Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
22.5K photos
4.4K videos
9 files
3.98K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ийэтыл #олоҥхо

⭐️ Оҕолорго - Олоҥхо күнэ

Бүгүн Кыырт Далыгар улахан балаҕаҥҥа оҕолор олоҥхо истэр күннэрэ үүннэ.

Д.С.Спиридонов аатынан 4- нүөмэрдээх орто оскуола "Удьуор утума" бырайыага бу оскуола саҥа дьиэҕэ киириэҕиттэн үлэлиир. Бүгүн Валентина Владимировна Семенова суруйбут "Куоппат-куойбат, куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр бухатыыр" олоҥхотун  Д.С.Спиридонов аатынан № 4 оскуола үөрэнээччилэрэ толороллор. Уос аһыллыытыгар тойук туойдулар.

"Олоҥхо - уус тыл, уран өй улуу айымньыта" кинигэ быыстапкатын О.Д.Федорова аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ туруорда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#помнимлюбимскорбим
В ВЕРХНЕВИЛЮЙСКЕ ПРОХОДИТ УЛУСНЫЙ ЭТАП ВОЕННО-СПОРТИВНОЙ ИГРЫ «СНЕЖНЫЙ БАРС-2024», ПОСВЯЩЕННОЙ ПАМЯТИ РУФОВА СТЕПАНА СТЕПАНОВИЧА КАВАЛЕРА «ОРДЕН МУЖЕСТВА»✊🏻💫
@ulusmedia
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Любовь к парню пройдет. Любовь к России не умрет никогда

#ZaРоссию
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Үөһээ Бүлүүлэр биир сүдү киһибит Лазарь Степанович Филиппов бүгүн киинэ түспүт, киһи буолбут, биһигин ыйаабыт төрөөбүт төрүт дойдутугар - суон сурахтаах Сургуулукка тиийдэ. Киэн туттар ытык киһилэрин Сургуулуктар күөх отунан хаамтаран, кырылыы сылдьар чороонноох кымыһынан, арыылаах алаадьынан, алгыс тылынан айхаллаан көрүстүлэр 👏👏👏

Лазарь Степанович төрөөбүт дойдутун салгынынан сайа тыынан, оҕо сылдьан колхоз бүппэт үлэтин быыһыгар оонньоон ааспыт, үөрэх үлүскэнигэр элбэхтэ хаампыт сирдэрин көрөн, дойдутун дьонун кытары ирэ- хоро кэпсэтэн күүстээх ахтылҕан алыбыгар куустарда

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Саха сирин суруйааччыларын сойууһа байыастарга бэлэх оҥордо

⭐️🪖 Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн көрсө Саха сирин суруйааччыларын сойууһа «Саллаакка, боотурга, көмүскээччигэ / Солдату, воину, защитнику» диэн ааттаах патриоттыы тыыннаах хоһоон хомуурунньугун икки тылынан таһаарда.

📖 Хомуурунньугу Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, поэт Рустам Каженкин түмэн оҥорбут.

@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахпыт #үбүлүөй

Лазарь Степанович бырааттыы Боескоровтар ааттарынан Сургуулук орто оскуолатын кэлэктиибин, оҕолору кытары көрүстэ.

Бу кэпсэтиигэ кини оҕо инники идэтин баҕаран туран сөпкө таба тайанан таллаҕына, баһылаатаҕына, соҕотох да киһи улахан хамсааһыны таһаарар улахан күүс буоларын, норуотугар элбэх туһаны аҕаларын туһунан чопчу бэлиэтээн эттэ.

Ону тэҥэ киһи сайдарыгар, саҥаны саҕалыырыгар хаһан да хойут буолбат. Киһи баарын тухары дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар туһаны аҕала, саҥаны айа - тута, чинчийэ, сайда сылдьыахтаах диэтэ.
Оҕолор бу көрсүһүүттэн элбэҕи ылыммыт буолуохтаахтар.

Салгыы Сургуулуктааҕы модельнай бибилэтиэкэҕэ үбүлүөйдээх үтүө - мааны киһибит кинигэтин быыстапката тардылынна, нэһилиэнньэни кытары истиҥ-иһирэх кэпсэтии саҕаланна 👍👍👍

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат