Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ДетиАзии

Уолбут кыайдаа🎉🎉🎉🎉

Харысхан Габышев! 80 кг үөһээ ыйааһыҥҥа мас тардыһыыга чемпиииоон!!!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ДетиАзии

Азия оҕолорун оонньууларын кыайыылааҕа Харысхан Габышев бастакы интервьюта🙌🙌🙌

Уол былаана элбэх! Салгыы Манчаары оонньуулара!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu
@ulusmediasport
Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун эдэр ыччата!

Эһигини "Үөһээ Бүлүү улууһа (оройона)" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм Россияҕа эдэр ыччат күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Үөһээ Бүлүү улууһа дьоҕурдаах, инникигэ көрүүлээх, көхтөөх, эрэллээх ыччаттардааҕынан киэн туттабыт.

Биһиги ыччаттарбыт Өрөспүүбүлүкэ, Россия таһымыгар ыытыллар күрэхтэргэ, фестивальларга өрүү инники күөҥҥэ сылдьаллар. Ол курдук, билигин ыытылла турар "Дети Азии" 8-с спортивнай оонньууларга ыччаттарбыт волонтерскай хамсааһынтан саҕалаан, култуурунай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар.

Үөһээ Бүлүү улууһун ыччатын улахан болҕомтоҕо улуус салалтата ылан, сотору кэминэн, улуус дьаһалтатын иһинэн ыччат сэбиэтин тэрийиэхпит. Ыччат сэбиэтэ - биһиги ыччаппытын салайар үлэҕэ угуйар олох-дьаһах, политика оскуолата буоларын былаанныыбыт. Ыччат сэбиэтигэр киирбит оҕолорбут улуус сайдыытыгар бэйэлэрин көрүүлэрин, этиилэрин этинэн, олоххо киллэрсэр кыахтаныахтара.

Ыччаттары кытта көрүстэрбин, өрүү кинилэр бэрт тыҥааһыннаах ыйытыылары көтөҕөллөр. Ис сүрэхтэриттэн төрөөбүт улуустарын таптыыллара, кини сайдарын туһугар үлэлииллэрэ, ыалдьаллара көстөр. Кинилэри көрдөхпүнэ, Үөһээ Бүлүү кэскилэ эрэллээх илиигэ тиксэригэр эрэллээхпин.

Күндү ыччаттар! Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ баҕарабын эһиэхэ – сайдыыны, кыайыыны уонна олоххо үтүө санааны!

Үөһээ Бүлүү улууһа сайдыытын туһугар бииргэ буолуоҕуҥ!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.

#ЭдэрЫччат
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
С Ысыахом Туймаады! Туймаада Ыһыаҕынан!

Улуу Туймаада хочотугар Үрүҥ тунах Ыһыах алгыстаах күнэ үүммүтүнэн Сахам Сирин дьонун итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу күн бука барыбытыгар кэрэни, сырдыгы, үтүөнү эрэ түстээтин, муҥура суох киэҥ санааны, чэгиэн, чөл туругу тосхойдун!

Ысыах Туймады - это самый крупный национальный праздник в России, кладезь традиций, нашей богатейшей культуры, символ единения народов. Пусть благословенный Ысыах подарит всем нам благополучие, счастье и добро!

Уруй-туску! Айхал-мичил!

t.iss.one/aisen_nikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ДетиАзии

Азия оҕолорун оонньууларыгар мас тардыһыы көрүҥэр 70 кг ыйааһыҥҥа үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт Саян Саввинов интервью биэрдэ 👍👍👍

Саян 14 саастаах, И.Н.Барахов аатынан орто оскуола үөрэнээччитэ, Оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ, элбэҕи эрэннэрэр кэскиллээх спортсмеммыт.

"Үөһээ Бүлүүлэргэ өйөбүлгүт иһин махтанабын", - диэтэ чөмпүйүөн.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu
@ulusmediasport
#ДетиАзии

Мас тардыһыы тыҥааһыннаах финалын кэнниттэн сибэкки туттарар церемония буолла.

Уолаттарбыт кыайыы пъедесталыгар таҕыстылар👏👏👏

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu
@ulusmediasport
#егэ #ситиһии #кыһа

⭐️ Үөһээ Бүлүүттэн Евдокия Николаева историяҕа биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн история предметигэр муҥутуур баалы ылбыт бастакы выпускник буолла.

Евдокия 9 кылааһы Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернаты бүтэрэн баран салгыы Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктика оскуолатын ааспыт сылга түмүктээбитэ.

Былырыын нуучча тылын 100 баалга туттаран Ил Дархан Айсен Николаевтан 100 тыһыынчалаах бириэмийэни ылбыта.

"Былырыын бааллара үрдүк этэ, хас да үрдүк үөрэхтэн 100 бааллаах выпускник диэн биһиэхэ киирэн үөрэн диэн ыҥырбыттара. Ону эһиил туттарыам диэн биир сыл үөрэхтэн сынньанан, чопчу ханнык үөрэххэ киирэрбин толкуйдуом диэн докумуоннарын биэрбэтэҕэ.
История предметин таах туттарбакка хаалбыппын диэн быйыл эбии историяны уонна английскай тылы туттарда. Билигин омук тылын эксээмэнин түмүгүн күүтэбит. Историяны туттарарыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей выпускнигын быһыытынан туттарда. Онон бу ситиһии улуус туһатыгар ааҕыллар", - диэн Евдокия ийэтэ Лариса Семеновна Верховцева кэпсээтэ.

Оттон Евдокия аҕата Василий Валерьевич Николаев улууспут Аҕа баһылыга Валерий Николаев бииргэ төрөөбүт быраата. Николаевтар дьиэ кэргэттэригэр, аймахтарыгар биир кэлим эксээмэни 100-түү баалга туттарбыт ыччаты иитэн таһаарбыккытынан эҕэрдэ бастыҥа буолуохтун!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Техникум #Мчс #Юбилей

Үөһээ Бүлүүтээҕи Техникум үбүлүөйдээх сылын выпускниктарын олох киэҥ аартыгар атаарда🥳

Эҕэрдэ буолуохтун!👏🏻

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ДетиАзии

Самый трогательный момент сегодняшнего соревнования по мас-рестлингу🥹🥹🥹

Чемпион в весовой категории свыше 80 кг Харысхан Габышев после нелегкой победы в объятиях своей мамы😍😍😍

"Победа досталась тяжело", - признался в своем интервью Харысхан.

Газета "Үөһээ Бүлүү"
@ulusmediasport
@uoheebuluu
#иһитиннэрии #кчс

Бэс ыйын 29 күнүттэн Үөһээ Бүлүү оройуонугар ойуур баһаарыттан сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата биллэрилиннэ

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов бэрэссэдээтэллээх улуус ыксаллаах быһыыга хамыыһыйатын быһаарыытынан, маннык балаһыанньа муниципальнай суолталаах ойуурдарга биллэрилиннэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ балаһыанньа хайдаҕын Үөһээ Бүлүүтээҕи ойуур хаһаайыстыбатын лесничейэ Павел Тимофеев иһитиннэрдэ:

- "Кырыкый нэһилиэгиттэн 44 км тэйиччи сиргэ - Түҥҥэ бэс ыйын 24 күнүгэр турбут ойуур уота бүгүҥҥү туругунан иэнэ 832 гектарга тиийдэ. Онтон 62 га верховой. Ойуур баһаарын умуруоруу үлэтигэр уопсайа 105 киһи үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Онтон 54 үлэһит Бүлүү, Ньурба улуустарыттан кэлэн көмөҕө тахсыбыттара. Мобилизация көмөтүнэн нэһилиэнньэттэн 23 киһи баҕа өттүнэн уоту умуруорууга үлэлии тахсыбыта. Баһаар соҕуруу өттө күүскэ умайар.

Билигин бу баһаарбытыгар икки критерий киирэн, улууспутугар бэҕэһээ ыксаллаах балаһыанньаны биллэрдибит.
Баһаарбыт иэнэ улаатан уонна ойуур баһаарын умулларар күүстэрбит 50 %-тан элбэх киһи баһаарга үлэлии сылдьалларынан сибээстээн."


Мантан сиэттэрэн, ыксаллаах балаһыанньа биллэриллибитин кэннэ ойуурга тахсыы, уоту оттуу, айылҕаҕа тахсан шашлыктааһын кытаанахтык бобулларын өссө төгүл санатабыт.

Улуус дьаһалтатын уурааҕар олоҕуран, нэһилиэктэр баһылыктара суһал хамсаныынан миэстэлэригэр ыстаап тэринэн, уоту умуруорар тэриллэринэн хааччынан, водоемнары уунан толору хааччыйан, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ үлэлэрин күүһүрдэн, бэлэмнээх олороллоругар, баһаартан сэрэхтээх буолуу инструктаһын нэһилиэнньэҕэ тириэрдиини күүһүрдэргэ сорудахтанна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu
@ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM