Бүгүн В.А.Петрова аатынан Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон интэринээт-дьиэтигэр биир дойдулаахтарбытын кытары көрсө кэллибит.
Көрсүһүүгэ улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Анна Уларова, социальнай управление салайааччыта Екатерина Николаева, ырыаһыттар Тамара Саввинова, Айан Саввинов, "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыттан Мария Васильева кытталлар.
Биир дойдулаахтарбыт үөрэ-көтө көрүстүлэр. Билиҥҥи туругунан, Үөһээ Бүлүүттэн интэринээт дьиэҕэ 15 киһи олорор. Кинилэргэ кинигэ, «Үөһээ Бүлүү" хаһыат кэһиилэрин Анна Михайловна туттартаата.
Бу туһунан сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
@uoheebuluu

#дойдуахтылҕана
Ньурба интэринээт-дьиэтигэр олорор биир дойдулаахтарбыт нэһилиэктэрин дьаһалталарыттан, социальнай управлениеттан, аймах дьонноруттан кэһии тутан оҕолуу үөрдүлэр-көттүлэр.

Бүгүн, муус устар 12 күнүгэр, дьарыктаах буолуу киинигэр Арассыыйа үрдүнэн буола турар үлэ дьаарбаҥкатын чэрчитинэн, үлэ миэстэтин дьаарбаҥката буолан ааста. Дьаарбаҥка5а улуустааҕы киин балыыһа, үөрэх управлениета, "Мои документы" тэрилтэ, улуустааҕы үп управлениета, нэһилиэк дьаһалтата уо.д.а. атын тэрилтэлэр
кыттан, барыта 116 үлэ миэстэтин болҕомтоҕо таһаардылар.
Маны таһынан үлэҕэ суоппардар, сезоннай үлэҕэ ойуур баһаарын умуруорааччылар уо.д.а. наадалар.
Дьаарбаҥка түмүгүнэн үлэ көрдөнөөччүлэр сүбэ-ама ыллылар, салгыы үлэлэһиэх буоллулар.
Николай Петров, улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта

#Поэзия
Бүгүн улуустааҕы модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэскэ кубулуйбут улуустааҕы "Поэзия миэхэ уһуктар..." 6-11 кылаас оҕолоругар литературнай, театрализованнай дьүһүйүү ыытылынна. Тэрээһин 11-с төгүлүн ыытыллар.
Түһүлгэҕэ Дүллүкү, Оҥхой, Тамалакаан, Ороһу, Кэнтик, итиэннэ лиссиэй-интэринээт, оҕо спортивнай оскуолатын талааннаах оҕолоро мустан, анаммыт күнү киэргэттилэр. Оҕолор бөлөҕүнэн аатырбыт бэйиэттэр айымньыларын, итиэннэ бэйэ айбыт хоһооннорун ааҕан, көрөөччүлэр хайҕабылларын ыллылар 🕊️
@ulusmedia