#кэрээйгэ
⭐️ Ольга Григорьева аатынан Боотулуутааҕы норуот тыйаатыра аатын көмүскээтэ
Бэс ыйын 7 күнүгэр "Норуот самодеятельнай коллектива" дьүүллүүр сүбэ иннигэр аатын чиэстээхтик көмүскээтэ.
Варвара Буртахова режиссердаах норуот тыйаатыра бу күн сыанаҕа Былатыан Ойуунускай айымньытынан «Ыраахтааҕы ыйааҕа» испэктээги уонна «Боккуойа» музыкальнай инсценировканы туруорда.
Аттестациялыыр хамыыһыйаҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Алексей Захаров, П.Ойуунускай аатынан Сахатеатр артыыһа,
Михаил Апросимов уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Николай Дмитриев үлэлээтилэр.
@uoheebuluu

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Молодёжь Верхневилюйского улуса
Өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр ыччат "Табыс" фестивалигар Үөһээ Бүлүү улууһун эдэр ыччата Васильев Денис 2-с Вице Мистер ТАБЫС титулу кыайда.👏👏👏
Уолбутун Дениһы ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит!👏👏👏
#Табыс
#ҮөһээБүлүү
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаассыла
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат бэҕэһээ телеграм-ханаалыгар суруйбутун курдук, бэс ыйын 7 күнүгэр улууспутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданнарын туруктарын аакталарын толорор уорган үлэһиттэрин сэминээрэ ыытыллыбыта.
Бүлүү бөлөх улуустарын ГТАС үлэһиттэрэ биир күннээх үөрэхтээһиннэрин чэрчитинэн Доҕордоһуу скверигэр "Оҕо саас аллеятын" арыйан туран, уопсайа 40 хатыҥ маһы олордуу акциятыгар кыттыстылар. Мастары Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салайааччыта Павел Тимофеев аҕалан биэрдэ.
Аахсыйаҕа "Сааскылаана" оҕо образцовай ансаамбыл сайыҥны лааҕырын иитиллээччилэрэ, Оҕо искусствотын оскуолатын үлэһиттэрэ, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова, Саха сирин ГТАС салалтатын салайааччыта Дария Слепцова, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов, Оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Иванов кыттыыны ыллылар.
Улуустааҕы ГТАС салаатын салайааччыта Татьяна Кардашевская иһитиннэрбитинэн, хас биирдии киһи олоҕун историятын докумуонунан арыаллааһын кини төрүөҕүттэн, регистрацияланыаҕыттан саҕаланар. Бу дьоһуннаах акция ити санаанан салайтаран ыытылынна уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананна.
Санатар буоллахха, бу аахсыйа бүтүн дойду үрдүнэн ыытыллар. Ким баҕалаах бары кыттыһыан сөп.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Forwarded from Администрация МО «Намский улус» (Анастасия Корякина)
Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгин Аҕа баһылыга Константин Данилович Платонов салалтатынан нэһилиэк ыччата, дьоно халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит Хатырык нэһилиэгэр кэлэн, икки күн устата күүстээх көмөнү онордулар.
Элбэх оҕолоох Кутуковтарга, улаханнык ууга барбыт ыалларбытыгар Обутовтарга, Сухановтарга, Александра Слепцова бааһынай хаһаайыстыбатыгар чөлүгэр түһэрии үлэлэргэ көмөлөстүлэр.
Улуу убайдарбыт Исидор Барахов уонна Максим Аммосов доҕордоһуулара өрүү ыарахан түгэҥҥэ бэйэ-бэйэни өйөһүүлээх буоллун.
Улахан махтал Харбалаах нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр!
"Хатырык нэһилиэгэ" МТ дьаһалтата