Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.88K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#кыайыыкүнэ

Улуу Кыайыы 79 сылын Т. И Петров аатынан Өргүөт орто оскуолата өрө күүрүүлээхтик көрүстэ. Оскуола библиотекара И.А.Иванова кинигэ быыстапкатын оҥордо, музейга сэрии ветераннарын хаартыската, суруктара, ахтыылара турдулар, кылаас салайааччылара былаан быһыытынан декада устата араас тэрээһиннэри ыыттылар: "Окна Победы" акциянан түннүктэри киэргэттилэр, оҕолор хос эһээлэрин туһунан өйтөн суруйан кылаас чаастарыгар кэпсээтилэр. 3-с кылаас салайааччыта А.А.Захарова Кыайыыга анаммыт ырыа хомуурунньугун, ырыа суруллубут историятын кэпсээтэ. Биһиги оскуолабыт тиэргэнэ - историческай миэстэ. Сэриигэ барааччылар Быракаантан, Туобуйаттан, Өргүөттэн түмүллэн барбыттар. Бугун 2 чаастан миитиннээтибит, ветеран учууталбыт Д.А.Абрахов ахтыы оҥордо, оҕолор хоһоон аахтылар, ырыа ыллаатылар, обелиск иннигэр венок уурдулар.

Өргүөттэн Лариса Николаева
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#УлууКыайыыкүнүнкөрсө

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов эдэр ыччаты кытары буойун спортсменнар Д.К.Докторов-Бычырдаан, В.И.Степанов-Буучугурас, А.П.Васильев-Мордьонноохоп мэҥэ таастарыгар сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар.

Киэн туттабыт, сүгүрүйэбит!

@uoheebuluu
#УлууКыайыыкүнүнкөрсө

Улуустааҕы норуот тыйаатырын артыыстара "Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат" тыйаатырдыы дьүһүйүүнү аһаҕас халлаан анныгар, Үс хоһууннарбыт мэҥэ таастарын иннигэр көрдөрдүлэр.

@uoheebuluu
#УлууКыайыыкүнүнкөрсө #Свечапамяти #Өйдөбүлтөлөнө

Бүтүн Россиятааҕы "Өйдөбүл төлөнө" аахсыйа төлөннөөх уоттаах факелы улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов тутан кэлэн чүмэчилэр уоттарын уматта.

Факелы байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, киэн туттар киһибит Михаил Ан күөрэччи тутан Кыайыы болуоссатыгар диэри хааман кэллэ. Кинилиин тэҥҥэ улуус баһылыгын солбуйааччылара Анна Уларова, Егор Иванов, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдэтэлэ Николай Николаев хаамтылар. Кэннилэриттэн сүүһүнэн ыччат, улахан дьон сэлэлии хааман кэллэ.

Кыайыы болуоссатыгар кэлэн эҕэрдэ тыллары эттилэр, история быыһын сэгэтэн ыччакка кэпсээтилэр. Оскуола оҕолоро хоһоон ааҕан иһитиннэрдилэр.

"Өйдөбүл төлөнө" аахсыйа кыттааччылара пааматынньыкка чүмэчилэри ууран эйэлээх олох иһин Кыайыыны уһансыбыт буойуннарга сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр.

@uoheebuluu