Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
22.4K photos
4.4K videos
9 files
3.98K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#спартакиада

Сэттис бэтэрээннэр спартакиадаларын кыайыылааҕа, Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Герасим Алексеевич Солтоев эҕэрдэтин тиэрдэн туран, көһө сылдьар Кубогы спартакиада кылаабынай судьуйатыгар Николай Васильевич Софроновка туттарар бэлиэ түгэнэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#спартакиада

Үөһээ Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Егорович Чычахов икки күннээх спартакиада бары кыттыылаахтарыгар истиҥ эҕэрдэтин тириэртэ уонна ким бэлэмнээх - кыайарыгар, күрэхтэһии сытыытык уонна чиэһинэйдик барарыгар баҕа санаатын тириэртэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#спартакиада

Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгиттэн бильярд көрүҥэр кытта сылдьар Екатерина Николаевна Индеева:
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#спартакиада

Сунтаар улууһун хамаандатын тренерэ Афанасий Терентьевич Жараев санаатын маннык үллэһиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#спартакиада

Сахаваболга күрэхтэһии сүрдээх сытыытык, элбэх ыалдьааччылаах, ыһыылаах-хаһыылаах саҕаланна!
Саала иһэ оргуйан олорор!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#спартакиада

Бастакы күҥҥэ теннис көрүҥэр күрэхтэһии түмүктэннэ. Түмүгү Үөһээ Бүлүү улууһун теннискэ хамаандатын хамандыыра Федор Неустроев билиһиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#спартакиада

Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн,Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас, улууспутугар түмсүү сылынан Бүлүү улуустарын бэтэрээннэрин VIII культурнай спортивнай спартакиадаларын доҕордоһуу киэһэтэ культурнай чааһа саҕаланна.

Олоҥхо дьиэтин фойетыгар түөрт Бүлүү бөлөх улуустарын бэтэрээннэрин илиинэн оҥоһуктарын уус-уран быыстапката дьон-сэргэ болҕомтотун тарта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#спартакиада

Үөдүгэй нэһилиэгин "Чэмэлиинэлэр" общественнай түмсүү вокальнай бөлөҕө доҕордоһуу киэһэтин ырыанан арыйда

Санатан эттэххэ, спартакиада культурнай көрүҥнэригэр видеоролик, ырыа, үҥкүү, уус-уран ааҕыы, тойук, оһуохай, быыстапка киирэллэр. Ол кэннэ уопсай түмүк тахсыаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#спартакиада

Түөрт Бүлүү бөлөх улуустар бэйэлэрин билиһиннэрэр "Төрүт сирим - төрөөбүт түөлбэм" диэн биэстии мүнүүтэлээх видеороликтарын көрүү саҕаланна.

Хас биирдии улуус социальнай-экономическай, культурнай, спортивнай олоҕун сиһилии кэпсиир биэриилэри көрөөччүлэр умсугуйан олорон көрдүлэр, ытыстарын тыаһынан биһирээтилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#спартакиада

Культурнай көрүҥнэргэ күрэхтэһии үгүс көрөөччү киэҥ биһирэбилин тарта.

Видеоролигы көрүү түһүмэҕин кэнниттэн ылбаҕай ырыа ыллама ылланна, үҥкүү-битии бэһиэлэйэ тардылынна, тойук дуорааннааҕа доллоһуйда.

Бүлүү бөлөх бэтэрээннэрин спартакиадатын доҕордоһуу киэһэтигэр үөрбүт харахтар көрүстүлэр, истиҥ сэһэргэһии тэнийдэ, хойукка диэри көр-нар көҕүлүттэн тутулунна, нус-бараан эйгэ олохсуйда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат