Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Лазарь Степанович бырааттыы Боескоровтар ааттарынан Сургуулук орто оскуолатын кэлэктиибин, оҕолору кытары көрүстэ.

Бу кэпсэтиигэ кини оҕо инники идэтин баҕаран туран сөпкө таба тайанан таллаҕына, баһылаатаҕына, соҕотох да киһи улахан хамсааһыны таһаарар улахан күүс буоларын, норуотугар элбэх туһаны аҕаларын туһунан чопчу бэлиэтээн эттэ.

Ону тэҥэ киһи сайдарыгар, саҥаны саҕалыырыгар хаһан да хойут буолбат. Киһи баарын тухары дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар туһаны аҕала, саҥаны айа - тута, чинчийэ, сайда сылдьыахтаах диэтэ.
Оҕолор бу көрсүһүүттэн элбэҕи ылыммыт буолуохтаахтар.

Салгыы Сургуулуктааҕы модельнай бибилэтиэкэҕэ үбүлүөйдээх үтүө - мааны киһибит кинигэтин быыстапката тардылынна, нэһилиэнньэни кытары истиҥ-иһирэх кэпсэтии саҕаланна 👍👍👍

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#ийэтыл #олоҥхо

Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола 2 "б" кылааһын үөрэнээччилэрэ Валентина Владимировна Семенова суруйбут « Куоппат - куойбат, куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр бухатыыр» олоҥхотун Кыырт Дала улахан балаҕаныгар сахалыы тыыны иҥэринэн, арчыланан, алгыстаах алаадьыны айах тутан, кыынньа сылдьар кымыс иһэн, ыалдьыт быһыытынан күндүлэнэн , үөрэ-көтө сэҥээрэн истэн кэллибит.

4 нүөмэрдээх Д.С. Спиридонов аатынан оскуола оҕолоро олус да кэрэхсибиллээхтик этэн- тыынан, туойан ыалдьыттар сэҥээриилэрин ыллылар 👏👏👏👍👍👍

Түмүгэр бары оһуокайдаатыбыт 👫👭👫👭
✊🏼🖐🏼🤞🏼

Саргылана Андреева
#помнимлюбимскорбим
#снежныйбарс
"Хорсунун иһин" уордьан кавалера Степан Руфов сырдык кэриэһигэр "Снежный барс" күрэххэ ханнык хамаанда кыайда?🌟🌟

🥇Дүллүкү
🥈Лиссиэй-интэринээт
🥉Хоро

Боротокуолу көр👍🏻

@ulusmedia
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
❗️ Прокуратура проводит проверку в детском саду села Мастах, где треснула стена

🔍 Прокуратура Кобяйского района организовала проверку по сообщениям информационных ресурсов об угрозе обрушения в здании дошкольного учреждения в селе Мастах.

Объект сдали в эксплуатацию в 2017 году, здание одноэтажное, с ленточным трубным фундаментом.

Прокуратура проанализирует соблюдение строительных норм, действия при приемке здания и обеспечение безопасности детей. По итогам проверки примут необходимые меры.

@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
😍 Нэһилиэктэр баһылыктарын сэбиэтин мунньаҕын ыыттыбыт.

Баһылыктарга бүгүҥҥү күҥҥэ туох ситиһиилэр баалларын, араас тутууларга үп-харчы көрүллээһинин туһунан сырдаттым.

Мунньахха баһылыктар нэһилиэктэригэр баар кыһалҕаларын этиннилэр.

Түмүккэ, баһылыктары Үөһээ Бүлүүбүт сайдарын, тупсарын туһугар биир өйүнэн, түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырдым.

#Мунньах
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👋🏻👋🏻👋🏻Күндү сурутааччыларбыт, улууспут "Үөһээ Бүлүү" хаһыатын сэҥээрээччилэрэ!

@Uohee_buluu14_bot телеграмм ханаалбыт ботугар бэйэҕит сонуннаргытын үллэстиэххитин сөп буолла! 👏🏻👏🏻👏🏻

Тэрилтэҕит, нэһилиэккит сонуннарын, интэриэһинэй хаартыскалары, видеолары ыытаргытын күүтэбит!

@uoheebuluu
Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү" pinned «👋🏻👋🏻👋🏻Күндү сурутааччыларбыт, улууспут "Үөһээ Бүлүү" хаһыатын сэҥээрээччилэрэ! @Uohee_buluu14_bot телеграмм ханаалбыт ботугар бэйэҕит сонуннаргытын үллэстиэххитин сөп буолла! 👏🏻👏🏻👏🏻 Тэрилтэҕит, нэһилиэккит сонуннарын, интэриэһинэй хаартыскалары, видеолары…»
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Николай Тарасов тылларыгар, Лазарь Филиппов мелодиятыгар
"Дойдукам барахсан Сургуулук" ырыанан үбүлүөйдээх көрсүһүүлэри түмүктүүбүт

Дьиримниир сулустаах халлааным
Саҕахтыын ыпсыһар быыһыгар,
Сургуулук - төрөөбүт алааһым,
Эн миигин кэтэһээр - биһиккэр.

Сындалҕан айантан сылайан
Илин бас сыырыттан түһэргэ
Сургуулук уоттара сандааран
Кэрэ да буоларыҥ, эбэккэм...

Билиини - көрүүнү батыһан,
Ыраата барарбын сайыһан,
Сургуулук киэһээҥи уоттара:
"Уолчааным, кэлээр," - дии хаалтара.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#күрэх #спорт

⭐️ Дьокуускай куоракка сервис технологическай техникумугар "Патриот" күрэх ааста.

Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьан сырдык тыыннарын толук уурбут Бүлүүтээҕи педагогическай колледж выпускниктара - Хотугу многоборьеҕа РФ, СӨ спордун маастара, "Эр санааланыы иһин" уордьан кавалера, "Патриот сүрэҕэ" Советскай Сойуус дьоруойа Федор Попов аатынан Бочуот бэлиэлээх Тарабукин Владислав уонна биһиги биир дойдулаахпыт, Дүллүкү нэһилиэгиттэн төрүттээх хотугу многоборьеҕа СӨ спордун маастара, "Хорсунун иһин" мэтээллээх, "Эр санааланыы иһин" уордьан кавалера Степан Руфов сырдык кэриэстэригэр анаммыт интеллектуальнай- военизированнай күрэххэ орто үөрэх кыраларыттан 11 хамаанда кыттыыны ылла.

Үөһээ Бүлүү улууһун бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылан, "дьоруой уолаттар сырдык ааттарын үйэтитэр ытык иэспит" диэн туран, тэрийээччилэргэ күрэхтэһиигэ кыттыбыт устудьуоннарга улуус дьаһалтатын аатыттан махтал тылларын тириэртэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM