Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Forwarded from V ЯКУТИИ.РУ
⚡️Законопроект об отмене ЕГЭ в пользу традиционных экзаменов внесли в Госдуму.

Проект федерального закона разработан с целью замены единого государственного экзамена на проведение государственной итоговой аттестации по образовательным программам основного общего и среднего общего образования в форме государственных экзаменов, говорится в пояснительной записке к законопроекту.

V Якутии.ру
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Саха сиригэр 185 дьиэ таһынааҕы территорияны «Уһук Илиҥҥэ 1000 олбуор» бырайыагынан тупсаран оҥордулар

Саха сиригэр 2023 сылга 25 муниципальнай тэриллиигэ 61 дьиэ таһынааҕы территорияны тупсаран оҥорбуттара.
Онтон быйыл ити бырагыраама чэрчитинэн 14 маннык территорияны тупсаран оҥоруу былааҥҥа баар. Бу үлэҕэ 102 мөл. солк. тахса үп көрүллүбүт.
Ол курдук, Дьокуускай куоракка 5, Алдаҥҥа, Мииринэйгэ, Намҥа, Нерюнгрига, Аллара Халымаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка, Чурапчыга баар территориялар бу бырайыакка киирдилэр.
Юрий Тутнев тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, бу программа сүрүн сыалынан Уһук Илин олохтоохторо табыгастаах эйгэҕэ олорор усулуобуйаларын тэрийии буолар.

СР Ил Дарханын уонна Правительствотын пресс-сулууспата
Саха сиригэр 67 урутаан сайдан иһэр территориялар резиденнэрэ үлэлииллэр

Быйылгы сылга «Мечта миров» ХЭТ щебенканы уонна табаарынай бетону оҥорон таһаарар бырайыагынан Дьокуускай куоракка үлэлиэҕэ. Былаан быһыытынан, бу тэрилтэ 122,5 мөл. солк. инвестициялыаҕа уонна республика киинигэр 30 үлэ миэстэтин арыйыаҕа.
Уопсайа Саха сиригэр урутаан сайдан иһэр территориялар резиденнэрэ 115 млрд. солк. суумалаах инвестицияны оҥордулар уонна 10 126 үлэ миэстэтин арыйдылар.
Санатан эттэххэ, урутаан сайдар иһэр территориялар преференциальнай режимнэрэ саҥа үлэлээн эрэр инвестиционнай бырайыактары өйүүргэ туһуланаллар.

СР Ил Дарханын уонна Правительствотын пресс-сулууспата
Саха сирин устун күүлэйдээ уонна “Уһук Илин – мүччүргэннээх сырыы дойдута” куонкуруска кытын

Муома паарката, «Халыма» трасса, Сэттэ Дабаан хайа, Сиинэ, Буотама, Амма, Өлүөнэ өрүстэр – бу, онтон да атын кэрэ айылҕалаах сирдэринэн айаннаан, видеоҕа устан, “Уһук Илин – мүччүргэннээх сырыы дойдута” куонкурус кыайыылааҕа буолуохха сөп. Сайаапкаларгытын бу сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри ыытыаххытын сөп.
Бастыҥ киинэ ааптара 3 мөл. солк. бирииһи тутуоҕа. Онтон үс номинацияттан бииригэр кыайбыт кыттааччы 1 мөл, 2-с миэстэлээх 300 тыһ, 3-с миэстэ хаһаайына 100 тыһ. солкуобайынан биһирэниэҕэ.
Куонкурус быраабылаларын путешественникдв.рф официальнай сайтка билсиэххэ сөп.

СР Ил Дарханын уонна Правительствотын пресс-сулууспата
#бэлиэтүгэн

⭐️Сэминээр үөрүүлээх тэрээһинигэр Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Марина Филиппова Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Махтал суругун тутта.

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина илии баттааһыннаах Махтал суругунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ГТАС салаатын салайааччыта Татьяна Кардашевская бэлиэтэннэ.

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин сүрүн специалиһа Наталья Румянцева, Бүлүү улууһун ГТАС салаатын 1-кы категориялаах специалиһа Анастасия Иванова, Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Нюргуяна Иванова СӨ Гражданнар туруктарын суруйар уорган Бочуот грамотатынан наҕараадаланнылар.

СӨ ГТАС салаа махталын Бүлүү улууһун ГТАС салаатын салайааччыта Марина Иванова, Сунтаар улууһун ГТАС салаатын 1-кы разрядиах специалиһа Надежда Андреева, Ньурба улууһун ГТАС салаатын 1-кы разрядтаах специалиһа Инга Никифорова, Сунтаар улууһун дьаһалтатын коллектива, Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Дмитрий Федоров, Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Елена Николаева, Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин сүрүннүүр специалиһа Нарыйа Ҕетрова, уонна Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүн специалиһа Павел Павлов бэлиэтэннилэр.

СӨ ГТАС салалтатын Махтал суругун Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Лилия Явловская, Далыр нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Мария Семенова уонна Ороһу нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Анастасия Ильина туттуллар.

Наҕараадаламмыт үлэһиттэри ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн

⭐️ Саха сиригэр 4000 ахсаанынан бэлиэтэммит оҕо Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтэ

Сэминээр биир үөрүүлээх түгэнинэн эдэр ыалга сертификат туттарыыта буолла. Ол курдук, Нам нэһилиэгин эдэр ыала - Нарыйаана Сазонова уонна Алексей Харлампьев иккис оҕонон күн сирин көрбүт уол оҕолоро өрөспүүбүлүкэҕэ регистрация кинигэтигэр 4000 нүөмэринэн киирбитэ. Бу туһунан туоһу суругу үрдүк сыанаҕа Нам нэһилиэгин дьаһалтатын специалиһа Людмила Попова туттарда.

Улуустааҕы социальнай управление салайааччыта, Екатерина Николаева "Дети столетия" тус сыаллаах хапытаал, итиэннэ иккис оҕо төрөөтөҕүнэ ананар өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын сертификаттарын туттарда.

Санатар буоллахха, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө 2022 сылга төрөөбүт хас биирдии оҕоҕо төрөппүтэ "Дети столетия" тус сыаллаах хапытаалы биэриини олохтообута. Салгыы "Демография" национальнай бырайыакка олоҕуран, 2024 сыл устатын тухары уһатыллан, оҕо төрөөһүнүгэр төһүү күүс буолар. Бу хапытааллар суумалара сыл ахсын индексацияланан үрдүү тураллар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#көмө

⭐️ Исиидэр Бараахап дойдутуттан Максим Аммосов дойдутугар көмө тиийдэ

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгин уолаттара халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин дьонугар 3 биригээдэнэн үлэлииллэр.

Төрдүс биригээдэ - "Сэргэ" тутуу хампаанньаҕа үлэлиир Харбалаах нэһилиэгин уолаттара 100 ынаҕын ууга былдьаппыт бааһынай хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөн, хотоннорун өрөмүөнүгэр үлэлэрин саҕалыахтара.

"Харбалаах олохтоохторо хомуйбут көмө харчыларынан инструмент ылан, Хатырык нэһилиэгин муниципальнай тэрилтэтигэр, салайааччыга Айаал Вячеславовичка туттардыбыт. Хатырык нэһилиэгин баһылыга Артур Егорович олохтоохтор ааттарыттан махтал тылларын тириэртэ", - диэн Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Платонов кэпсээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM