киһи үлэлиир. (Авиалесохранаттан 6 парашютист, ГАУ "Якутлесресурстан" 16 киһи, 83 киһи Далыр, Оҥхой, Мэйик нэһилиэктэрин олохтоохторо).
Ону тэҥэ 3 трактор, 5 УАЗ массыына үлэлииллэр. Ойуур баһаара төгүрүллэн, манааһын үлэтэ бара турар.
Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар "Муҥур күөл" диэн сиргэ 110 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 55 киһи үлэлиир. (Үөһээ Бүлүүтээҕи ГАУ "Якутлесресурстан" 11 киһи, Ньурбатааҕы ГАУ "Якутлесресурстан" 8 киһи, Кэбээйитээҕи ГАУ "Якутлесресурстан" 7 киһи, Дьокуускайдааҕы ГАУ "Якутлесресурстан" 1 киһи, Үөһээ Бүлүүтээҕи лесничествоттан 1 киһи, 19 киһи Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо, 1 киһи Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо, 5 киһи Балаҕаннаах нэһилиэгин олохтооҕо, 2 киһи МЧС үлэһитэ.)
Ону тэҥэ ДТ-75 трактор, 1 вездеход, 1 Егерь үлэлиир.
Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км тэйиччи сытар Түҥ диэн сиргэ бэҕэһээ ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Бүгүҥҥү туругунан ойуур баһаара 30 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа уопсайа 13 киһи үлэлиир. (2 киһи Авиалесохрана десантниктара, 5 киһи Сургуулук нэһилиэгин олохтооҕо, 5 киһи Боотулуу нэһилиэгин олохтооҕо, 1 Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо).
Бүгүн күнүс 12:45 чааска Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр Өргүөттэн 14 км тэйиччи сытар сиргэ саҥа ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Ойуур баһаара бүгүҥҥү туругунан 55 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 15 киһи таҕыста. (Авиалесохранаттан 6 парашютист уонна 9 олохтоох киһи).
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!
Улууспутугар саҥа турбут баһаардар улаата иликтэринэ аһаҕас уоту умулларыаҕыҥ. Саҥа ойуур баһаардара техника тиийбэт сирдэригэр буолан илииннэн эрэ умуруоруу ирдэнэр. Сургуулукка, Тарыҥҥа турбут баһаардары улууспут олохтоохторун көмөтүнэн эрэ умуруорар кыахтаахпыт.

⭐️ БАЙЫАСТАРГА 43 АЛГЫСТААХ МӨҺӨӨЧЧҮК БЭЛЭМНЭННЭ
Улуус баһылыга Валерий Николаев бу аҕыйах хонугунан анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сулууспалыы сылдьар уолаттарбытын, биир дойдулаахтарбытын көрсө барар. Маныаха анаан улуус олохтоохторуттан аадырыстаммыт баһыылкалары тута олороллор.
"Дойдум тыына" иистэнэр сыах толору маллаах алгыстаах мөһөөччүктэри түүннэри-күнүстэри түбүгүрэн, бэлэмнээн бүтэрдилэр. 43 байыаска дойдуларыттан кэһии буолан тиийиэҕэ. Итиэннэ хас да ыччаты утары тэрийэн ыыттылар.
"Бары күүс-көмө, сүбэ буолбут түмсүүлэрбэр, биирдиилээн дьоммор баара махталбын тиэрдэбин. Биһиги күүспүт - түмсүүгэ! Уолаттарбыт Кыайыы кынаттаах этэҥҥэ эргиллэллэрин туһугар, бары күүһү - кыайыыга!", - дииллэр "Дойдум тыына" иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова уонна улуус дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Тумусова.
Хас биирдии алгыстаах мөһөөччүккэ угуллубут "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыата байыаннай дьайыы буола турар сиригэр дойдуларыттан сибиэһэй салгыҥҥа тэҥнээх сонун буолан тиийдин.
Күндү биир дойдулаахтарбыт, сонуннаргытын, сэргэх суруйууларгытын улуус хаһыатыгар ыыта туруҥ диэн ыҥырабыт. Дойду көмүскэлигэр сылдьар байыастарбыт төрөөбүт дойдуларын, эһиги сонуннаргытын ааҕан сэргэхсийиэхтэрэ, ахтылҕаннарын таһааран күүстэригэр күүс, кыахтарыгар кыах эбиллиэҕэ.