Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Якутия завоевала 6 призовых мест на XXXII (III) Всероссийском фестивале «Российская студенческая весна» среди профессиональных образовательных организаций! Вот первые имена лауреатов и победителей в направлениях:

▫️Специальный приз в направлении «Мода» – Жанна Гуляева, Ольга Мандарова, студенты колледжа креативных индустрий «Айар уустар»;
▫️Лауреаты I степени в направлении «Большие составы» – ВИА группа 60/1 Якутского медицинского колледжа им. В.А. Вонгродского;
▫️Лауреат II степени в направлении «Клавишные инструменты» – Виктор Григорьев, студент Вилюйского профессионально-педагогического колледжа им. Н.Г. Чернышевского;
▫️Лауреат II степени в направлении «Народное пение» – Алан Гандалоев, студент Центра подготовки рабочих кадров «Арктика»;
▫️Лауреат II степени в направлении «Эстрадное пение» – Ариан Гуляев, студент Якутского технологического техникума сервиса им.Ю.А. Готовцева;
▫️Лауреат III степени в направлении «Рэп» – Игорь Слепцов, студент Якутского сельскохозяйственного техникума.

Участниками фестиваля стали 2000 студентов из 401 колледжей и техникумов 70 регионов страны. Якутию на фестивале представили 47 студентов из 13 профессиональных образовательных организаций. В течение пяти дней наши конкурсанты показали членам жюри – авторитетным деятелям искусства и культуры России – свои таланты по 10 творческим направлениям.

Поздравляю наших талантливых студентов!

t.iss.one/aisen_nikolaev
#спорт

⭐️ Үөһээ Бүлүү киинигэр икки куннээх оҕолорго чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ 8 улуустан уопсайа 112 спортсмен кытынна.

Улахан саастаах оҕолор 2009-10 с.т., кыра саастаах оҕолор 2011-12 с.т. сүүрүүгэ араас дистанцияҕа, уhуну, үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга, эстафеталарга күрэхтэстилэр.

Уопсайа 120 мэтээл оонньонно. Биирдиилээн дистанцияҕа бастакы миэстэҕэ - 3 тыһ. солк., иккискэ - 2 тыһ. солк., үhүскэ - 1 тыh. солк. харчы сертификаттара туттарылыннылар.

Сүрүн бирииһи - Айфон15-Про бастаабыт кыргыттартан сэрэбиэйинэн талан, Мииринэй сүүрүүгэ, уолаттарга Дүллүкү нэһилиэгин дьаһалтата туруорбут 45 тыh. солк. сертификатын эмиэ сэрэбиэйинэн Горнай уола тардан ыллылар.

Ону таhынан 6 анал аатынан бириистэр туттарылыннылар.

Сонуннарга анаан Иван Устинов

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыгын экономикаҕа уонна үпкэ солбуйааччыта Саргылаана Алексеева салайан ыытар. Сүбэ-мунньаҕы кутурҕан мүнүүтэттэн саҕалаата.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун "Дүллүкү" сопхуоска, "Дүллүкү"потребкооперацияҕа уонна "Дүллүкү нэһилиэгэ" МТ дьаһалтатын баһылыгынан таһаарыылахтык үлэлээбит туруу үлэһит, сатабыллаах салайааччы, улахан дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ, үлэ бэтэрээнэ, ССРС потребкооперациятын, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуннара, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Гражданскай килбиэн, Арассыыйа потребкооперациятыгар үтүө суобастаах үлэтин иһин бэлиэлэр хаһаайыннара, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Дүллүкү нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо АН ИВАН ИВАНОВИЧ бу дьыл бэс ыйын 11 күнүгэр уһун ыарахан ыарыыттан олохтон туораабытынан тэрилтэ салайааччылара сүһүөхтэригэр туран кэриэстээтилэр.

Улуус баһылыга Валерий Николаев Ньурба улууһугар үлэлиир.

"Үөһээ Бүлүү" МТ баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов бөһүөлэги ырааһырдыы үлэтин туһунан иһитиннэрии оҥордо.

Хас бээтинсэ аайы субуотунньуктар ыытыллаллар. Биирдиилээн тэрилтэлэр сыһыарыллыбыт территорияларын көрө-истэ, ыраастыы сылдьалларыгар ыҥырда.

Хаһаайыстыбалаах дьон сүөһүлэрин көрөллөрүгэр, улуус киинигэр бөх быраҕар миэстэлэринэн сылдьыбаттарын курдук дьаһаналларыгар эттэ.
Бэҕэһээ бөх быраҕар дьаамаҕа ынах түспүтүн курдук түбэлтэ хатыламматын туһугар сүөһүлэри улуус кииниттэн тэйиччи мэччирэҥҥэ ыытыахтарын наада.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Ыһыахтар чугаһаан, боппуруостар сүрүннээн ырааһырдыы тула бараллар. Ол курдук, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Дмитрий, Ефремов нэһилиэк иһигэр ырааһырдыы үлэтин туһунан иһитиннэрдэ.

"ОДьКХ" управляющай хампаанньа салайааччыта Богдан Прокопьев свалкаҕа ыытылла турар үлэ туһунан иһитиннэрдэ.

Экология тэрилтэтин суругар олоҕуран, улуус киин свалкатыгар киирии өттө ыраастаныахтаах. Экология тэрилтэтин иннигэр уонна "Кэрэчээнэ" чааһынай кафе аттыгар турбут дьааһыктары ыраастаабыттар. Бөх быраҕар дьааһыктар тулаларын эргиччи ыраастаан барбыттарын кэннэ 3 чааһынан төттөрү ыһыллар, толору бөх буолар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Ойуур хаһаайыстыбатын сүрүн лесничейэ Павел Тимофеев ойуур баһаардарын балаһыанньатын билиһиннэрдэ. Улууска ойуур баһаара этэҥҥэ суох.

Профилактическай үлэлэр, рейдэлэр тохтоло суох ыытыллаллар. Ойуурга тахсыы бобуллан турар кэмигэр кыра кыһалҕалаахтар тахсыбаттарыгар ыҥырда. Айылҕаҕа тахсан баран уот оттубут дьону ыстарааптааҥ диэн сорудах бэриллибит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүүтээҕи Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаа салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата дьуһуурунай чааска 44 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит.

Онтон 5-һэ араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ, түөкүннээһин - 8, уоруу - 1. Ону таһынан сокуоннайа суох ойуур маһын кэрдии 1 түгэнэ таҕыста. Буруйдаах миэрэҕэ тардыллыаҕа.

Нэдиэлэ иһигэр дьуһуурунай чааска 5 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт. Манна общественнай миэстэҕэ бэрээдэги кэспит, сайабылыанньанан үҥсүү киирбит түгэнигэр тутуллаллар.

22 административнай боротокуол толоруллубут, ГАИ сотрудниктара 84 ыстараап боротокуолун суруйбуттар. Ол иһигэр 2 киһи арыгы испит туруктаах массыына ыыта сылдьан тутуллубут, ол аата суоппар бырааба суох хаалар буолбуттар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус баһылыгын солбуйааччыта, дьаһалта дьыалаларын дьаһайааччы Михаил Егоров тэрилтэ салайааччыларыгар туһаайан иһитиннэрии оҥордо.

Ол курдук, улуус ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн, маассабай көрдөрүүгэ кыттар үлэһиттэр киэһэ 19:00 чааска "Үс Хоһуун" стадиоҥҥа эрчиллэ кэлэллэр. Үлэһиттэр кыттыыларын салайааччылар хонтуруоллуулларыгар ыҥырда.

Тэрилтэлэр салайааччылара улуус ыһыаҕар ыҥырыылаах ыалдьыттарын улуус дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһыгар Туяра Поскачинаҕа этэн, сүрүн испииһэккэ киллэттэрэргитигэр.

Ону тэҥэ, улуус Ыһыаҕа чугаһаабытынан, хас биирдии тэрилтэ үлэтин күүһүрдэригэр ыҥырда.

"Эйгэ" муниципальнай тэрилтэ салайааччыта Мария Платонова иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 20 күнүгэр улуус киинин холбоһуктаах тэрилтэлэрэ Түгэхтэй алааһыгар уопсай субуотунньукка тахсыахтара. Онтон бэс ыйын 23 күнүн киэһэтигэр сыһыарыллыбыт миэстэлэринэн түһүлгэни киэргэтиэхтэрэ, чэчирдэри анньыахтара.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах #спорт

⭐️ Мордьонноохоп оонньуулара

Үгэс курдук бэс ыйын 24-25 күннэригэр ыытыллар "Төрүт түөлбэм - дьоллоох дойдум" Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕар иккис төгүлүн ыытыллар күүстээх уохтаах, быһый уолаттарга бастыҥы быһаарар "МОРДЬОННООХОП ООННЬУУЛАРА" күрэххэ ыҥырабыт.

Кыттан бэйэтин тургутан, холонон көрүөн баҕалаах дьонтон сайаапкалары улуустааҕы спорт управлениетыгар 89142659005 нүөмэргэ эрийэн тиийэн биэрэргитин күүтэллэр.

Муҥутуур кыайыылаахха сүрүн бириис 200 тыһыынча солкуобай

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах

⭐️ "Төрүт түөлбэм - дьоллоох дойдум" Үрүҥ Тунах Ыһыах үгэс буолбут күрэхтэрэ

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
❗️ За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадали 19 жителей республики, общая сумма похищенных средств составила более 17,2 млн рублей.

⚡️Жертвами мошенников стали 6 пенсионеров, 4 педагога, работники в сфере культуры и туризма, уголовно-исполнительной системы, бухгалтер, слесарь, индивидуальный предприниматель, диспетчер авиакомпании, консьерж и безработный.

‼️‼️‼️По схеме звонок сотрудников «ФСБ, МВД», «Пенсионного фонда» пострадали 14 граждан, общая сумма потерь превысила 12,2 млн рублей. По схемам «заработок на инвестициях», «покупка криптовалюты» 2 жителя республики перевели злоумышленникам свыше 5 млн рублей. Также потеря средств зарегистрирована в результате взлома аккаунта в мессенджере, покупки товара в сети Интернет.

🚨 Будьте внимательны, не поддавайтесь на уловки мошенников!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун 15 ыстатыйатыгар олоҕуран, Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугао айылҕаҕа үүнэр сир аһын хомуйуу болдьохторо улуус баһылыгын уонна ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта илии баттааһыныннарынан бигэргэннилэр.

Ол курдук, хаптаҕаһы, дьэдьэни уонна биэ эмиийин от ыйын 16 күнүттэн, сугуну атырдьах ыйын 1 күнүттэн, моонньоҕону атырдьах ыйын 10-тан уонна отону атырдьах ыйын 25 күнүттэн хомуллара көҥүллэнэр.

Эрдэлээбит дьон эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөбүн сэрэтэбит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM