Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#muusustar

Бүгүн, "Муус устар" ыччат бэстибээлин чэрчитинэн, "Тайны якутских просторов" куонкурус ыытыллан эрэр.

Манна Дүллүкү эдэр ыччата дойдуларын кэрэ көстүүлэрин устубут видеоларынан кыттан эрэллэр.

Уолаттарга ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ! 🤞🤞🤞

@uoheebuluu
#суһалсигнал

Бүгүн сарсыарда Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн 5 км тэйиччи турар Чочу Күөлүгэр хотон умайбытын быыһаатылар.

Үөһээ Бүлүүтээҕи баһаары утары охсуһар этэрээт байыастара дьуһуурунай чааска иһитиннэрии киирээтин кытта тахсан, хотон муостата уокка былдьанан истэҕинэ умуруордулар. Ол эрэн, хомойуох иһин, хотоҥҥо турбут кыыл-сүөл буруоҕа тумнастан кыайан быыһаммата. Хотоҥҥо коза, куурусса, кус, хаас, кролик кыстаан турбуттара.

Үөһээ Бүлүү олохтооҕо Родион Егоров дьиэ кыылларын, көтөрү иитиинэн дьарыктаммыта балай эмэ буолла. Олохтоохтор контактнай зоопарк кэриэтэ тиийэн сайыҥҥы өттүгэр оҕолорун аралдьыталлара.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытын, биир дойдулаахпытын Борисов Джулустан Анатольевиһы кытта көрүстүбүт.

Көрсүһүүгэ Үөдүгэй нэһилиэгин, Андреевскай сэлиэнньэтигэр «Развитие физической культуры и спорта в РС(Я) на 2022-2024 годы»  диэн судаарыстыбынай бырагыраама иһинэн «Универсальный комплекс спортивных единоборств" тутуутун салгыы үбүлээһинин туһунан сиһилии кэпсэттибит.

Ону таһынан Үөһээ Бүлүү улууһугар дизелинэн заправкаланар техниканы метан газка көһөрүүгэ пилотнай бырайыак оҥорон саҕалыыры сүбэлэстибит.

Дьокуускай куоракка үлэлиир сырыыбыт салҕанар.


#ПравительствоРСЯ
#РабочаяПоездка
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
АО "Сахатранснефтегаз" генеральнай дириэктэрин, Ил Түмэн депутатын Алексей Засимович Колодезниковы кытта көрүстүбүт.

Бастатан туран, Бүлүү өрүс уҥуоргу өттүгэр сытар нэһилиэктэри газтааһыны ырыттыбыт. Бу үлэ кэлэр 5 сылга улуус сайдыытыгар туһуланар сүрүн сыал-сорук буолар, онон үбүлээһинин, үлэтин, бырайыагын тула кэпсэттибит.

Ону таһынан Социальнай газификация бырагырааматыгар кыттан, докумуоннаммыт уһаайбалар дьиэлэригэр, микрооройуоннарга күөх төлөн ситимэ босхо кэлээһинин быһаарыстыбыт.

Кэпсэтии түмүгэр Алексей Засимович Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтоохторуттан киирбит көрдөһүүгэ болҕомтотун ууран, 2024 сылга Егор Потапов уонна Амыдаев аатынан уулуссаларга уопсайа 5 ыалга күөх төлөн босхо киирэригэр 5 мөл. 200 тыһ. солкуобай үбү көрүөхпүт диэн биллэрдэ.

Инникитин "Сахатранснефтегаз" тэрилтэтин кытта Үөһээ Бүлүүгэ газтааһын үлэтигэр таһаарыылаахтык үлэлиэхпит диэн эрэнэбин.

Дьокуускай куоракка үлэлиир сырыыбыт салҕанар.


#Сахатранснефтегаз
#РабочаяПоездка
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
В селе Сунтар навестил родителей военнослужащего Анатолия Семенова.

Анатолий женат, воспитывает дочку. Родители Анатолий Васильевич и Матрена Иннокентьевна с теплотой рассказали о своем сыне, очень ждут его возвращения домой. Анатолий пошел по стопам отца, известного в селе печника и сейчас в зоне СВО изготавливает печи. "Сейчас он там старшина, не каждого им назначают",- с гордостью поделились они.

Благодарю Анатолия Васильевича и Матрену Иннокентьевну за воспитание настоящего патриота своей Родины! Желаю им крепкого здоровья, благополучия, а самое главное – скорейшего возвращения сына домой с победой!

#МыВместе

t.iss.one/aisen_nikolaev
Сегодня, т.е. 15 февраля 2024 года состоялась встреча главы с. Верхневилюйск Силигиянова Максима Филипповича с директором Якутского Регионального филиала АО «Россельхозбанк» Тимофеевым Василием Васильевичем также с его заместителями Огай Константином Иннокентьевичем, Николаевым Евгением Алексеевичем и с управляющим филиала АО «Россельхозбанк» в с. Верхневилюйск Никифоровым Павлом Степановичем. В ходе встречи были обсуждены комплекс предложений от АО «Россельхозбанк» по получению жителями села, ипотечного кредита по льготной процентной ставке, потребительского кредита на благоустройство домовладений, реализуемых в рамках Государственной программы «Комплексное развитие сельских территорий».
#сво #своихнебросаем

⭐️ "Дойдум тыына" сыах махтанар

"Тутуу Саха" ХЭТ тэрилтэҕэ үлэлиир бырааттарбар - салайааччытыгар Ньургун Викторовичка, Дмитрий Павловичка, Павел Павловичка, күтүөппэр Виктор Ньургуновичка уонна күүс-көмө буолбут дьоммутугар-сэргэбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Дьэ, дьиҥнээх таҥас быһар остуолламмыппытыттан олус үөрдүбүт, иистэнэрбитигэр олус табыгастаах буолла. Виктор Ньургунович алгыс тыла туоларыгар кыһаллыахпыт диэн эрэннэрэбит. Эр хоһуун уолаттарбытыгар сылаас, бөҕө, ардахтан, тымныыттан харыстыыр ичигэс таҥаһы, арчылыыр, араҥаччылыыр харысхаллаах, алгыстаах маллары тигэн, тэрийэн тиксэриэхпит.

"Дойдум тыына" анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар, хантыраагынан барар уолаттарбытыгар алгыстаах мөһөөччүгү тигэн тэрийэр сыах салайааччыта Васма Иванова уонна иистэнньэҥ ийэлэр, эбээлэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү олохтоохторо!
Саха сиригэр *"Оҕо саас сыла"* биллэриллибитинэн *О.Д.Федорова аатынан улуустааҕы киин модельнай библиотека* сылын аайы ыытар *"Кинигэтэ бэлэхтээ"* аахсыйаҕа кыттыһан, Үөһээ Бүлүү оҕо библиотекатыгар саҥа дьэрэкээн кинигэлэри бэлэхтииргитигэр ыҥырабыт.

Кинигэ бэлэххитин Олунньу ый 14 - Кулун тутар 31 күннэригэр Оҕо библиотекатыгар күүтэбит. Бараахап уул., 18 (киирии аан Олоҥхо дьиэтин өттүттэн)
#Маастаркылаас

И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолаҕа Ийэ тыл уонна сахалыы сурук-бичик нэдиэлэтин чэрчитинэн, бүгүн төрөппүттэр маастар-кылаас көрдөрдүлэр, сатабылларын үллэһиннилэр.

Ол курдук, ким баҕалаах сахалыы харысхал, туойтан оҥоһук, батик ньыматынан таҥаска уруһуй, оҕуруонан брошь оҥорон холоннулар уонна баттах кырыйарга үөрэннилэр.

Тэрээһин олус интэриэһинэйдик ааста. "Саха сатаабатаҕа суох" дииллэринии, кыттааччылар саҥаҕа-сонуҥҥа үөрэнэн астыннылар, үөрдүлэр-көттүлэр. Түмүккэ оскуола коллектива маастар-кылаас көрдөрбүт төрөппүттэргэ махтанан туран, бэйэлэрэ оҥорбут сувенирдарын бэлэхтээтилэр.

@uoheebuluu