Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үбүлүөйдээх "Аленушка" уһуйааны улуус дьаһалтатыттан дьыалалары дьаһайар салаа сүрүн специалиһа Евгений Николаев эҕэрдэлии кэллэ.

Улуус баһылыга Валерий Николаев илии баттааһыннаах Бочуот грамотатын Раиса Павлова ытыс дохсун тыаһыгар туттарда.

Улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев илии баттааһыннаах Бочуот грамотатын уһуйаан үлэһитигэр Ньургуйаана Тимофееваҕа уонна оҕолору минньигэс аһынан күндүлүүр асчыт идэлээх Валентина Федороваҕа туттарда.

Марианна Хобусарова бэйэтин ырыатын бэлэх уунан манна мустубут ыалдьыттары сэргэхситтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үөһээ Бүлүү олохтоохторо Туйаара, Николай Тарагаевтар дьиэ кэргэн 2011 сыллаахха, үгүс оҕо уһуйаанынан хабыллыбакка олорор кэмнэригэр "Аленушка" оҕо сайдар киинин иһинэн 10 оҕолоох дьиэ кэргэн бөлөҕүн тэрийэн үлэлэппиттэрэ. Бу уопуттара өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ сэҥээриини ылбыта.

Бу күн бииргэ үлэлэспит уһуйааннарын үлэһиттэрин эҕэрдэлии, үлэлээбит кэмнэрин ахта-саныы кэллилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Леонид Огочонов кырачааннар бөлөхтөрүн иитээччитигэр Долгуяна Ивановаҕа, бэлэмнэнии бөлөҕүн иитээччитигэр Арианна Афанасьеваҕа сыралаах үлэлэрин бэлиэтээн туран Бочуот грамотатын туттарда.

Үөрэх үлэһиттэрин идэлээх Сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Леонид Лазарев уһуйаан физкультураҕа инструкторыгар Алена Сергееваҕа, улахан бөлөз иитээччитигэр Надежда Степановаҕа, иитээччи көмөлөһөөччүтүгэр Любовь Ивановаҕа өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Грамотанан бэлиэтээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
«ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ» ХАҺЫАТ
БИРИИҺИГЭР ЧЭПЧЭКИ АТЛЕТИКАҔА
ЭСТАФЕТА БАЛАҺЫАННЬАТА

(күрэхтэһии нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы
Спартакиадаҕа киирэр)

Сыала-соруга:
- чөл олоҕу пропагандалааһын;
- чэпчэки атлетиканы сайыннарыы;
- спортивнай маастарыстыбаны сайыннарыы;
- күүстээх спортсменнары булуу;
- үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну иитии.

Буолар сирэ уонна бириэмэтэ:
- Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ, муус устар 13 күнэ, 2024 сыл;
- 9 ч. - 10 ч. 30 мүн. - улуус дьаһалтатын таас дьиэтигэр мандатнай хамыыһыйа үлэлиир;
- 10:30 мүн. эстафетаны үөрүүлээхтик арыйыы;
- 10:50 мүн. хамаандалар эстафета этаптарынан тарҕанан туруулара;
- 11:00 ч. старт
- 13:00 ч. түмүктүүр парад
Эстафета 3 бөлөҕүнэн ыытыллар:
- 1 бөлөх - сүрүн оскуолалар;
- 2 бөлөх - орто оскуолалар;
- 3 бөлөх - нэһилиэктэр уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум;
1-кы бөлөххө хамаанда састааба 4 уол уонна 4 кыыс.
2 - 3 бөлөхтөргө 4 эр киһи (уол) уонна 4 дьахтар (кыыс).
Аан бастакынан сүрүн, иккиһинэн орто оскуолалар, үсүһүнэн улахан дьон хамаан­далара стартыыллар. Кыайыылаахтар үс бөлөҕүнэн быһаарыллаллар.
Бастакы бөлөххө эстафета этаптара:
1 этап - 300 м (уолаттар), 2 этап - 300 м. (кыргыттар), 3 этап - 800 м (уолаттар), 4 этап - 400 м (кыргыттар), 5 этап - 300 м (уолаттар), 6 этап - 200 м (кыргыттар), 7 этап - 300 м (уолаттар), финиш - 8 этап - 200 (кыргыттар). Дистанция уопсай уһуна 2 км. 800 м.
Иккис уонна үһүс бөлөххө эстафета этаптара:
1 этап - 300 м. (икки бөлөххө уолаттар, үһүс бөлөххө 1984 сыллаҕы төрүөх уонна онтон аҕа саастаах эр дьон), 2 этап - 300 м. (дьахталлар), 3 этап - 800 м. (эр дьон), 4 этап - 400 м (дьахталлар), 5 этап - 300 м (эр дьон), 6 этап - 200 м (дьахталлар), 7 этап - 300 м (эр дьон), 8 этап - 200 м (дьахталлар). Дистанция уопсай уһуна 2 км 800 м.
Бастакы этаптарга бастаабыт кыттааччыларга үөрэх, спорт управлениетын, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат эрэдээксийэтин өйдөбүнньүк бэлэхтэрэ туттарыллыахтара.

Хос быһаарыы: Хамаандалар эстафетаҕа маннык нүөмэрдэринэн кытталлар:
Орто уонна сүрүн оскуолалар:
- И.Н.Барахов аатынан 1 №-дээх орто оскуола - 1;
- М.Т.Егоров аатынан 2 №-дээх орто оскуола - 2;
- Ю.Н.Прокопьев аатынан 3 №-дээх орто оскуола - 3;
-М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи республикатааҕы лицей-интернат - 4;
- Д.С.Спиридонов аатынан 4 №-дээх орто оскуола - 25;
- Нам - 5; Хоро - 6; Боотулуу - 7; Далыр - 8; Ороһу - 9; Дүллүкү - 10; Өргүөт - 11; Кэнтик - 12; Мэйик - 13; Маҥаас - 14; Оҥхой - 15; Кырыкый - 16; Сургуулук - 17; Тамалакаан - 18; Туобуйа - 19; Харбалаах - 20; Балаҕаннаах - 21; Быракаан - 22.
Нэһилиэктэр: Үөһээ Бүлүү - 1; Үөдүгэй - 3; Нам - 5; Хоро - 6; Боотулуу - 7; Далыр - 8; Ороһу - 9; Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум - 10; Өргүөт - 11; Дүллүкү - 12; Кэнтик - 13; Мэйик - 14; Маҥаас - 15; Оҥхой - 16; Кырыкый - 17; Сургуулук - 18; Тамалакаан - 19; Туобуйа - 20; Харбалаах - 21; Быракаан - 22; Балаҕаннаах - 23; Хомустаах - 24.

Кыттааччыларга сүрүн ирдэбиллэр:
Кыттааччы кыттар нэһилиэгэр төрөөбүт буолуохтаах;
Ол эбэтэр кыттар нэһилиэгэр пропискалаах, эбэтэр кыттар нэһилиэгэр үлэлиир буолуохтаах.
Наҕараадалааһын:
Күрэхтэһиини үбүлээн ыыталлар: «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакцията, спорт управлениета, оҕо спортивнай оскуолата, үөрэх управлениета уонна улуус дьаһалтата.
Түөскэ иилинэр нүөмэр таҥас кээмэйэ 20х15 см (үөһээ өттүгэр хамаанда аата, ортотугар нүөмэрэ суруллар).
Хамаандалар биир дьүһүннээх таҥаһынан кэлэллэрэ булгуччу ирдэнэр!

Билсэр төлөпүөннэргит нүөмэрэ: 89142766858 Кристина Афанасьевна Семенова, хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, 89644271694 Егор Алексеевич Николаев, физическэй култуура уонна спорт управлениетын салайааччыта.

Сыллата ыытыллар сааскы эстафетаҕа көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт!

Тэрийэр хамыыһыйа
#СВО
Глава Якутии Айсен Николаев в ходе очередной рабочей поездки в зону спецоперации встретился с военнослужащими из республики.

Подробнее ▶️▶️▶️ https://верхневилюйск-газета.рф/ajsen-nikolaev-vstretilsya-v-zone-svo-s-voennosluzhashhimi-iz-yakutii/
2014 сыл муус устар ый 14 күнүгэр бигэргэммит «О создании классов по гендерному образованию в Верхневилюйском улусе в условиях модернизации российского образования» Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай оройуон дьаһалтатын 291-р нүөмэрдээх Дьаһалын күүһэ суох ааҕар Дьаһалы бигэргэттим.

#Дьаһал
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev