Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Дьокуускай куоракка Үөһээ Бүлүүтээҕи “Тускул” оҕо сайдар киинин аһаҕас методическэй күнэ!

Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар анаан муус устар 8 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи “Тускул” оҕо сайдар киинин аһаҕас методичэскэй күнэ С.Н.Донской аатынан үөрэх уонна квалификацияны үрдэтии институтугар ыытылынна. Бүгүн педагогтарбыт араас маастар кылаастары көрдөрөн бэйэлэрин уопуттарын тарҕаттылар.
459 путевок во Всероссийские детские центры выделили для детей, получивших наибольший балл за свои достижения в области творчества, искусства, спорта, детского движения, победители республиканских мероприятий, олимпиад, конкурсов и фестивалей.
Бүгүн, муус устар 9 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи Тускул оҕо айымньытын киинэ, улуустаҕы “Сомоҕо” оҕо хамсааһына, Исидор Никифорович Барахов аатынан Саха өрөспүүбүлүкэтин государственноһын музейа, Саха өреспүүбүлүкэтин оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа, Семен Николаевич Донской-II аатынан үөрэх уонна квалификацияны үрдэтэр институту кытары кыттыһан Саха автономиятын төрүттээччи Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах IV-өрөспүүбүлүкэтээҕи «БАСХАН – 2024» дьыалабыай оонньуу (куонкурус) саҕаланна. Куонкурус икки күн ыытыллар.

Быйылгы күрэххэ 15 уол Саха Сирин араас улуустарыттан кыттыыны ыла кэллилэр. Бүгүн, күрэх маҥнайгы күнүгэр, уолаттар 3 түһүмэҕи ааһыахтара, ол эбэтэр – “Удьуор утума”, “Өркөн өй” уонна “Дойду салайааччылара мин харахпынан”. Уолаттарга ситиһиини баҕарыаххайыҥ!
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын салайааччылара сотору кэминэн анал байыаннай дьайыы сиригэр биир дойдулаахтарбытын кытта көрсө барыахтара.

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Валерьевич Николаев сорудаҕынан нэһилиэктэртэн, тэрилтэлэртэн уолаттарбытыгар анаммыт гуманитарнай көмө хомулунна.

Улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров гуманитарнай көмөнү Дьокуускай куоракка илдьэн, салҕыы баһыылкалары анал байыаннай дьайыы сиригэр ыытта

Гуманитарнай көмөнү хомуйбут дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит!

#СВО
#ГуманитарнаяПосылка
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Чэпчэтиилээх сурутууну куоттарымаҥ! https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976 бу аадырыһынан киирэн «Үөһээ Бүлүү» улуус хаһыатыгар онлайн сурутаргытыгар ыҥырабыт!
@uoheebuluu
В «Алмазы Анабара» в связи с началом промышленного сезона требуются:

1. автоэлектрик (160-210 т. руб. на руки в месяц);
2. агрегатчик (160-210 т. руб. на руки в месяц);
3. моторист (160-210 т. руб. на руки в месяц);
4. гидравлист (160-210 т. руб. на руки в месяц);
5. слесарь по топливной аппаратуре (160-210 т. руб. на руки в месяц);
6. слесарь по ремонту дорожно-строительных машин, тракторов (160-210 т. руб. на руки в месяц);
7. токарь (160-210 т. руб. на руки в месяц);
8. водитель а/м КамАЗ и Урал (категории C,D,E + ДОПОГ) (170-225 т. руб. на руки в месяц);
9. водитель а/м КамАЗ ПАРМ (185-235 т. руб. на руки в месяц);
10. машинист автомобильного крана (170-250 т. руб. на руки в месяц);
11. электрогазосварщик с аттестацией НАКС (СК, гдо, нгдо) (175-260 т. руб. на руки в месяц);
12. повар (145-165 т. руб. на руки в месяц);
13. специалист по санитарной гигиене (фельдшер) (125-200 т. руб. на руки в месяц);
14. мастер (горный инженер) (165-200 т. руб. на руки в месяц);
15. машинист бульдозера 8 разряда (175-230 т. руб. на руки в месяц);
16. водитель карьерного самосвала БелАЗ 30-50 тонн. (175-225 т. руб. на руки в месяц);
17. машинист автогрейдера (170-220 т. руб. на руки в месяц);
18. слесарь контрольно-измерительных приборов и автоматики (160-210 т. руб. на руки в месяц);
19. энергетик (160-210 т. руб. на руки в месяц);
20. электрослесарь (160-210 т. руб. на руки в месяц);
21. инженер-теплотехник (160-210 т. руб. на руки в месяц);
22. инженер (технолог) по обслуживанию канализационных очистных и водоочистных сооружений (160-210 т. руб. на руки в месяц);
23. механик, механик по планированию (180-250 т. руб. на руки в месяц);
24. кузнец (от 160 т. руб. на руки в месяц).

