Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Оҥхой

Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ (хамнас аҥарыгар үлэлиир) Антонина Алексеева үлэлииргэ усулуобуйа суоҕун, бэл компьютера, принтера көрүллүбэтэҕин этиннэ.

@ulusmedia
@uoheebuluu
#бырабыыталыстыбаотчуота
#Маҥаас

Улуус киэн туттар учуутала, учууталлар учууталлара Василий Саввин Газпром Саха сиригэр киллэрэр үбэ төһө буоларый, суолбут оҥоһуллуо дуо диэн ыйытта.


"Газпром" Саха сиригэр үлэлиир дьонун нолуогуттан 300 мөл курдук үп киирэр. Ону таһынан Чульмаҥҥа, Дьокуускайга улахан спортивнай эбийиэк, Алдаҥҥа, Мииринэйгэ эбийиэктэри туппута.
Саха сиригэр Газпром баарын тухары сир баайын туһанарын иһин төлөбүр инникитин да оҥоһуллуоҕа диэн быһаарда Владимир Сивцев .

Суол оҥоһуута Маҥааска диэри эһиил түмүктэниэҕэ диэбитин олохтоохтор ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Оҥхой
Олохтоох бэтэринээр Алексей Егоров тыа хаһаайыстыбатын тула санаатын кытаанахтык этиннэ.

Нэһилиэккэ собуот үлэлээбэт, дьон ынаҕын мэччитэ ыытар идэлэннэ, үүт туттарбат буоллулар, сүөһү хаһаайынын билбэт буолла диир.

Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан баҕалаах эдэр дьону Бырабыыталыстыба күүскэ өйөөн, чэпчэтиилээх тиэхиньикэнэн хааччыйыыга төһүү күүс, тирэх буолуохтаах диэн тоһоҕолоон эттэ.

Урукку кэмҥэ аҥардас үүт туттара кэллэххэ, нэһилиэк дьонун көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэр астык да буолара диэн хомолтотун биллэрдэ.

@ulusmedia
@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Оҥхой
Олохтоох нэһилиэнньэ байыаннай дьайыыга сылдьар, итиэннэ сураҕа суох сүппүт, билиэҥҥэ түбэспит уолаттарбытыгар туох өйөбүл, көмө баарын, үлэ хайдах барарын ыйытта.

СӨ Экономикатын миниистирэ Петр Попов бу ыйытыкка хоруйдаата.

@ulusmedia
@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыба
#Оҥхой

Бүгүҥҥү отчуот үөрүүлээх түгэнинэн түмүктэннэ, ол курдук үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы Прасковья Васильевна Ивановаҕа Үөрэх министиэристибэтиттэн Бочуотунай кырааматанан наҕараадаланна💐💐💐👏🏻

@ulusmedia
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Туобуйа

Бүгүн, олунньу 5 күнүгэр, Туобуйа нэһилиэгин "Сайдам" сынньалаҥ киинигэр Бырабыыталыстыба отчуота буолла. Отчуоту үп-харчы миниистирин солбуйааччы Николай Старостин ыытта.
Саал толору киһинэн туолла. Саамай сытыы боппуруостарынан - интэриниэт ситимэ, суол-иис, эбийиэктэри саҥардыы о.д.а. буоллулар.

Олохтоохтор уһуйаан , култуура киинин тутуутун туруорсаллар. Итиэннэ каадырдар тиийбэттэрин, ол иһигэр олохтоох балыыһаҕа, быраас суоҕун этиннилэр.

Сайын өттүгэр айан суола суоҕунан, салгынынан - бөртөлүөтүнэн айанныырга күһэллэллэр, онуоха рейс элбиирин олохтоохтор баҕараллар эбит.

Маны таһынан кыһыҥҥы суолу астарарга кыһалҕа баара ханна барыай. Маныаха предприниматель Владимир Лукин суолу анньарга ДТ-75 тыраахтыры туруоруста. Итиэннэ олохтоохтор бу суолу хааччыйарга олохтоох предпринимательга туттарыахтарын баҕаралларын этиннилэр.

Олохтоохтор олус көхтөөхтүк кытыннылар, кыһалҕалаах боппуруостарын этиннилэр.

@ulusmedia @uoheebuluu
#бырабыыталыстыбаотчуота
#Туобуйа

Көрсүһүү кэнниттэн Бырабыыталыстыба бөлөҕүн кыттыылаахтара олохтоохтору кытары биирдиилээн көрсөн кэпсэттилэр, интэриэһиргиир боппуруостарыгар хоруйдаатылар.

@uoheebuluu
#бырабыыталыстыбаотчуота
#Туобуйа

Отчуот түгэннэриттэн...

Үп-харчы миниистирин солбуйааччы Николай Старостин бэлиэтээн эппитинэн, "туобуйалар олус көхтөөхтөр, хас биирдии боппуруоска сүрэхтэринэн-быардарынан ыалдьаллара тута көстөр".

Манна киирбит боппуруостар улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар быһаарыллыахтаахтарын, маныаха бииргэ үлэлэһиэхпит диэн Николай Прокопьевич эттэ.

@uoheebuluu