Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#планерка

Баһаартан сэрэхтээх буолуу туһунан иһитиннэриини улуустааҕы Баһаары утары охсуһар этэрээт салайааччыта Виктор Новиков оҥордо.

Быйылгы сылга 18 баһаар тахсыбыта бэлиэтэммит. 2022 сылга, тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, 14 этэ.

Чааһынай дьиэлэринэн 8863 киһи, элбэх квартиралаах дьиэлэргэ 794 киһи инструктаж иһиттэ. Баһаарынай сулууспа инструктордара 115 квартираны бэрэбиэркэлээтилэр, уопсайа 414 квартираҕа сылдьан дьиэ туругун көрдүлэр.

Баһаарынайдар атын быыһыыр, хонтуруоллуур уорганнары кытта кыттыгас 55 рейдэҕэ сырыттылар.

Инструктордар 91 ыалга буруо таҕыстаҕына тута баһаары сэрэтэн тыас-уус таһаарар 595 тэрили (АДПИ) туруордулар. Үс сыл устата улуус үрдүнэн уопсайа 1709 маннык тэрил турда.

Оскуолаларынан, оҕо уһуйааннарынан 7 тыһыынча кэриҥэ үлэһит сэрэтэр иһитиннэриини билсэн, инструктажка илии баттаата.

Нэһилиэктэринэн муниципальнай баһаары утары охсуһар 21 хамыыһыйа тэриллибитэ эрээри, профилактика үлэтин тэрийиилэрэ мөлтөх диэн Виктор Новиков бэлиэтээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус дьаһалтатын иһинэн үлэлиир биир кэлим диспетчер сулууспатын салайааччыта Владислав Адамов Бүлүү эбэ туругун туһунан иһитиннэрдэ:

- Өрүс мууһун халыҥа ортотунан 15 см халыҥаата. Сатыы дьоҥҥо туоруур суолларын устатын тухары бэлиэлэр анньыллан тураллар.

Таһаҕастаах дьону буран 200 солк., ону таһынан малларын кээмэйиттэн көрөн сыана быһаллар.

Сэтинньи 10 күнүттэн "Автодор" РИК үлэһиттэрэ мууһу халыҥатыы үлэтигэр тахсыахтара.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуустааҕы үөрэх салалтатын салайааччыта Спиридон Борбуев үөрэх тэрилтэлэрин үлэлэрин сырдатта.

Оскуолалар сэтинньи 6 күнүттэн үөрэхтэрин саҕалаабыттара. Күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр, тумуу элбэҕинэн сибээстээн, тохтотуллубуттара.

Нэһилиэк оскуолаларыттан улуус киинигэр көһөн киирии үгүс. Сокуоннай саастарын ситэ туола илик оҕолору эбээ, эһээ көрүүтүгэр туох да докумуона суох ыытан кэбиһэр үс түгэнэ бэлиэтэммитэ. Оҕону көрүү-иистии эппиэтинэһин сокуоннай бэрэстэбиитэлэ - төрөппүт сүгэрин умнуо суохтааххыт. Өр кэмҥэ аймахха көһөн баран олорор түгэнигэр сокуон быһыытынан оҥоһуллубут докумуоннаах буолуохтаах. Ол эбэтэр быстах кэмҥэ иитэ ылбытын туһунан докумуон.

Бу күннэргэ оскуолаларынан докумуон бэрэбиэркэтэ бара турар. Ону тэҥэ СӨ Үпкэ-харчыга министиэристибэтин бэрэбиэркэтэ ыытыллар.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр дохуоттара тиийбэт уонна маннык таһымнаах элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро оскуолаҕа ыспыраапкаҕа тирэҕирэн босхо аһыыллар этэ. Билигин оҕо босуобуйатын ылар дьиэ кэргэн эбии бас билэр баайдаах-дуоллаах буоллаҕына, бу ыспыраапкалаах араҥаттан тахсан биэрэр буоллулар. Маныаха босхо аһыыр оҕо ахсаана лаппа аҕыйыыр туруктаах. Оттон билигин алын кылаас оҕолоро итии аһылыгынан босхо хааччыллан олороллор.

Иккис чиэппэр - саамай кылгас үөрэх чиэппэрэ. Оҕолор сыаналарын хаачыстыбатыгар кыһаллан үлэлиэхтэрин наада.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Култуура уонна духуобунас департаменын салайааччыта Сардаана Ильинова култуура эйгэтин тэрээһиннэрин билиһиннэрдэ.

Бу ыйга, сэтинньи 17 күнүгэр Анна Петровна Иванова - Дмитриева 80 сааһын уонна сэтинньи 28 күнүгэр Кирилл Никонович Никифоров - Лөкөчөөн 85 сааһын туолар үбүлүөйдээх күннэрин бэлиэтиэхпит.

"Олоҥхону дьиэ кэргэнинэн ааҕыы" күрэҕэ биллэриллэн турар. Манна кыайыылаах аатын ылбыт дьиэ кэргэн Таатта улууһугар күрэхтэһэ барыаҕа.

Нэһилиэктэргэ сынньалаҥ кииннэрэ үлэлэрин саҕалаатылар.

"Субуота күн ыытыллыбыт "Дойдум тыына" аахсыйа кэнсиэргэ уопсайа 35500 солкуобай киирэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга таҥас-сап тигэн ыытар иистэнньэҥнэр түмсүүлэригэр көмө быһыытынан ананна," - диэн улуус баһылыгын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Люция Тойтонова иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска бэрээдэги, сокуону кэһии туругун туһунан ис дьыала отделын бэрээдэги кэһиини хонтуруоллуур салаа салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар 37 иһитиннэрии киирбит. Мантан
4-дэ чэпчэки өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ, чуолаан оҕолор халтарыйан охтон эчэйиилэрэ. 9 киһи төлөпүөн нөҥүө түөкүннэр угаайыларыгар киирэн биэрбит. Дьиэҕэ сокуоннайа суох өтөн киирии - 1, атын киһи аатын алдьатар сымыйа сурах-садьык иһин миэрэҕэ тардыллыы - 1 , уоруу - 1.

Административнай эппиэтинэскэ уопсайа 17 киһи тардыллыбыт. ГАИ сотрудниктара 80 боротокуолу толорбуттар, ол иһигэр 2 итирик туруктаах суоппар уруулга олорон тутуллан эппиэтинэскэ тардыллыбыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#5летразвитияДФО

⭐️ Всего за текущий год будет построено и реконструировано 6 котельных по всей республике.

Новые котельные позволят создать благоприятные условия проживания для жителей республики. Благодаря модернизации теплоисточников улучшится качество и надежность предоставляемых коммунальных услуг за счет снижения износа объектов, аварийности систем коммунальной инфраструктуры и повышения эффективности их работы.

Напомним, за последние пять лет построены и реконструированы 96 котельных, из них в 2022 году – 14, в 2023 году – 6.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔴Итоги всероссийского конкурса на лучшее путешествие «Дальний Восток – Земля приключений» 🔴

🏆 Гран-при и 3 млн рублей получил Антон Конобиевский, он отправился в 17-дневное одиночное путешествие на каяке по Приморскому краю!

Победители и призеры по номинациям:

👣 Номинация «Пешее путешествие»

1. Эрнест Леонидов, 7-дневный поход к вулканам: плоский Толбачик, Удина, Зимина, Камень, Безымянный и Ключевская сопка (Камчатский край).
2. Тимофей Харкевич, 8-дневный поход 9 подростков из Москвы вместе с педагогами к Мутновской ГеоТЭС через перевал Вилючинский и восхождение на кальдеру вулкана Мутновский, Камчатский край.
3. Ян Попов, 19-дневный поход по природному парку «Налычево», посещение окрестностей вулкана Плоский Толбачик, Камчатский край.

🌊«Водное путешествие»

1. Алиса Слыщенко, однодневный морской поход на паруснике по мысу «Зеленый», Камчатский край.
2. Никита Суханов, однодневный сплав по горной реке Бурятии — Иркут, Тункинский район.
2. Анна Васильева, 12-дневное путешествие на байдарках по краю Земли, по Берингову морю рядом с полярным кругом (Чукотка). Регион проживания — Санкт-Петербург.

(Два вторых места)

❄️Номинация «Зимнее путешествие»

1. Елена Поддубная, путешествие на велосипедах по зимнику в Тигиль, Камчатский край.
2. Дмитрий Панов, гонка на собачьих упряжках среди вулканов Камчатки.
3. Дугуйдан Винокуров, 40-дневная экспедиция на лошадях из Якутии в Магадан вдоль колымской трассы.

💪🏻Специальная номинация «Неограниченные возможности»

Евгений Иванов, 6-дневный поход вдоль Тонино-Анивского полуострова (Сахалинская область). Регион проживания — Москва.

🧒🏼Специальная номинация «Детское путешествие»

Аксинья Абрашина, 2-х дневный сплав по реке Сутырь вместе с отцом (Хабаровский край). Регион проживания — ЕАО.

Поздравляем! ❤️

Напомним, конкурс проводится по инициативе полпреда ДФО Юрия Трутнева
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Улуу Өктөөп бырааһынньыгынан эҕэрдэ🚩🚩🚩

Хоротооҕу "Хоросоо" көр-күлүү тыйаатырын артыыстара 🎭
@ulusmedia
@uoheebuluu
#Дапсыдьыктаана

⭐️ Михаил Петрович Алексеев - Дапсы 87 сааһын туолбут "Биһирэм тыл" күнүн чэрчитинэн Дапсы дьыктаанын суруйуута Үөдүгэй нэһилиэгин библиотекатыгар буолла.

Дьыктаан быйыл үһүс төгүлүн ыытылынна. Дьыктааны "Үөһээ Бүлүү" хаһыат корреспондена Мария Васильева аахта.

Добун суругу "Үөһээ Бүлүү" хаһыат менеджерэ Сардаана Андреева тутта. Кини биир да сыыһата суох дьыктааны суруйда.

@uoheebuluu
В системе банков Якутии были обнаружены поддельные банкноты

С января по сентябрь 2023 года выявили восемь пятитысячных и одну двухтысячную поддельных купюр.

❤️ @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха #үбүлүөй

Бүгүн Сургуулукка Быһыттаах диэн Эбэҕэ булчут бастыҥа, сонордьут сорсуннааҕа, СССР норуотун хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ситиһиилэрин иһин үрүҥ көмүс мэтээллээх чөмпүйүөн булчут Иван Иванович Иванов - Чыгыы Уйбаан 90 сааһынан улахан муҥха тэрилиннэ 👏👏👏🐟🐟🐟🐟🐟🐟🐟🐟🐟

Сылын ахсын нэһилиэнньэҕэ муҥха тэрийэн, кыстык балыгынан хааччыйар үтүөкэннээх киһибит Чыгыы Уйбаан үбүлүөйүнэн, саамай аҕа саастаах уонна саамай кыра саастаах муҥхаһыкка, муҥханы өрүү өрө тутар бастыҥ муҥхаһыттарга бириистэри туттарда👍👍👍🎁🎁🎁🎁🎁🎁
Ону тэҥэ, муҥхаҕа Чыгыы Уйбааҥҥа аналлаах викторина ыытылынна. Кыайыылаахха харчынан бирииһи туттарда.

Ытык киһибитин күөлүн иччитэ күндүлээн, бу күн муҥхаҕа кэлбит дьон төһө кууллаахтарынан көмүс хатырыктааҕы көтөҕөн, сүгэн бардылар 🐟🐟🐟🐟🐟🐟👏👏👏👏👏👏

Мантан киэһэ Сургуулукка Чыгыы Уйбаан оҕолоро нэһилиэнньэҕэ тапталлаах аҕаларын, эһэлэрин, хос эһэлэрин үбүлүөйүнэн бензопила уонна сыаналаах күлүүс наборун розыгрыш лотерея нөҥүө оонньотуохтара💫💫💫💫
#5летразвитияДФО

⭐️ За последние пять лет в республике построено и реконструировано 97 котельных общей суммарной мощностью 383,8 МВт. К центральному отоплению подключены 6 606 домов, из них наибольшее количество в Усть-Алданском, Амгинском и Таттинском районах. Повышение надежности теплоснабжения в Якутии продолжается.

Напомним - в России по поручению президента Владимира Путина с 2022 года действует программа модернизации коммунальной инфраструктуры, в этом году на ее реализацию направили 440 млрд рублей.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM