Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#сайын

⭐️ Бүгүн Билиилээххэ Н.Егоров аатынан сквергэ үгэс буолбут үүнээйи дьаарбаҥката буолла.

Бу 3-с сылын ыытыллар тэрээһин бастыҥ оҕуруотчут, майгылаах мааныта, киһи киэнэ килбиэнэ Клавдия Анисимовна Прокопьева- Ивановаҕа ананар.

Клавдия Анисимовна идэтинэн бухгалтер этэ, Райпоҕа өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсыаҕыттан оҕуруот аһын эгэлгэтин, сибэкки арааһын үүннэрэн, ордубутун бэлэхтээн, атыылаан, бүтүн улууһу хааччыйан олорбута. Бэйэтин дьикти абылаҥар чугас олорор дьонун уһуйбута. Ол курдук, Елизавета Алексееваны, Светлана Яковлеваны. Биһиги усулуобуйабытын тулуйар-тулуйбат араас үүнээйини эксперименнээн, киһи үөйбэтэх кэрэ сибэккилэрин, сиэниллэр үүнээйилэри кыһыннары буостуктаан таһаарар буоллулар. Дьэ сүрэх-бэлэс үлэһит дьон...

Бүгүҥҥү дьаарбаҥкаҕа элбэх дьон кыттыыны ылла. Бэйэлэрэ үүннэрбит үүнээйилрин Анна Иванова, Ульяна Петрова, Сардаана Прокопьева, Варвара Гаврильева, Надежда Иванова, Кристина Семенова, Мария Баяновская о.д.а. Атыылаһааччы хара баһаам. Ордук оҕурсуга наадыйаллар эбит. Наадыйар рассадаларын булан, алаадьы, бурдук аһын амсайан, бырпах, морс иһэн, бириис бөҕө тутан тарҕастылар.

Клавдия Анисимовна оҕолоро, кийииттэрэ, бииргэ төрөөбүт быраата Анисим Анисимович, балтылара Валентина, Екатерина, Альбина Анисимовналар спонсордааннар атыылааччыларга, атыылаһааччыларга уонна тэрийээччилэргэ бириис арааһын туруордулар. Бу үгэс сылтан сыл салҕанан барар. Бары кыттыылаахтарга үтүө сайыны, өлгөм үүнүүнү, доруобуйаны.

"Билиилээх" түөлбэ салайааччыта Наталья Васильева

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова иһитиннэриититтэн саҕалаата.

СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкованы кытары Москва куоракка сырыы туһунан иһитиннэрии оҥордо. Кырдьаҕастар дьиэлэрин тутуутун боппуруоһун кэпсэппиттэрин, бырайыактан бассейн тутуута таһаарыллыбытын, Нам уонна Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыгар тутулла турар кырдьаҕастар дьиэлэригэр ханыылаан тутулларын былаанныылларын туһунан кэпсээтэ. Тутуу үбүн-харчытын дьүүллэһэллэр.

Үөһээ Бүлүүгэ психологическай киин былаан быһыытынан атырдьах ыйыгар арыллаары турар. Бастаан утаа 2 психолог миэстэтэ көрүллүбүт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Киинэ уонна СМИ отделын үлэтин туһунан салайааччы эбээһинэһин толорооччу Анна Гурьева иһитиннэрдэ.

Сайыҥҥы кэмҥэ, "Киновер" саала үлэһиттэрэ уочаратынан уоппускаҕа барар кэмнэригэр, бэнидиэнньик, оптуорунньук өрүүр.

"Сахафильм" киинэ театрын кытта быһаччы дуогабардаах буолан, киирбит дохуоттан 70% өрөспүүбүлүкэ киинэ тыйаатырын бюджетыгар барар.

Үлэһиттэр улуус дьаһалтатын уураахтарын, дьаһалларын "Вести" хаһыакка таһаараллар. Тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри 5 нүөмэр тахсыбыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👦🏻☀️Фестиваль для детей и молодежи «САЙЫН» провели в Якутске

🌿 II республиканский фестиваль для детей и молодежи «САЙЫН!» провели в Якутске в День защиты детей.

Организовали праздник встречи лета Малая академия наук РС(Я), Целевой фонд будущих поколений Якутии и его партнеры.

Яркие моменты мероприятия - в видео👇

https://youtu.be/f9w-u-jhzZ4
#планерка

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын үлэтин туһунан тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Кирилл Гаврильев иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ бүтэһигэр сүөһү эбии аһылыгын оҥорон таһаарыы бырагырааматыгар кыттан, 10 нэһилиэк тэриллиилээх хаһаайыстыбалара саҥа тыраахтардары ыллылар. Бу бырагыраамаҕа олоҕуран, тыраахтар сууматын 35% улуус дьаһалтата, 35% өрөспүүбүлүкэ бюджета уйунна. Тэриллиилээх хаһаайыстыбалар 30% төлөөтүлэр.

Улууска нэһилиэнньэттэн сайаапка быһыытынан 69 сибиинньэ, 1200 куурусса кэлэн түҥэтилиннэ. Кууруссалар айаннаан кэлэр күннэригэр халлаан итиитэ бэрт буолан 86 куурусса өлөн кэлбит. Сайаапка биэрэн баран тиксибэккэ хаалбыт дьоҥҥо тыа хаһаайыстыбатын управлениета сайаапка быһыытынан аҕалан биэриэҕэ.

Үүтү тутар собуоттар нэһилиэктэринэн үлэлэрин саҕалаан эрэллэр. Далыр, Боотулуу, Харбалаах нэһилиэктэригэр бу күннэргэ арыллыахтара. Тамалакаан нэһилиэгин арыы собуотугар ааспыт сылга үс үлэһиттээх эбит буоллаҕына, быйыл "Верхневилюйск" ХЭТ соҕотох үлэһиккэ эрэ хамнаһы көрбүт. Нэһилиэк баһылыга Петр Иванов эбии үлэһит миэстэтин көрөллөрүгэр көрдөстө.

"Верхневилюйск" ХЭТ 19 мөл. солк. кэриҥэ иэскэ олорор. Ол эрэн, үүт харчытыгар нэһилиэнньэҕэ төлөммөккө турбут иэс ыам ыйыгар диэри төлөнөн тиксэриллибит.

Улуус үрдүнэн ыһыы үлэтигэр кыра хойутааһын таҕыста. Намнар сирдэрин хорутан саҕалаатылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

«Азия оҕолоро» VIII спортивнай оонньууларга кыттыы туһунан уонна Республикатааҕы оскуола оҕолорун спартакиадатын туһунан оҕо спортивнай оскуолатын салайаачыта Павел Уйгуров кэпсээтэ.

Билиҥҥи туругунан "Азия оҕолоро" спортивнай оонньууларга 5 оҕо чуолкай кыттара биллэн турар. Хапсаҕайга - 2, мас тардыһыытыгар - 3. Алыш диэн көрүҥҥэ 1 кыыс кыттара чуолкайдаммакка турар.

Бэс ыйын 6-10 күннэригэр Дьокуускай куоракка оскуола оҕолорун спартакиадатыгар 67 оҕо кытта бараары бэлэмнэнэр. 20 спорт көрүҥүттэн 17-гэр кыттан, уопсай түмүккэ Чурапчы улууһун кэннэ иккис миэстэҕэ сылдьабыт.

Оҕо спортивнай оскуолатын быйылгы үөрэх дьылыгар 565 оҕо үөрэнэн бүтэрэн эрэр. 12 спорт көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктаналлар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата улуустааҕы ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар 52 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит. Мантан 10-на араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ. Ол иһигэр 4 киһи охсуһан эчэйбит. Түөкүннээһин - 7, уоруу - 3. Маны тэҥэ 2 киһини ыт ытырбыт. Ытырыык ыттар хаһаайыттара биллэллэр, үлэ бара турар.

Нэдиэлэ устата административнай эппиэккэ 7 киһи тардыллыбыт. Дьуһуурунай чааска 5 киһи тутуллан киирэ сылдьыбыт.

ГАИ үлэһиттэрэ 98 административнай ыстараап боротокуолу толорбуттар. Ол иһигэр 2 итирик суоппар уруулга олорон тутуллубут.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

"Табыс" ыччат фестивалыгар 23 ыччат дьонтон састааптаах хамаанда бэс ыйын 5 күнүгэр Кэбээйи улууһугар кыттардыы айанныаҕа. 1 мөлүйүөн солкуобай бириис пуондалаах фестиваль кыайыылааҕа сүрүн бирииһи - УАЗ массыынаны ылыаҕа. Фестиваль үөрүүлээх арыллыыта бэс ыйын 6 күнүгэр буолар. Ааспыт фестиваль 2022 сыллаахха Бүлүү куоракка ыытыллыбыта. Манна уопсайа 800 ыччат дьон кыттыыны ылбыта.

Бэс ыйын 7 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Оҕо искуссто оскуолатын дьиэтигэр ЗАГС - турук аакталарын толорор уорган үлэһиттэрин семинара ыытыллаары турар. Манна нэһилиэктэртэн бу үлэҕэ сыһыаннаах эппиэттээх специалистар быстах үөрэхтээһини ааһыахтара.

Бэс ыйын 7-9 күннэригэр Бүлүү бөлөх аҕам саастаах дьонун спартакиадата Үс Хоһуун стадиоҥҥа буолуоҕа. Уопсайа 176 кыттааччылаах спорт бырааһынньыгар улуус олохтоохторун көрө, ыалдьа кэлэргитигэр ыҥырабыт.

Бу нэдиэлэҕэ соцдесант Хоро нэһилиэгэр үлэлиэҕэ. Ол курдук, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта салайааччылаах десант бэс ыйын 5 күнүгэр өрүс уҥуор тахсыаҕа.

Байыаннай дьайыыга хантыраагынан сулууспаҕа ыҥыра олороллор. Үөһээ Бүлүү улууһуттан тылланан хантыраак баттаһан барар баҕалаахтар Үөһээ Бүлүү улууһун аатыттан барабын дииллэрин курдук өйдөтүү үлэтин ыытар тоҕоостооҕун бэлиэтээтилэр. Оччотугар улуус дьаһалтатын өттүттэн өйөбүл оҥоһулларыгар судургу буолуох тустаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ улуус аатыттан баҕа өттүнэн хантыраак баттаһан 16 уол баран турар.

Бэс ыйын 1 күнүгэр 5 киһи Бүлүү улууһугар, 16 киһи - ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ Сунтаарга ойуур баһаардарыгар үлэлээтилэр. Үөһээ Бүлүү сиригэр ойуур баһаара бэлиэтэммэт.

Бэс ыйын 22 күнүгэр диэри "Сад памяти" диэн акция ыытыллар. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 27 мөлүйүөн киһи сырдык тыына быстыбытын санаан, өйдөөн туран, дойду үрдүнэн 27 мөлүйүөн мас олордор акция Бүтүн Россия үрдүнэн бара турар. Олохтоохтору акцияҕа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥыраллар. Мас олордон, акцияҕа кыттыспыккытын туһунан хаартыскаҕа түһэн +79141060399 бу нүөмэргэ ыытан кэпсиэххитин сөп.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыахаһаайыстыбата

Нэһилиэнньэ сайаапкатынан куурусса кэлэн түҥэтилиннэ

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын тэрийиитинэн сыллата нэһилиэнньэттэн түргэнник ситэр дьиэ кыылларыгар сайаапка хомуллар. Быйыл эмиэ Дьокуускайдааҕы птицефабрика кууруссалара кэллилэр.

1200 төбө бэс ыйын 1 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгиттэн саҕалаан Үөһээ Бүлүүгэ диэри айаннаан кэлэн тарҕатылыннылар.

Өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр олохтоохторо Үөһээ Бүлүүгэ утары бэйэлэрэ киирэн ыллылар.

Сонуннарга анаан Айсена Тимофеева

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура министиэристибэтин кытта ВКС сибээс нөҥүө СССР норуодунай артыыһын Анегина Егоровна Ильина аатын сүгэр Нам нэһилиэгэр 150 миэстэлээх "Айымньы дьиэтин" тэриллээһинигэр, дизайн бырайыагыгар үбүлээһин туһунан сүбэ мунньахтаатыбыт.

Мунньахха кыттыыны ыллылар улуус баһылыгын экономикаҕа уонна финансаҕа солбуйааччыта Алексеева Саргылана Васильевна уонна Нам нэһилиэгин баһылыга Кардашевский Александр Иннокентьевич.

Мунньах түмүгэр үбүлээһини улуус бүдьүөтүттэн күһүҥҥэ диэри иэс Нам нэһилиэгэр биэрэр курдук быһаарыныы ыллыбыт.

Онон Анегина Ильина аатынан "Айымньы дьиэтин" ис тутулуга, киэргэлэ, дизайн бырайыага оҥоһуллан бу күһүн үлэҕэ киирэр буолла.

#Мунньах
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
#Табыс

⭐️ "Мин дойдум тэбэр сүрэҕэ буолабын"

Маннык түөһүгэр суруктаах аныгылыы көрүҥнээх биир халыыптаах таҥастары "Табыс" ыччат фестивалыгар кыттар ыччат хамаандатын делегаттарыгар туттардылар.

Бу этии Нам нэһилиэгин ыччата Малик Тойтонов тылларыгар суруллубут Өргүөт ыччата Юрий Гольдеров ыллыыр ырыатыттан ылыллыбыт.

Улуус баһылыга Валерий Николаев Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүк аатын көмүскүүр улахан эппиэтинэстээх күрэххэ ситиһиини, кыайыыны-хотууну баҕарда.

Дьиэ кэргэн, ыччат политикатын отделын салайааччыта Аина Кардашевская тэрийээччилэр ирдэбиллэрин, ойуурга, ууга сылдьыы бэрээдэгин билиһиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүү хамаандата бэс ыйын 5 күнүгэр Кэбээйи улууһугар айанныаҕа.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM