Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.3K photos
4.39K videos
9 files
3.96K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#планерка

Үөрэх салалтатын начаалынньыга Спиридон Борбуев улууска үөрэх хаамыытын туһунан билиһиннэрдэ.

Тутулла турар Боотулуу орто оскуолатын үлэтин, төһө бэлэмнээҕин көрбүттэрин-истибиттэрин кэпсээтэ.

Бу ый 29 чыыһылатыгар диэри Саҥа дьыллааҕы утренниктар буолуохтара.

"Бүлүүтээҕи образовательнай форум" учууталлар форумнара буолан ааста. Манна учууталлар, иитээччилэр көхтөөхтүк кытыннылар.

Оскуолаларга хонтуруолунай үлэлэр ыытылла тураллар, управление үлэһиттэрэ маны сэргэ методическай көмөнү оҥороллор. Маҥаас, Хоро нэһилиэктэригэр сылдьыбыттара, бу нэдиэлэҕэ Дүллүкүгэ былааннанар.

ОРВИ, Ковид динамиката үрдүү турар, үгүс уһуйаан бөлөхтөрүнэн харантыыҥҥа бараллар.

Үөрэх тохсунньу 9 күнүттэн саҕаланар, "Инникигэ хардыы" НПК тохсунньу 5 күнүттэн буолар.

@uoheebuluu
#планерка

Ааспыт нэдиэлэҕэ Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо күрэхтэһии буолан ааста.

10 бастыҥ спортсмен ааттарын иһигэр биһиги биир дойдулаахтарбыт киирдилэр.

Покровскайга гиревиктар кыттан 3-с миэстэ буолан кэллилэр.

Бу ый 22 күнүгэр Чөмпүйүөннэр бааллара ыытыллара былааннанар.

Итиэннэ бэҕэһээҥҥи сонун - хапсаҕайдьыттарбыт өрөгөйдөөх кыайыыларын ытыс дохсун тыаһынан эҕэрдэлээтилэр.

@uoheebuluu
#планерка

Полиция майора Владислав Поскачин массыына уоруута элбээтэ диэн иһитиннэрдэ, ааспыт нэдиэлэҕэ маҕаһыыҥҥа тахсыбыт киһи массыынатын уорбуттарын туһунан эттэ.

Маныаха суоппардар массыыналаргытын хатыы сылдьыҥ диэн өссө төгүл сэрэттэ.

Улууска бэрээдэги бөҕөргөтүүгэ күн-түүн күүстээх үлэ бара турарын туһунан эттэ.

@uoheebuluu
#планерка

Үөһээ Бүлүүтээҕи быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Семен Миронов быыбар хаамыытын туһунан кэпсээтэ.

Бүгүҥҥү күн туругунан, биллэрин курдук, регистрацияны ааспыт икки кандидат - В.И.Алексеев уонна С.А.Михалев бааллар.

Ахсынньы 13 күнүгэр Н.Н.Николаев бэйэтин кандидатуратын туруорунна. Маны таһынан, быыбардыыр хамыыһыйаҕа үс баартыйа ("Биир ньыгыл Россия", "Родина", "Новые люди") бэйэлэрин кандидаттарын туруорар мунньахтарын туһунан иһитиннэрдилэр.

Сокуон ирдииринэн, туруорунуу ахсынньы 24 күнүгэр диэри бара турар.

@uoheebuluu
Только что съезд "Единой России" единогласно поддержал решение Владимира Владимировича Путина принять участие в выборах Президента РФ. "Единая Россия", как и весь многонациональный российский народ, уверена в нашем национальном лидере! Мы за Владимира Владимировича!

Вместе только вперёд!

#ЯкутияЗаПутина #Путин2024Якутия

t.iss.one/aisen_nikolaev
Көрүҥҥүтүүй, бу "Полярная звезда" сурунаал эрэдээктэрэ, суруналыыс Ираида Попова оҥорбут оонньуура 😍

Бу кыысчаан ийэлээх аҕата суруппут сурунаалларын ылан, салааскатыгар ууран баран, үөрэн-көтөн дьиэлээн иһэр быһыылаах 😅
🖋Олох баарын тухары хаһыат баар! 📰🗞💻
Ааспыт нэдиэлэҕэ “Үөһээ Бүлүү” хаһыат тэриллибитэ 80 сыллаах үбүлүөйэ буолан ааста. Биллэрин курдук, улуустар хаһыаттара “Саха бэчээт” тэрилтэҕэ киирэн, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, кумааҕынан тахсар хаһыаты сэргэ куйаар ситиминэн хото тахсаллар. Бар дьоммут өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн сонунун “Улуус медиаттан” сомсон ыла олороро баар суол. Аныгы олох тэтиминэн дьон хаһыаты суруттарыыта ханна да буоларын курдук мөлтөх. Ол гынан баран, ханна үлэ барар сиригэр көстүү оннук хобдох буолбатах. Холобурга эттэххэ, “Үөһээ Бүлүү” хаһыат күн бүгүн дьонугар-сэргэтигэр чугас.
Хаһыат аныгы туругун, сайдар саҕахтарын туһунан төгүрүк остуол тула олорон ирэ-хоро кэпсэттибит. Үбүлүөй чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһин улуус киин бибилэтиэкэтигэр буолла. Манна хаһыат бэриниилээх ааҕааччылара кэлэн санаа атастастылар. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр учуонай, историк, уопсастыбанньык Никита Деевич Архипов бэчээт эйгэтин тарбахха баттанар абыраллаах ааптара хаһыат хайа да кэмҥэ суолтата улаханын бэлиэтээн туран, дотация наадатын ыйда. Кини этиитин мустубут дьон бары өйөөтүлэр. Никита Деевич улуус хаһыата ис хоһооно баай, киһи болҕомтотун тардар, олох бары эйгэтин хабан сырдата олорор диир. Ийэ тылы хараанныырга күүскэ үлэлиирин тоһоҕолоон бэлиэтиир.
“Хаан-уруу хаһыатым” диэн киһи эрэ сүрэҕин ортотунан киирэрдии эппит уопсастыбаннай корреспондент, Мэйик олохтооҕо Владимир Федоров нэһилиэктэригэр биэс-алта эрэ ыал хаһыакка суруттарар диир. Дьон суруппат буолуутун төрүөтүнэн почта мөлтөх үлэтин ыйар. “Хаһыат мунньуллан баран биирдэ кэлэр, онон дьон суруттарбат буолла. Ол гынан баран, ботуруйуоттуу санааттан даҕаны улуус олохтоохторо хаһыакка суруттарыахтарын сөп этэ. Былыр үөрэҕэ суох дьон хаһыаты суруттарара дии. Дьиҥэр, хаһыаты аахтахха, киһи элбэҕи билэр, куйаар ситимигэр суох манна баар. Ону сатаан дьоҥҥо тиэрдиэххэ баара”, - диир хаһыат “Коммунизм сардаҥата” диэн ааттааҕыттан быһа суруттаран ааҕар, 43 сылы мэлдьи хаһыатын “подшивкалыыр” киһи.
Эдэр поэт Харыйалаах уола аҕата хаһыаты ытыктыырга, ааҕарга үөрэппитин бэлиэтиир. Үөрэҕэ суох тырахтарыыс киһи хаһыаты сыа-сым курдук тутан, мунньан иһэр этэ диэн ахтар. “Биһиги, оҕолор, хаһыаты хайытарбыт, марайдыырбыт көҥүллэммэт этэ. Аҕабыт дьиэ эркинигэр тигэн баран ыйаан турара. Оннук ытыктабыллаах сыһыаннаах этэ. Мин билигин хаһыаппар сурутабын, эмиэ аҕам курдук мунньан уурунан иһэбин. Хаһыат тыла – кырдьыктаах. Оскуола оҕолорун юнкор оҥостон, сыһыарыахха наада. Ааҕар көлүөнэни бэйэбит иитиэхтээхпит”, - диир эдэр суруйааччы, Дүллүкү кулуубун методиһа.
Мирнэй куоракка олохсуйан олорор Любовь Платонова үбүлүөй тэрээһинигэр анаан кэлбит. Кини үөрэммит “восьмилеткатын” учууталларын туһунан хаһыакка тиһигин быспакка суруйбута хайҕаллаах суол.
Төгүрүк остуолга мустубут дьон хаһыат сүтэр-симэлийэр анала суоҕун бэлиэтииллэр. Ол эрээри, былаас өттүттэн улуустар хаһыаттарыгар күттүөннээх өйөбүл наадатын ыйдылар.
Бу курдук кэскиллээх кэпсэтии буолан ааста Үөһээ Бүлүү хаһыат үбүлүөйүн чэрчитинэн. Билигин үлэлээн суһумнана сылдьар айар кэлэктиип үбүлүөйдэрин бэрт сэргэхтик, сонуннук, уратытык тэрийдэ. Бас эрэдээктэр Кристина Семенованы уонна бары суруналыыстары, тэхиниичэскэй үлэһиттэри өрөгөйдөөх үбүлүөйгүтүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибин! Хаһыат баар буолуо олох баарын тухары!
Үөһээ Бүлүү хаһыат тэриллибитэ 80 сыла!📰📰📰🖋🖋🖋
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#достиженияДФО
#5летразвитияДФО

Үөһээ Бүлүү улууһугар тыа хаһаайыстыбатын федеральнай бырагырааматынан быйыл чааһынай дьиэ тутуутугар 3 ыал субсидия
туһанна.
Ол курдук, Боотулууга, Тамалакаҥҥа, Харбалаахха тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар ыал дьиэ туттуутугар сөп кээмэйдээх өйөбүл ылан, саҥа дьиэҕэ киирии түбүгэр сылдьаллар.
Көмө субсидия кээмэйэ кырата суох, ол курдук Харбалаахтан
Альберт Васильевка 1 мөлүйүөн 275 тыһыынча 814 солкуобай, Боотулуу олохтооҕо Клавдия Саввиноваҕа 1 мөлүйүөн 623 тыһыынча 763 мөһөөх
солкуобай тигистэ. Тамалакаан нэһилиэгин эдэр ыала Готовцевтар 2 мөлүйүөн 693 тыһыынча 952 солкуобайы ылан, номнуо саҥа дьиэлэригэр киирэн олороллор.
Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар, сүөһү, сылгы иитиитин сайыннарар, дэлэтэр, тыа сиригэр олохсуйар дьоҥҥо бу дьоһуннаах бырагыраама улахан тирэх буолар👍🏻

@ulusmedia
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат