Forwarded from НВК САХА
Бэчээт, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр ытыктабыллаах үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ!
Эһиги баар буолаҥҥыт дьон-сэргэ дойдубутугар, аан дойдуга барытыгар туох буола турарын билэр-көрөр, анаарар уонна тирээн турар кыһалҕаларга бэйэлэрин санааларын чопчулуур кыахтаахтар. Суруйан, дьиҥ олоҕу устан дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатар, иһитиннэриини тиэрдэр дьон – эһиги сабыдыалгыт олус күүстээх.
Тосту-туора сыаннастары биһиэхэ сыҥалыыр күүстэри кытта туруулаһар кэммитигэр уопсастыбаны сомоҕолуурга хас биирдии суруналыыс гражданин быһыытынан тус санаатын биллэрэрэ хаһааҥҥытааҕар да дьоһун суолталаах.
Байыаннай кэрэспэдьиэннэр кыргыһыы инники кирбиититтэн бэйэлэрин репортажтарыгар, суруйууларыгар Саха сирин буойуннарын сулууспаларын, хорсун быһыыларын туһунан тиһигин быспакка кэпсииллэрэ кыайыыга эрэлбитин бөҕөргөтөр. Кинилэр эмиэ буойуннар – барыларын кытта бииргэ, ардыгар олохторун толук ууралларын кэрэйбэккэ, кырдьык туһугар уонна барыбыт кэскилбит иһин охсуһаллар.
Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдарын туһугар дьоһун суолталаах үлэҕит иһин махталбын тиэрдэбин. Бу дьоро күн саха суруналыыстыкатын уонна бэчээтин үтүө үгэстэрин үксэтиигэ тус кылааккыт иһин бэтэрээннэргэ ытыктабылбын биллэрэбин.
Ис сүрэхпиттэн айымньылаах үлэни, бэриниилээх ааҕааччылары, истээччилэри уонна көрөөччүлэри, ситиһиилэри баҕарабын! Тус бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, эйэни, үтүөнү, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Дархана
Айсен Николаев
@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэчээткүнэ
⭐️ Быракаантан сылдьар Нам орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Айтал Иннокентьев интернакка олорон үөрэнэр.
"Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар Быракаан диэн тылы бэлиэтии көрөн сүрдээҕин үөрдэ, наһаа үчүгэй хаһыат эбит дии диэн баран хоһугар илдьэ баран, аанын саптан, доргуччу ааҕан барда.
Хаһыаты ааҕыҥ, таптааҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ❤️
Намтан сонуннарга анаан Надежда Мутуукаба
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
"Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар Быракаан диэн тылы бэлиэтии көрөн сүрдээҕин үөрдэ, наһаа үчүгэй хаһыат эбит дии диэн баран хоһугар илдьэ баран, аанын саптан, доргуччу ааҕан барда.
Хаһыаты ааҕыҥ, таптааҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ❤️
Намтан сонуннарга анаан Надежда Мутуукаба
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#спорт #оҕосаассыла
⭐️ Тымныы Моруос оҕонньор бирииһигэр көҥүл тустуу көбүөрэ
2013-2016 сылларга төрөөбүт оҕолор Моруос бирииһин иһин күрэхтэстилэр.
Кыайыылаахтар тустарынан сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыакка ааҕыаххыт.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
2013-2016 сылларга төрөөбүт оҕолор Моруос бирииһин иһин күрэхтэстилэр.
Кыайыылаахтар тустарынан сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыакка ааҕыаххыт.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#доруобуйамуннуга
“Доруобуйа харыстабыла” национальный бырайыак чэрчитинэн, Боотулуу врачебнай амбулаториятыгар саҥа суһал көмө массыынатын биэрии үөрүүлээх түгэнэ Дьокуускай куоракка буолла🥳
Саҥа көлө нэһилиэк ыарыһахтарыгар төһүү көмө буолуоҕа🙌🏻
Эҕэрдэлиибит👏🏻
@ulusmedia
@uoheebuluu

#хоро
Хоро нэһилиэгин участковай балыыһата 1964 сыллаах олус эргэ тутуу. Балыыһа өрүс уҥуор сытар 10 нэһилиэги бүтүннүү хааччыйар, ыарыһахтар хоно сытан эмтэнэн, доруобуйаларын бөҕөргөтүнэн бараллар.
"Земскэй доктор" бырагырааманан кэлэн үлэлии сылдьар уопуттаах быраас Василий Ксенофонтов түүннэри-күнүстэри ыарыһахтары көрөр-истэр, кыһанан эмтиир.
Күн бүгүн балыыһа 11 куойкалаах, туох-баар эминэн-томунан толору хааччыллан олорор.
Балыыһа тиэргэнигэр лаборатория үлэлиир, бары анаалыс миэстэтигэр оҥоһуллар.
Хоро дьоно-сэргэтэ саҥа балыыһа туруорсубуттара хас эмэ уонунан сыл буолла. Инникитин бу кыһалҕа быһаарыллыаҕар эрэниэххэ.