Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
21K photos
4.16K videos
9 files
3.65K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#планерка

⭐️⭐️⭐️ Узбекистан Хива куоратыгар ыытыллыбыт мас тардыһыытыгар Аан дойду чемпионатыгар 3 кыһыл көмүс уонна 1 үрүҥ көмүс мэтээлинэн аҕалбыт ааттаах-суоллаах мадьыныларбытын чиэстээтилэр.

Кыһыл көмүс мэтээл хаһаайыттара - Аан дойду чөмпүйүөннэрэАлександр Дмитриевка, Яна Захароваҕа, Наталья Черноградскаяҕа, бэтэрээннэргэ иккис миэстэни ылан, үрүҥ көмүс призер аатын ылбыт Гаврил Ботуевка улуус дьаһалтатын аатыттан 200 тыһ.солк. суумалаах сертификаттары Владимир Поскачин туттарда.

Эҕэрдэ тылы улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николаев Николаев эттэ. Улууска мас тардыһыытын федерациятын бэрэссэдээтэлэ, улуустааҕы Баһаарынай этэрээт салайааччыта Виктор Новиковка мас тардыһыытын көрүҥэ улууска сайдарыгар үгүс кылаатын, сыратын-сылбатын анаабытын сыаналаан, улуус баһылыгын аатыттан махтал суругу туттарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

⭐️ Хоро нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов Александр Дмитриевкэ аан дойду таһымнаах ситиһиитинэн эҕэрдэлээн туран, "Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо" үрдүк ааты иҥэрдэ.

Маны тэҥэ Хоро нэһилиэгин олохтоохторо биир дойдулаахтара Александр Дмитриев сүҥкэн ситиһиититтэн үөрэн туран, бэйэлэрин санааларыттан хомуйбут уу харчынан бэлэхтэрин нэһилиэк баһылыга туттарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

⭐️Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов Яна Захароваҕа нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэ суругу уонна 50 тыһ.солк.суумалаах сертификаты бэлэх уунна.

И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола дириэктэрэ Александр Поскачин Александр Дмитриевкэ бу оскуолаҕа үүнэр көлүөнэни иитиигэ үлэлиир учуутал, ону тэҥэ 8 оҕо амарах аҕата буоларын сыаналаан туран оскуола аатыттан бэйэтин сэмэй бэлэҕин туттарда.

Улуустааҕы Баһаарынай этэрээт салайааччыта Виктор Новиков Нам нэһилиэгин Баһаарынай чааһын үлэһитэ Гаврил Ботуевка улахан ситиһиитинэн эҕэрдэлээн туран, тэрилтэ аатыттан убаһа бирииһи бэлэх ууналларын туһунан иһитиннэрдэ.

Наталья Черноградскаяҕа улуустааҕы спорт управлениетын начальнига Егор Николаев Өргүөт нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан 30 тыһ.солк. суумалаах сертификаты туттарда. Наҕарааданы Наталья Черноградская эдьиийэ тутта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

⭐️ Улуус дьаһалтатын сүбэ-мунньаҕын Аан дойду чөмпүйүөннэрин чиэстиир үөрүүлээх чааһын үйэтитэр хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Спиридон Борбуев үөрэх эйгэтигэр үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэҕэ үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын аттестацията буолла. Бу ааспыт өрөбүллэргэ оскуолалар дириэктэрдэрэ, уһуйааннар сэбиэдиссэйдэрэ Трудовой учаастагар тахсан семинарга кытыннылар.

"Движение первых" оҕо хамсааһыныгар күүстээх үлэ күүтэр. ОГЭ күһүҥҥү туттарыыта бу нэдиэлэнэн түмүктэниэҕэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Сергей Иванов үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ:

Улуус үрдүнэн, билиҥҥи туругунан 13270 ынах сүөһү, 10609 сыспай сиэллээх баар. Саха ынахтарыттан 100-һэ быйыл Күүлэт учаастагар кыстыахтара.

Үүт туттарыытыгар бэриллибит былаан 2982 т эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 2194 т. туттарыллан, былаантан 73% туолбут.

Улууска бэриллибит от былаана 26 тыһ.туоннаҕа тэҥнэһэр. Билигин оттооһун былаана 98% тэҥнэстэ, ол эбэтэр 25632 т. от бэлэмнэммит. Быйыл, ааспыт сыллааҕыга тэҥнээх көрдөххө, от үүнүүтэ үчүгэй. Ааспыт сылга от хаачыстыбата мөлтөх этэ.

Маны тэҥэ сиилэһи хомуйууга 600 т. былаан быһыытынан бэриллибит эбит буоллаҕына, аҥаара туолбут. Оттон сенаһы бэлэмнээһин 70% тиийбит.

Хортуоппуй хомуура улуус үрдүнэн 60% тэҥнэстэ, хаппыыстаны быһыы 70% тиийэн турар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын начальнигынан солбуйааччыта, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ:

Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар уопсайа 44 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит. Мантан 5-һэ араас көрүҥнээх, чэпчэки өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ. Ону тэҥэ биир суол саахала бэлиэтэммит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

"Авиалесоохрана" тэрилтэтин салайааччыта Иннокентий Федоров Нэмиэһинньик территориятыгар балаҕан ыйын 14 күнүгэр эбэҕэ ууга былдьаммыт 2 үлэһиттэрин көрдүүллэригэр тэрилтэ салайааччыларыттан көмө көрдөөтө.

Тэрилтэлэр салайааччылара, үлэһиттэрэ ким туох кыахтааҕынан, ордук мотуор оттугар ороскуоту толуйарга харчынан, көрдөөһүҥҥэ баҕа өттүнэн кэлэр дьону аһатарга бородууктанан көмөлөһөргүтүгэр ыҥырабыт.

Авиалесоохрана тэрилтэтин салайааччыта Федоров Сергей Иннокентьевич төлөпүөнүн нүөмэрэ 89142667629

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Целая семейка лосей была замечена сегодня на Вилюйском тракте
@sakhahunter
Forwarded from #САХАТЫЛА400
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🔆"САХА ТЫЛА 400" хамсааһын челлендж биллэрэр👏🏻👏🏻👏🏻

Элбэх буолан кыттыһан хамсааһынна таһаарыахха💫

"Тоҕо саха тылынан саҥарабыный?"
"Сахалыы саҥарарым туох туһалааҕый?"

📱Бу иккиттэн бииригэр, эбэтэр иккиэннэригэр хоруйдаан 1 мүнүүтэлээх видеоролик устан ханнык баҕар социальнай ситимнэргэ #хэштег туруоран таһаараҕыт

ИРДЭБИЛЛЭР:
1️⃣Туруору устаҕыт.
2️⃣ 1 мүнүүтэлээх.
3️⃣ Бастаан ааккын, араспаанньаҕын уонна идэҕин ааттыыгын. Ол кэннэ сүрүн ыйытыыга хоруйдуугун.
4️⃣ Маннык хэштегтэри туруораҕыт:
#сахатыла400
#сахалыысаҥарыахха
#говоримпоякутски
5️⃣ Билэр дьоҥҥутугар бу челленджкэ кыттыһалларыгар ыҥыраргыт биһирэнэр.

ДЬОКУУСКАЙ КУОРАТ 400 СААҺЫГАР ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛБЫТ ЧӨЛ ТУРУКТААХ БУОЛАРЫН СИТИҺИЭХХЭ!