#спартакиада
Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн,Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас, улууспутугар түмсүү сылынан Бүлүү улуустарын бэтэрээннэрин VIII культурнай спортивнай спартакиадаларын доҕордоһуу киэһэтэ культурнай чааһа саҕаланна.
Олоҥхо дьиэтин фойетыгар түөрт Бүлүү бөлөх улуустарын бэтэрээннэрин илиинэн оҥоһуктарын уус-уран быыстапката дьон-сэргэ болҕомтотун тарта.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Үөдүгэй нэһилиэгин "Чэмэлиинэлэр" общественнай түмсүү вокальнай бөлөҕө доҕордоһуу киэһэтин ырыанан арыйда
Санатан эттэххэ, спартакиада культурнай көрүҥнэригэр видеоролик, ырыа, үҥкүү, уус-уран ааҕыы, тойук, оһуохай, быыстапка киирэллэр. Ол кэннэ уопсай түмүк тахсыаҕа.

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#спартакиада
Түөрт Бүлүү бөлөх улуустар бэйэлэрин билиһиннэрэр "Төрүт сирим - төрөөбүт түөлбэм" диэн биэстии мүнүүтэлээх видеороликтарын көрүү саҕаланна.
Хас биирдии улуус социальнай-экономическай, культурнай, спортивнай олоҕун сиһилии кэпсиир биэриилэри көрөөччүлэр умсугуйан олорон көрдүлэр, ытыстарын тыаһынан биһирээтилэр.

Культурнай көрүҥнэргэ күрэхтэһии үгүс көрөөччү киэҥ биһирэбилин тарта.
Видеоролигы көрүү түһүмэҕин кэнниттэн ылбаҕай ырыа ыллама ылланна, үҥкүү-битии бэһиэлэйэ тардылынна, тойук дуорааннааҕа доллоһуйда.
Бүлүү бөлөх бэтэрээннэрин спартакиадатын доҕордоһуу киэһэтигэр үөрбүт харахтар көрүстүлэр, истиҥ сэһэргэһии тэнийдэ, хойукка диэри көр-нар көҕүлүттэн тутулунна, нус-бараан эйгэ олохсуйда.

#көмүскэл
⭐️ Сахаҕа ураты дьарык – ыҥырыаны иитии
Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан дьиэ кэргэнҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киин ааспыт сылтан сахаҕа ураты дьарыгы - ыҥырыа иитиитинэн дьаныардаахтык ылсан үлэлии олорор.
Бастакы сылбытыгар икки дьиэ кэргэни Дьокуускай куораттан сакаастаан аҕалтаран, уйаларын «Чочу күөлэ» диэн учаастакпытыгар туруоран сайылаппыппыт. Үлэтин барытын киин үлэһиттэрэ бэйэбит толорбуппут, эбии оҕолорбут, төрөппүттэрбит көмө буолбуттара.
Ааспыт сайын барыта 12 киилэ мүөтү ылбыппыт. Онон оҕолорбут бэйэбит оҥорон таһаарбыт минньигэс муоппутун амсайбыттара.
Күһүөрү, халлаан тымныйыыта, ыҥырыалар утуйан киирэн бараллар. Кинилэр утуйан кыстыыр миэстэлэрэ алыс тымныыта суох, чуумпу сир буолуохтаах. Мүөттээх ыҥырыаларбытын көрөн-истэн, этэҥҥэ кыһыны туоратан үөрүүбүт улахан.
Быйыл бу дьарыкпытын кэҥэтэр сыалтан «Семейная эко-пасека "ВЕРВИЛ-мед"» диэн бырайыагы үлэҕэ киллэрдибит. Салгыы үлэбит бу бырайыак тосхолунан барыаҕа.
Өссө биир ситиһиибит - Чурапчыттан эбии түөрт ыҥырыа дьиэ кэргэнин атыылаһан ылан миэстэтин буллардыбыт. Онон уопсайа 6 ыҥырыа дьиэ кэргэнэ «Чочу Күөлэ» учаастакпытыгар сайылыахтара. Манна ыраас, сибиэһэй салгыҥҥа сибэкки арааһа үүнэр буолан, тигээйи сибэкки сүмэтин хото хомуйар. Мүөттээх ыҥырыаларбыт уйалара тыа саҕатыгар күлүк сиргэ тураллар. Быйыл даҕаны төрөппүттэр, оҕолор үөрэнэ таарыйа кэлэн көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэллээхпит.
Мүөттээх ыҥырыаны иитии биһиги улууспутугар сонун саҕалааһын буолар. Инникитин улууска ыҥырыа иитиитинэн дьарыктанар дьиэ кэргэн элбиирэ буоллар диэн баҕалаахпыт. Ыҥырыа олус үлэһит-өйдөөх харамай, бэйэлэрэ астарын булунан сылдьаллар. Биһигиттэн ирдэнэрэ диэн, үлэлиир, олорор усулуобуйаларын тэрийии буолар.
Василий Абрахов, Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киин
дириэктэрин солбуйааччы
@uoheebuluu

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#спорт
⭐️ Сарсыардаттан Үс Хоһуун спорт саалатынан, стадионунан, манеһынан бэтэрээннэр спартакиадаларын күрэхтэһиилэрэ ыытылла тураллар. Ону тэҥэ спортинг күрэҕэ стрельбищеҕа буола турар.
Ол курдук, эбиэккэ диэри бильярд, саахымат, буулдьанан ытыы, хараҥкы (городки), дартс, сүүрүү күрэхтэһиилэрэ буолаллар.
14 чаастан балай үҥкүү күрэҕэ спортивнай саалаҕа ыытыллыаҕа.
Күнүс 15 чааска Бүлүү бөлөх бэтэрээннэрин спартакиадатын түмүктэрин таһаарыахтара, кыайыылаахтары наҕараадалыахтара.