Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#дойдуахтылҕана

Ньурба интэринээт-дьиэтигэр олорор биир дойдулаахтарбыт нэһилиэктэрин дьаһалталарыттан, социальнай управлениеттан, аймах дьонноруттан кэһии тутан оҕолуу үөрдүлэр-көттүлэр.

@uoheebuluu
Бүгүн, муус устар 12 күнүгэр, дьарыктаах буолуу киинигэр Арассыыйа үрдүнэн буола турар үлэ дьаарбаҥкатын чэрчитинэн, үлэ миэстэтин дьаарбаҥката буолан ааста. Дьаарбаҥка5а улуустааҕы киин балыыһа, үөрэх управлениета, "Мои документы" тэрилтэ, улуустааҕы үп управлениета, нэһилиэк дьаһалтата уо.д.а. атын тэрилтэлэр
кыттан, барыта 116 үлэ миэстэтин болҕомтоҕо таһаардылар.
Маны таһынан үлэҕэ суоппардар, сезоннай үлэҕэ ойуур баһаарын умуруорааччылар уо.д.а. наадалар.
Дьаарбаҥка түмүгүнэн үлэ көрдөнөөччүлэр сүбэ-ама ыллылар, салгыы үлэлэһиэх буоллулар.

Николай Петров, улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта
#Поэзия
Бүгүн улуустааҕы модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэскэ кубулуйбут улуустааҕы "Поэзия миэхэ уһуктар..." 6-11 кылаас оҕолоругар литературнай, театрализованнай дьүһүйүү ыытылынна. Тэрээһин 11-с төгүлүн ыытыллар.

Түһүлгэҕэ Дүллүкү, Оҥхой, Тамалакаан, Ороһу, Кэнтик, итиэннэ лиссиэй-интэринээт, оҕо спортивнай оскуолатын талааннаах оҕолоро мустан, анаммыт күнү киэргэттилэр. Оҕолор бөлөҕүнэн аатырбыт бэйиэттэр айымньыларын, итиэннэ бэйэ айбыт хоһооннорун ааҕан, көрөөччүлэр хайҕабылларын ыллылар 🕊️

@ulusmedia
#Үбүлүөй

⭐️ Үгүс үөрэхтээх үлэһит дьон куорсун анньыммыт Бүөтүр Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолата үбүлүөйдээх 95 сылын бэлиэтиир дьоро тэрээһин саҕаланна.

Эҕэрдэ бастыҥын, маанытын улуус баһылыга Валерий Николаев, улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, Ороһу нэһилиэгин баһылыга Анатолий Антонов, Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриев эттилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM