#эйгэ #тэрээһин
⭐️ "Эйгэ" тэрилтэ үлэһиттэрэ сонун көрсүһүүнү тэрийдилэр
Бүгүн, олунньу 24 күнүгэр, "Работа России" дьиэтигэр СӨ култууратын туйгуна, "Култуура сайдыытыгар үтүөлэрин иһин" бэлиэ хаһаайката, Үөһээ Бүлүү култууратын бочуоттаах үлэһитэ, Боотулуу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Аграфена Долгунова - Далбарай Айыыһыт сылынан эҕэрдэлээн, сайыны санаан, сибэкки, эмтээх от араас чэйдэрин кистэлэҥнэрин арыйда.
Киһи доруобуйатыгар туһалаах үүнээйилэр хаһан, хайдах хомуллалларын, ханнык ыарыыларга туттуллалларын сиһилии кэпсээтэ.
Эмтээх оту сэҥээрээччилэр мустан чэй арааһын амсайан, сүбэ-ама ылан тарҕастылар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн, Олоҥхо дьиэтигэр, "Сделано в Верхневилюйске" быыстапка -дьаарбаҥка киэһэ 18:00 ч. диэри буола турар.
Сарсыардаттан атыы-эргиэн ньиргиччи тардылына, бурдук астарыттан саҕалаан илиинэн оҥоһуктар хамаҕатык атыыланнылар. Маастардар дьэрэкээн фотозона туруордулар, ким баҕалаах кэлэн хаартыскаҕа түстэ. Ону тэҥэ, Бүлүүттэн Орлосовтар дьиэ кэргэттэрэ бэйэ мүөтүн, мүөттэн доруобуйаҕа туһалаах маастары, чэйдэри атыылаан дьон-сэргэ хайҕабылын ыллылар.
"Сделано в Верхневилюйске" бэйэ дьыалалаах маастардарбыт түмсэн бииргэ үлэлээбиттэрэ кулун тутар 7 күнүгэр сыллара буолар. Инники былааннарыгар улуус нэһилиэктэрин кэрийэн уопут атастаһар, атыы дьаарбаҥкатын тэрийэр, маастар-кылаастары көрдөрөр баҕалаахтар.
@uoheebuluu

Forwarded from Саха сирэ/ЭС
Сандал сааһы көрсө Дьокуускайдааҕы »Смарт» бибилэтиэкэҕэ маастар Хаарчаана Баппаҕай уонна кини үөрэнээччилэрин куукулаларын быыстапката аһылынна.
Хаарчаана оҕолонон олорон, тоҕус сыллааҕыта аан бастаан куукула оҥорон саҕалаабыт. Кини сурунаалга аан дойдуга аатырбыт маастар туһунан ааҕан, оҥоһуктарын көрөн баран, бэйэтэ куукула оҥоруон олус баҕаран кэлбит.
@edersaas20
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
13 МАРТА | 18:30
КЦ СЕРГЕЛЯХСКИЕ ОГНИ
«ДОЙДУ АХТЫЛҔАНА»
Күндү Дьоллоох Дьокуускай олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт!
Эһигини кулун тутар 13 күнүгэр, киэһэ 18.30 чаастан Өргүөт нэһилиэгин 385 сылыгар, Өргүөт совхоз тэриллибитэ 40 сылларыгар аналлаах «ДОЙДУ АХТЫЛҔАНА» ӨРГҮӨТ, БЫРАКААН, ТУОБУЙА нэһилиэктэрин талба талааннаах, ылбаҕай ырыалаах, оһуор -бичик үҥкүүлээх кэнсиэригэр ыҥырабыт!
Үс нэһилиэк чаҕылхай сулустарын кэнсиэрин мүлчү тутумаҥ!
Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэргэх тэрээһиҥҥэ мааны ыалдьыт буолуҥ!
БИЛЕТЫ В КАССАХ:
• Театра оперы и балета
• ДДН им. А.Е.Кулаковского
• Кинотеатра "Центральный"
ПРОДАЖА ONLINE: sakhaconcert.ru
СПРАВКИ: 733-664
12+
ПРЯМАЯ ССЫЛКА НА ПРОДАЖУ НИЖЕ
https://widget.afisha.yandex.ru/w/sessions/NTAzOTR8NTAxOTg3fDM4OTEzMjZ8MTcxMDMyMjIwMDAwMA==?clientKey=41418b8c-2c48-4932-8e70-dc0128c6b7c2

#ыччат #дүллүкү
⭐️ Кулун тутар 2 күнүгэр сааскы күммүт улууспут эдэр ыччатын сылааһынан сыламныы көрүстэ.
Дүллүкү нэһилиэгэр Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх устудьуоннар «Ураан» түмсүүлэрин салайааччыта Уйгулаана Гаврильева "Движение Путина" волонтер бырагырааматынан ыалдьыттаата. Кинилэри кытта Дүллүкү нэһилиэгин эдэр ыччатын Сүбэтэ көрсөн, билсэн, эрдэ киирбит сайаапканан нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын төрөппүт оҕотун дьиэ кэргэнигэр күүс-көмө буолан хаар күрдьүүтүн, таһыытын үлэтигэр сырыттылар.
Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрүстүлэр, идэни талыыга көхтөөх кэпсэтиини ыыттылар.
Тыа сиригэр үлэ күөстүү оргуйда, оҕолор үөрэн-көтөн, мичилиһэн, сорунан кэлбит үлэлэрин үмүрүттүлэр. Эдэр ыччаттарга олохтоохтор истиҥ махталларын тиэртилэр, итии чэйинэн, сылаас алаадьынан күндүлээтилэр. Салгыы атын нэһилиэктэргэ айаннарын туттулар.
Дүллүкү нэһилиэгин эдэр ыччатын Сүбэтэ эдэр ыччаты куруук олоххо көхтөөх буоларга ыҥырар.
Дүллүкү эдэр ыччатын Сүбэтэ

#выставка
⭐️ 2 марта в доме Олонхо для населения Верхневилюйского улуса прошла выставка-ярмарка товаров местных производителей «Сделано в Верхневилюйске», посвященная празднованию Международного женского дня.
В выставке-ярмарке приняли участие местные товаропроизводители. Все желающие смогли здесь не только попробовать, но и приобрести самую разнообразную продукцию: кондитерские и мучные, изделия ,текстиль, продукты пчеловодства «Чинэкинский 🍯 , натуральное 🧼 , свечи , свежие соты, изделия из экспосидной смолы, гипса, дерева, вязаные игрушки и многое другое.
Широко была представлена и оригинальная сувенирная продукция (новинки).
Такие мероприятия помогают покупателям, оценить качество местной продукции, а производителям продемонстрировать не только традиционный ассортимент, но и познакомиться с новинками.
В сложившейся мировой экономической ситуации нам необходимо поддерживать наш местный бренд, ведь каждое изделие уникально и в нем заложена частичка нашей родины.
Организаторы ярмарки: «Центр « Мой бизнес» и Администрация «МР Верхневилюйский улус( район)».
P.s: 7 марта ждите нас в с.Дюллюкю, будет выставка-ярмарка и мастер-классы👍