Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.88K subscribers
22.2K photos
4.38K videos
9 files
3.9K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругунан туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын начальнигын солбуйааччыта, уопсастыбаннай бэрээдэк салаатын начальнига, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар 42 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит. Онтон 9-һа - эт-хаан эчэйиитэ, 3 - суол саахала, 1- сокуоннайа суох дьиэҕэ өтөн киирии, 3 - уоруу.

Нэдиэлэ устата 27 административнай боротокуол оҥоһуллубут. ГАИ сотрудниктара 71 ыстараап боротокуолун толорбуттар. Ол иһигэр биир итирик туруктаах суоппар уруулга олорон тутуллубут.

Дьуһуурунай чааска 2 итирик туруктаах киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
💵Банк России презентовал новые купюры в 1000 и 5000 рублей

На банкнотах поменялись достопримечательности, а цвет остался прежним.

Подробнее 👈

❤️ Подпишись 📣 Ваши новости
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Олоххо, үлэҕэ туох суоҕай?
14 саастарыттан үөһээ саастаах үөрэнээччилэргэ уонна улахан дьоҥҥо ыытыллар улуустааҕы күрэх балаһыанньата
Сүрүн балаһыанньата:
1. СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, журналист, фотокорреспондент, “Сэрии тулаайаҕа”, “Олоххо туох суоҕай?” о.д.а. кинигэлэр ааптардара Егор Афанасьевич Афанасьев- Кэпсэтээрэп 89 сылыгар уонна кини кынаттанан тахсыбыт, үлэлээбит, айбыт-туппут улууһун хаһыата төрүттэммитэ 80 сылыгар ананар.
2. Күрэҕи Е.А. Афанасьев оҕолоро уонна улуустааҕы “Үөһээ Бүлүү” хаһыат тэрийэллэр.
3. Күрэх өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Үлэ сылыгар ананар уонна тиэмэтэ бу тула барар: «Олоххо,үлэҕэ туох суоҕай?» үлэҕэ сылдьан араас киһини күллэрэр, сэргэхситэр түгэннэр баар буолаллар. Егор Афанасьевич хос аата да этэринии Кэпсэтээрэп диэн элбэх кэпсээннээх, сытыы тыллаах-өстөөх, дьээбэ- хообо аргыстаах. Кини сылдьарын тухары олоҕор, үлэтигэр буолбут көрүдьүөс түгэннэри кэпсии-ипсии, кэпсиир киһитин ис майгытын, тас дьүһүнүн ойуулуу-ойуулуу, быыһыгар күлэ-үөрэ сэһэргиирин үөлээннэхтэрэ бэркэ диэн өйдүүр, саныыр буолуохтаахтар. Ол иһин күрэхпитигэр эһиги олоххутугар, үлэҕитигэр, оскуолаҕа буолбут көрүдьүөс түгэннэри, үлэ киһитин, айымньылары литература араас жанрыгар (кэпсээн, очерк хоһоон о.д.а.) суруйаргытыгар ыҥырабыт.
4. Күрэх улуус иһинэн ыытыллар.

Күрэх сыала-соруга:
Күрэх сүрүн сыала – үлэни таптааһын, үлэттэн кынаттаныы, оҕолору, ыччаты үлэҕэ бэриниилээх буоларга иитии, Е.А. Афанасьев аатын үйэтитии.
Соруга - саҥа ааптардары арыйыы, үлэлэрин ааҕааччыга сырдатыы, көр-күлүү жанрын сөргүтүү.
Күрэх ыытыллар болдьоҕо:
Күрэх 2023 сыл балаҕан ыйын 22 күнүттэн сэтинньи 10 күнүгэр диэри ыытыллар. Күрэх түмүгэ улууспут хаһыатын үбүлүөйдээх тэрээһинигэр тахсыа.
Үлэлэри сэтинньи 10 күнүгэр диэри [email protected] аадырыска “Олоххо, үлэҕэ туох суоҕай? “ диэн бэлиэтээн баран ыытыҥ. Куонкуруска киирбит үлэлэр 2023 сыл устата улуус хаһыатыгар бэчээттэниэхтэрэ.
Кыттааччыларга ирдэбиллэр:
1. Күрэххэ 14 саастарыттан үөһээ дьон кытталлар;
2. Күрэххэ кыттыы босхо, төлөбүрэ суох;
3. Кыттар үлэ бу сылга (2023 с.) суруллубут уонна эрдэ ханнык да хаһыакка, интэриниэт ситимигэр тахсыбатах, бэчээттэммэтэх буолуохтаах;
4. Үлэ сахалыы тылынан суруллуохтаах;
5. Үлэ кээмэйэ хааччаҕа суох, ол эрээри 1 А4 лииһиттэн кылгас буолуо суохтаах.
6. Хас биирдии үлэ ааттанар. Үлэ аата, ааптар аата, толору сааһа, олорор нэһилиэгэ, оҕолорго оскуолата ыйыллыахтаах.
Күрэх түмүгэ:
Кыайыылаахтарга 1, 2, 3 үрдэл буолбуттарын туоһулуур диплом уонна харчынан бириэмийэ туттарыллар. Туспа буочардаах, бастыҥ суруйуулаах кыттааччыларга анал ааттар туттарыллыахтара. Кыттааччыларга кыттыбыттарын туһунан туоһу сурук бэриллэр.
Билсэр нүөмэргит 8-914-820-53-43.
#тылсүмэтэ

Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар "Тыыннаах литературнай тыл" ааҕыы күрэҕэ саҕаланна👍🏻👏🏻

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#тылсүмэтэ

Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуола үөрэнээччитэ Руслана Петрова.

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#тылсүмэтэ

Тамалакаан орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Эрсан Алексеев.

@uoheebuluu
#тылсүмэтэ

Проза ааҕыытын кыттыылаахтара👍🏻

@uoheebuluu