#СВО
⭐️ ХАТАНнар уолларын көрүстүлэр
Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтин иитиллээччитэ, "ХАТАН" бөлөх ударнига, "Ты Супер!" Арассыыйа таһымнаах телевизионнай күрэх лауреата Андрей Кириллин уоппускаҕа кэллэ.
Кини былырыын күһүн байыаннай дьайыыга бэбиэскэ тутан, дойдубут туһугар бастакы хомуурга хабыллан сулууспалыы барбыта. Разведкалыыр сүрүн управление анал этэрээтигэр сулууспалыы сылдьан атаҕар улахан бааһырыыны ылан, 27 хонуктаах сынньалаҥҥа дойдутугар эмтэнэ, чөлүгэр түһэ кэллэ. Бу иннинэ кинини Белгород куорат байыаннай госпиталыгар эмтээбиттэр.
"Мэйиккэ, дойдубар баран, сирбин алаадьынан аһатан, күүс-уох, сэниэ ылан барыам диир", - диэн кинини аэропортка көрсүбүт Үөһээ Бүлүү бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов кэпсээтэ.
Ону тэҥэ Андрейы аймахтара уонна дьиэ кэргэнин тэҥэ истиҥ сыһыаннаах "Хатан" бөлөҕүн музыкальнай салайааччыта Роман Кысылбаиков долгуйа көрүстүлэр.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Наша республика продолжает заботиться о своих бойцах, отправляя всё полезное и необходимое. На этот раз работники опорных пунктов доставили военнослужащим из Якутии машину, мотоциклы, прицепы, снаряжение и другие важные для бойцов вещи.
Благодарю всех, кто от души работает для того, чтобы вся помощь вовремя доставлялась до наших ребят! Вместе, одной большой командой, приближаем нашу Победу!
t.iss.one/aisen_nikolaev

#Үлэсыла
⭐️ Аҕам саастаахтарга болҕомто
Бүгүн Дүллүкүтээҕи сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ уонна эдэр ыччат Сүбэтэ Дүллүкү нэһилиэгин култууратын бочуоттаах бэтэрээнигэр Михаил Гаврильевич Чоросовка субуотунньукка таҕыстылар.
Өрөбүл күн диэбэккэ, лоп курдук сарсыарда 10 чааска мустан, мас хайытан, саһаан туруоран, биир чаас иһигэр үлэни үмүрүттүлэр.
Нэһилиэкпит аҕам саастаах дьонугар куруук күүс-көмө буолан, көрө-истэ сылдьыаххайыҥ.
Сонуннарга анаан Дарья Поротова, нэһилиэк дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Бүгүн Дүллүкүтээҕи сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ уонна эдэр ыччат Сүбэтэ Дүллүкү нэһилиэгин култууратын бочуоттаах бэтэрээнигэр Михаил Гаврильевич Чоросовка субуотунньукка таҕыстылар.
Өрөбүл күн диэбэккэ, лоп курдук сарсыарда 10 чааска мустан, мас хайытан, саһаан туруоран, биир чаас иһигэр үлэни үмүрүттүлэр.
Нэһилиэкпит аҕам саастаах дьонугар куруук күүс-көмө буолан, көрө-истэ сылдьыаххайыҥ.
Сонуннарга анаан Дарья Поротова, нэһилиэк дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#спорт
⭐️ Остуол тенниһэ
Бу кыргыттарбыт Саха Сиригэр остуол тенниһигэр кулуубунан күрэххэ 4 бүтэһик туурга тиийэн оонньуу сылдьаллар.
Хамаанда бу күрэххэ хара маҥнайгыттан барар-кэлэр ороскуоттарын үбүлүү сылдьар федерациябыт бэрэссэдээтэлигэр Ким Илья Игоревичка махтанабыт.
Өссө да остуол тенниһэ сайдарыгар бииргэ үлэлэһэ тураргар, тус бэйэҕэр доруобуйаны, үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.
Егор Николаев, улуустааҕы спорт управлениетын салайааччыта

Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from БОРБУЕВ (Борбуев)
Итоги заседания Верхневилюйского ТИК на должность главы МР «Верхневилюйский улус (район)»:
Михалев Семен Анатольевич, и.о. главы МР «Верхневилюйский улус (район)» - зарегистрирован в качестве кандидата;
Николаев Николай Николаевич, председатель улусного (районного) совета - зарегистрирован в качестве кандидата;
Алексеев Василий Иванович, депутат улусного (районного) совета - отказано в регистрации;
Николаев Валерий Валерьевич, глава МО «Кэнтикский наслег» - по собственному заявлению отказался от дальнейшего участия.
Быыбар туһунан сонуннары билсиҥ, подпискаланыҥ✅
Друзья, подписываемся на мой телеграмм канал https://t.iss.one/BORBUEV - Спиридон Борбуев

#СВО #своихнебросаем
⭐️ Байыастар ийэлэрэ уонна кэргэттэрэ торт астыырга үөрэннилэр
Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар уонна сулууспалыы сылдьан олохторун толук уурбут икки дьоруойга тэҥнээх уолаттар кэргэттэригэр уонна ийэлэригэр Норуот айымньытын киинэ торт астыырга үөрэхтээһини бэлэх уунна.
"Мы вместе" аахсыйа чэрчитинэн минньигэс уонна ураты кырасыабай көстүүлээх тортары оҥорор дьарыгын бэйэ дьыалата гынан тэриммит Алёна Чурукова маастар-кылааһыгар сырыттылар.
4 араас амтаннаах торду оҥорорго үөрэнэн, кэрэ аҥаардар олус сэргэхсийдилэр, саҥа дьарыкка үөрэммиттэриттэн дуоһуйан тарҕастылар.
Сонуннарга анаан Алена Босикова
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар уонна сулууспалыы сылдьан олохторун толук уурбут икки дьоруойга тэҥнээх уолаттар кэргэттэригэр уонна ийэлэригэр Норуот айымньытын киинэ торт астыырга үөрэхтээһини бэлэх уунна.
"Мы вместе" аахсыйа чэрчитинэн минньигэс уонна ураты кырасыабай көстүүлээх тортары оҥорор дьарыгын бэйэ дьыалата гынан тэриммит Алёна Чурукова маастар-кылааһыгар сырыттылар.
4 араас амтаннаах торду оҥорорго үөрэнэн, кэрэ аҥаардар олус сэргэхсийдилэр, саҥа дьарыкка үөрэммиттэриттэн дуоһуйан тарҕастылар.
Сонуннарга анаан Алена Босикова
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэҕирии
⭐️ Үөһээ Бүлүүтээҕи Техникум быйыл саас «Ориентирование на местности при решении служебных задач» куурус кэмигэр СӨ Быыһыыр сулууспатын кытта сөбүлэҥ түһэрсибитэ.
Маныаха Техникум устудьуоннара үөрэхтээһин бырагырааматын тэҥэ профессиональнай таһымнарын үрдэтэргэ көмө буолар атын туһааннаах тэрилтэлэр дисциплинэлэригэр үөрэнэллэригэр кыах биэрбитэ.
Күн бүгүн норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах быыһааччы Василий Константинович Павлов кэлэн баһаарынай байыас, быыһааччы уонна ойуур үлэһитэ идэлэргэ уһуйуллар ыччаттарга кэлэн 5 күннээх үөрэхтээһини ыытта.
Көрдүүр-быыһыыр үлэҕэ хайдах быһыылаахтык дьаһанан көрдөөһүн үлэтин ыытарга тус уопутугар сигэнэн олус туһалаах лиэксийэлэри аахта. Айылҕаҕа тахсан, практика өттүнэн көрдөрөн, баай билиититтэн бэрсэн устудьуоннары олус сэргэхситтэ.

#өйдөбүл
⭐️ Айыы Уолугар Дьокуускайга сквер арылларыгар көмөлөһүөҕүҥ!
Чаҕылхай сулус буолан сүүрбэччэ сыллааҕыта сандаара тыган ааспыт Александр Самсоновка-Айыы Уолугар тапталлаах ийэтэ оҕотун аатын үйэтитэн сылын ахсын ырыа күрэҕин ыытар, олорбут дьиэтигэр түмэл арыйбыт, хас да кинигэни таһаартарбыт, уулуссатыгар сквер туттарбыт саха мааны далбар-хотуна Марфа Иннокентьевна билигин Дьокуускайга ыччат тоҕуоруһар сиригэр, Октябрьскай уокурукка сир анатан пааматынньыктаах сквер туттараары тэринэр.
Манан сибээстээн ийэ барахсан үп мунньаары хас да аахсыйа-кэнсиэри тэрийдэ.
Онон Саша талааныгар сүгүрүйээччилэр, биир телеграмм-бөлөххө киирэн, Марфа Самсонова аатыгар ким төһөнү кыайарынан (Сбербаан) 89143005924 №-дээх төлөпүөнүгэр харчы уган дьоһун өйдөбүнньүк- стела эһиил ситэн-хотон тутулларыгар харчы эбэн көмөлөһүөҕүҥ. Үтүө дьыала олоххо киирдин!
https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/ajyy-uolugar-dokuuskajga-skver-aryllarygar-kemelehye5yn/
Людмила Аммосова, "Хаҥалас" хаһыат
@gazetahangalas
☑️Присоединяйтесь к нам в ватсап группу по ссылке⤵️
https://chat.whatsapp.com/ECbGSrmIJzuJylMcs2F2TP