Гарантируем:
• проезд к месту работы и обратно к месту жительства для иногородних;
• компенсацию за неиспользованные дни отпуска;
• доплату северных надбавок до 80%.

Обращаться:
📞+7(411) 249-63-10
📞+7 (411) 249-63-30
WhatsApp +7 (924) 160-60-11
Резюме на e-mail:
📩 [email protected]

#АЛРОСА_Присоединяйся
В Якутии свыше 118,7 тысяч билетов приобрели по «Пушкинской карте» в 2023 году. Учреждения культуры Якутии реализовали свыше 187,7 тыс. билетов за все время действия программы «Пушкинская карта», в том числе в 2023 году 118,7 тысяч билетов.

Количество мероприятий для держателей карты увеличилось с 2,97 тыс. в 2022 году до 4,95 тыс. мероприятий за 2023 год. Подробнее ▶️▶️▶️ https://верхневилюйск-газета.рф/v-yakutii-svyshe-1187-tysyach-biletov-priobreli-po-pushkinskoj-karte-v-2023-godu/
Бүгүн биир үөлээннээҕим, Ньурба улууһун Аҕа Баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев Дьокуускай куоракка үлэ сырыытынан айаннаан иһэн Үөһээ Бүлүүгэ ыалдьыттаата.

Алексей Михайловиһы кытта Бүлүү эҥээр сытар улуустар түмсүүлээхтик, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһөн, өйөһөн, уопут атастаһан биир тэҥник сайдарга үлэлиэҕиҥ диэн сүбэлэҥи кэпсэттибит.

Алексей Михайловичка үлэтин сырыытыгар ситиһиилэри баҕарабын.

#Ньурба
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй
Тапталлаах "Аленушка" оҕо уһуйааммытын 3️⃣5️⃣ сыллаах үбүлүөйгүнэн өссө төгүл ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит📹

@ulusmedia
#дьаарбаҥка

Муус устар 12 күнүгэр "Работа России" дьиэтигэр Бүтүн Россиятааҕы үлэ дьаарбаҥката ыытыллыаҕа.

Үлэ көрдөнөр дьон, кылгас үөрэхтээһини ааһыан баҕалаахтар үлэ дьаарбаҥкатыгар көхтөөх кыттыыны ылыҥ👍

Куйаар код нөҥүө киирэн бэлиэтэниҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
«ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ» ХАҺЫАТ
БИРИИҺИГЭР ЧЭПЧЭКИ АТЛЕТИКАҔА
ЭСТАФЕТА БАЛАҺЫАННЬАТА

(күрэхтэһии нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы
Спартакиадаҕа киирэр)

Сыала-соруга:
- чөл олоҕу пропагандалааһын;
- чэпчэки атлетиканы сайыннарыы;
- спортивнай маастарыстыбаны сайыннарыы;
- күүстээх спортсменнары булуу;
- үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну иитии.

Буолар сирэ уонна бириэмэтэ:
- Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ, муус устар 13 күнэ, 2024 сыл;
- 9 ч. - 10 ч. 30 мүн. - улуус дьаһалтатын таас дьиэтигэр мандатнай хамыыһыйа үлэлиир;
- 10:30 мүн. эстафетаны үөрүүлээхтик арыйыы;
- 10:50 мүн. хамаандалар эстафета этаптарынан тарҕанан туруулара;
- 11:00 ч. старт
- 13:00 ч. түмүктүүр парад
Эстафета 3 бөлөҕүнэн ыытыллар:
- 1 бөлөх - сүрүн оскуолалар;
- 2 бөлөх - орто оскуолалар;
- 3 бөлөх - нэһилиэктэр уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум;
1-кы бөлөххө хамаанда састааба 4 уол уонна 4 кыыс.
2 - 3 бөлөхтөргө 4 эр киһи (уол) уонна 4 дьахтар (кыыс).
Аан бастакынан сүрүн, иккиһинэн орто оскуолалар, үсүһүнэн улахан дьон хамаан­далара стартыыллар. Кыайыылаахтар үс бөлөҕүнэн быһаарыллаллар.
Бастакы бөлөххө эстафета этаптара:
1 этап - 300 м (уолаттар), 2 этап - 300 м. (кыргыттар), 3 этап - 800 м (уолаттар), 4 этап - 400 м (кыргыттар), 5 этап - 300 м (уолаттар), 6 этап - 200 м (кыргыттар), 7 этап - 300 м (уолаттар), финиш - 8 этап - 200 (кыргыттар). Дистанция уопсай уһуна 2 км. 800 м.
Иккис уонна үһүс бөлөххө эстафета этаптара:
1 этап - 300 м. (икки бөлөххө уолаттар, үһүс бөлөххө 1984 сыллаҕы төрүөх уонна онтон аҕа саастаах эр дьон), 2 этап - 300 м. (дьахталлар), 3 этап - 800 м. (эр дьон), 4 этап - 400 м (дьахталлар), 5 этап - 300 м (эр дьон), 6 этап - 200 м (дьахталлар), 7 этап - 300 м (эр дьон), 8 этап - 200 м (дьахталлар). Дистанция уопсай уһуна 2 км 800 м.
Бастакы этаптарга бастаабыт кыттааччыларга үөрэх, спорт управлениетын, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат эрэдээксийэтин өйдөбүнньүк бэлэхтэрэ туттарыллыахтара.

Хос быһаарыы: Хамаандалар эстафетаҕа маннык нүөмэрдэринэн кытталлар:
Орто уонна сүрүн оскуолалар:
- И.Н.Барахов аатынан 1 №-дээх орто оскуола - 1;
- М.Т.Егоров аатынан 2 №-дээх орто оскуола - 2;
- Ю.Н.Прокопьев аатынан 3 №-дээх орто оскуола - 3;
-М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи республикатааҕы лицей-интернат - 4;
- Д.С.Спиридонов аатынан 4 №-дээх орто оскуола - 25;
- Нам - 5; Хоро - 6; Боотулуу - 7; Далыр - 8; Ороһу - 9; Дүллүкү - 10; Өргүөт - 11; Кэнтик - 12; Мэйик - 13; Маҥаас - 14; Оҥхой - 15; Кырыкый - 16; Сургуулук - 17; Тамалакаан - 18; Туобуйа - 19; Харбалаах - 20; Балаҕаннаах - 21; Быракаан - 22.
Нэһилиэктэр: Үөһээ Бүлүү - 1; Үөдүгэй - 3; Нам - 5; Хоро - 6; Боотулуу - 7; Далыр - 8; Ороһу - 9; Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум - 10; Өргүөт - 11; Дүллүкү - 12; Кэнтик - 13; Мэйик - 14; Маҥаас - 15; Оҥхой - 16; Кырыкый - 17; Сургуулук - 18; Тамалакаан - 19; Туобуйа - 20; Харбалаах - 21; Быракаан - 22; Балаҕаннаах - 23; Хомустаах - 24.

Кыттааччыларга сүрүн ирдэбиллэр:
Кыттааччы кыттар нэһилиэгэр төрөөбүт буолуохтаах;
Ол эбэтэр кыттар нэһилиэгэр пропискалаах, эбэтэр кыттар нэһилиэгэр үлэлиир буолуохтаах.
Наҕараадалааһын:
Күрэхтэһиини үбүлээн ыыталлар: «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакцията, спорт управлениета, оҕо спортивнай оскуолата, үөрэх управлениета уонна улуус дьаһалтата.
Түөскэ иилинэр нүөмэр таҥас кээмэйэ 20х15 см (үөһээ өттүгэр хамаанда аата, ортотугар нүөмэрэ суруллар).
Хамаандалар биир дьүһүннээх таҥаһынан кэлэллэрэ булгуччу ирдэнэр!

Билсэр төлөпүөннэргит нүөмэрэ: 89142766858 Кристина Афанасьевна Семенова, хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, 89644271694 Егор Алексеевич Николаев, физическэй култуура уонна спорт управлениетын салайааччыта.

Сыллата ыытыллар сааскы эстафетаҕа көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт!

Тэрийэр хамыыһыйа
Күрэх сүрүн түһүмэхтэрэ бүттэ. Сарсын уйан-хатан биллэр -мөккүөр уонна айыы умсулҕана буолар. Уолаттар устуоруйа диэн үөрэх биридимиэтин үөрэтиигэ болҕомтолорун уураллара көһүннэ.👍
Басхан уолаттар сахалыы санааны илдьэ сылдьар куттаах-сүрдээх ЫЧЧАТТАР буола үүнэн иһэллэрин бүгүн көрөн үөрдүбүт!