Билиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ төрдүн-ууһун ордук дириҥник хасыһан үөрэтэргэ дьулуһар.
Ол курдук, хас биирдии ыал, аймах аҕа, ийэ уустарын төһө кыалларынан төрдүгэр тиийэ билэрэ хайҕаллаах, инникигэ сүдү суолталаах бэлэҕинэн буолар. Бу күн саха балаҕанын эркиннэригэр араас ыаллар, аҕа уустара бэйэлэрин төрүччүлэрин оҥорбуттарын көрөөччү сыанабылыгар, толкуйугар таһаардылар. Быыстапканы улуустааҕы устуоруйа уонна этнография түмэлэ туруорда.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

#тэрээһин
Эбэҥки поэта, худуоһунньук Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сылынан, кини аатын үйэтитэр тэрээһиниттэн түгэннэр.
Кини оҕолоро, аймахтара аҕаларын, убайдарын үтүө аатын билиһиннэрэ, айар үлэтин кэпсии-сэргии улуустарынан сылдьан билиһиннэрэллэр эбит. Поэт дойдутугар түмэл үлэлэтэллэр.
Дмитрий Нестерович айар үлэтэ Үөһээ Бүлүүттэн саҕаламмыта. Манна , Мэйиккэ олорор сылларыгар, биллиилээх суруйааччылары кытары билсэн, бииргэ алтыһан доҕордоспута. Кини ордук айылҕа, дьиэ кэргэн туһунан хоһооннору айар эбит. Хас биирдии үөрүүлээх түгэннэрин, ыал буолбутун, оҕоломмутун о.д.а хоһооҥҥо хоһуйан хаалларара. Хомойуох иһин, эдэр сааһыгар олохтон туораабыта, өссө да элбэҕи айыа-тутуо этэ диэн тэрээһин кыттааччылара бэлиэтииллэр.
@uoheebuluu

Кыырт Далын улахан балаҕаныгар ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ "Дьиэ кэргэн дьаралыга" оҕолорго дьаралык уруһуйугар күрэх түмүгүн иһитиннэрдилэр.
Күрэх дьүүллүүр сүбэтин сыанабылыгар балай эмэ элбэх үлэ киирбититтэн 3-с миэстэни И. Барахов аатынан орто оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Спиридонов Богдан, 2-с миэстэни Мэйик оскуолатын 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ Иванов Мичил (сал. Варвара Потапова) уонна бастакы бочуоттаах миэстэни Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн Огочоновтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар.
Кинилэргэ сыаналаах бэлэхтэр, добун суруктар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылыннылар.

"Төрүччү үөрэҕэ - төрүт билии" көрсүһүүгэ төрүччүнү компьютернай программаҕа киллэрии, куйаар ситиминэн национальнай архыыпка үлэлииргэ үөрэтии туһунан Нам нэһилиэгин библиотекатын сэбиэдиссэйэ Уруйдаана Саввинова олус интэриэһинэйдик кэпсээтэ, сиһилии быһааран биэрдэ.
Салгыы Афанасий Федотов "Марсаха аҕа ууһа", А. Алексеев "Баһаарыннар аҕа ууһа" төрүччүлэри билиһиннэрдилэр, төрүччүнү оҥорорго хайдах үлэлииргэ сүбэлээтилэр.
Улуустааҕы "Ийэ тыл" Сүбэ салайааччыта Бурхалей Макаров төрүччү суолтатын туһунан сиһилии билиһиннэрдэ.

СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, элбэх грант хаһаайына, саҥаны, кэскиллээҕи киллэрсибит Семен Иванович Барчахов сырдык кэриэһигэр иккис төгүлүн буолар "Сааскы ат күрэҕэ" Тамалакаан нэһилиэгэр бүгүн буолла.
800 м, 1300 м, 1600 м, 3200 м уонна 3200 м чиптээхтэргэ кыайыылаах хамаандалары быһаардылар. Сэрэбиэй түмүгүнэн чөмпүйүөн хамаанданан Ороһу ааттанна, убаһанан наҕараадаланна👍

#күрэхтэһии
Үс Хоһууҥҥа көрбөттөр уопсастыбалара эрэгийиэннээҕи культурнай, спортивнай бэстибээл түгэннэриттэн.
Голбол, дартс, дуобат, квиксо, катамино, "что, где, когда?" көрүҥнэргэ спортсменнар күөн көрүстүлэр👏