Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#баһылыкотчуота
#оҥхой

Улуус дьаһалтатын 2023 сыллаах үлэтин-хамнаһын отчуоттуур иккис бөлөх үлэтин Оҥхой нэһилиэгиттэн саҕалаата.

Бөлөҕү баһылык солбуйааччыта Александр Андреев салайар.


"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#оҥхой

Оскуолаҕа эбии үөрэхтээһин учуутала Мария Васильева Өксөкүлээх Өлөксөй Аһыкай алааһыгар барыы суола хаһан оҥоһуоллуоҕун туоһуласта.

Эппиэт: Суол өрөмүөнүгэр, оҥоруутугар үлэ барыаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыата
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#оҥхой

Оҥхой олохтооҕо Мария Константинова кытаанах бөҕү тиэйии, ол тула сөптөөх дьаһаныы тоҕо кыаллыбатын туоһуласта.


"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#оҥхой

Оскуола үлэһитэ Антонина Алексеева анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммутугар көмө харчы хомуйуутун бар дьоҥҥо отчуоттуулларыгар ирдэстэ.

Чуолкайдаан этэр буоллахха, 2022 сылга 4 мөлүйүөн 750 тыһыынча, 2023 сылга 2 мөлүйүөн 200 тыһыынча солкуобай үп-харчы хомуллубут.

Оҥхой нэһилиэгин олохтоохторо Бүлүү өрүһүн туоруур муоста, күөх төлөн киириитин, оскуола-саад тутуутун тула кэпсэттилэр, фельдшер штата аһаҕаһын эттилэр, итиэннэ отчуоту биһирииллэрин биллэрдилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#баһылыкотчуота
#оҥхой

2020 сыллаахха үлэҕэ киирбит элбэх фунцияны толорор култуура уонна спорт дьиэтэ ньиргиччи үлэлии турар👏🏻

Баараҕай эбийиэккэ кулууп, почта, ветеринария, ааҕар балаҕан, "Сатабыл", "Хотууна", "Оһуор", "Тэтим" түмсүүлэр, спорт саала, олохтоох дьаһалта тэрилтэлэрэ бииргэ түмсэн, таһаарыылаахтык үлэлии олороллорун астына көрдүбүт. Эбийиэк сылаас👍🏻

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат