#дьаарбаҥка #оскуолаттан
🏃♂️ Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуолаҕа бүгүн күһүҥҥү атыы-эргиэн дьаарбаҥката сүрдээх күргүөмнээхтик тэриллэн ыытылынна.
Оскуола аактабай уонна спортивнай саалатын былаһын тухары атыы-кутуу бэрт хамаҕатык барда. Манна туох суоҕай? Булт аһыттан мааныта, оҕуруот аһын эриэккэһэ, минньигэһэ дэлэйдик тардыллан, оҕолор да, учууталлар да астына атыыластылар. Оҕолор барахсаттар аҕалбыт астарын бэйэлэрэ атыылаан, дохуот киллэринэн астыннылар, үөрдүлэр.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, "Төлкө" Ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Дмитрий Кононов санаатын үллэстэр.
#үөһээбүлүүхаһыат
#үөһээбүлүүхаһыат
Дөлөкөй алааһыгар Харбалаах дьоно-сэргэтэ сахалыы минньигэстик аһаттылар👍🏻👏🏻
#тэрээһин #педагогуоннауһуйааччысыла
⭐️ "ҮС КӨЛҮӨНЭ КЭРЭ ЭЙГЭҔЭ"
Балаҕан ыйын 16 күнүгэр олус истиҥ, долгутуулаах, соһуччу үөрүүлээх Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар туһуламмыт, Н.И.Бойлохов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи Оҕо искусствотын оскуолатыгар ыытыллыбыт умнуллубат кэрэ-бэлиэ "ҮС КӨЛҮӨНЭ КЭРЭ ЭЙГЭҔЭ" тэрээһин саалаҕа кэлбит үөрэнээччилэри, эдэр уонна өр кэмнэргэ сыралаахтык үлэлээбит учууталлары ураты иэйиинэн кууста, умнуллубат түгэни тосхойдо.
Улууска аан бастаан домра курдук бүтүн аркыастырга ураты тыыны биэрэр аналлаах домра үнүстүрүмүөн кылааһын аан бастаан арыйан үгүс ыччат кэрэ эйгэҕэ сыстарыгар, сайдарыгар олук уурбут, күн бүгүҥҥэ диэри ыччат дьоҥҥо үтүө сүбэтин, муудараһын, дириҥ билиитин-көрүүтүн аныы сылдьар киһинэн Татьяна Даниловна СПИРИДОНОВА буолар.
Кини үөрэппит такайбыт, домраҕа үөрэнэригэр тылын ылыннарбыт үөрэнээччитэ Марта Анатольевна ТОНОЕВА билигин баай уопуттаах, үрдүк категориялаах учуутал, "Барҕарыы" Фонда стипендиата, СР культуратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ. Кини домраҕа Бүлүүтээҕи М.Н.Жирков аатынан Оҕо искусствотын оскуолатыгар үлэлиир сылларыгар уһуйбут бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ, билигин С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын иһинэн айымньылаахтык үлэлиир Саха аркыастырын солистката Инна Александровна СКРЫБЫКИНА бу долгутуулаах тэрээһиҥҥэ тус бэйэлэрэ музыка эйгэтигэр хайдах тиийэн кэлбиттэрин, үөрэммит кэмнэригэр уһуйбут учууталларын олус истиҥник ахтан-санаан аастылар, санааларын үллэһиннилэр.
Көрөөччүлэргэ анаан Марта Анатольевна бастакы үөрэнээччитинээн Инна Скрыбыкиналыын Н.Будашкин "Родные просторы" айымньытын домраҕа толороннор истээччи дохсун ытыс тыаһын ыллыллар. Маны таһынан, Инна СКРЫБЫКИНА аатырбыт скрипач Линдси Стирлинг "Бегство" айымньытын домраҕа оонньоон көрөөччү биһирэбилин ылла.
Салгыытын комментарийга киирэн ааҕыҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️